«Уһук Илин» литературнай бириэмийэ: кыайыылаахтар ааттара ахсынньыга биллиэҕэ

Share

2023-2024 сс. сезоҥҥа В.К.Арсеньев аатынан «Уһук Илин» литературнай бириэмийэ номинаннарын  кылгас испииһэгэр тоҕус айымньы киирдэ. Кыайыылаахтары ахсынньы саҥатыгар биллэрэллэр.

Хас биирдии номинацияҕа үстүү айымньы талыллыбыт. «Уһун проза» номинацияҕа «Алмазными гранями» Вячеслав Нескромных, Михаил Калашников «Челюскин» айымньынан уонна Амир Хисамутдинов «Путеводная звезда привела меня во Владивосток» кинигэнэн киирбиттэр.

«Кылгас проза» номинацияҕа претенденнэр — Вячеслав Нескромных «Казус мнимого величия», Григорий Кубатьян «Слово мужика. Старик и чудище» уонна Петр Цыбулькин «Собачьи тайны».

«Оҕо прозата» номинацияҕа Лев Сысоров «Приключения Тимофея в удивительных мирах. Физика и химия», Елена Панюхина «Экспедиция на вырост», Алла уонна Яна Джан-Ша «Здравствуйте, дерево» киирбиттэр.

Арсеньев аатынан «Уһук Илин» Бүтүн Арассыыйатааҕы литературнай бириэмийэ 2018 сылтан, РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн уонна өйөбүлүнэн ыытыллар. Бу айанньыт, географ, этнограф, суруйааччы, Уһук Илини үөрэтиигэ уонна сайыннарыыга кылаатын киллэрсибит Владимир Арсеньев аатын сүгэр. Алта сезон устатыгар Арассыыйа 25 субъегыттан уопсайа 500-тэн тахса сайаапка суруйааччылартан киирбитэ бэлиэтэнэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү иниспиэктэрдэрэ Бүлүү өрүһүнэн айанныырга сэрэтэр үлэни ыыталлар

Үөһээ Бүлүү улууһун судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү иниспиэксийэтэ ЫБММ ГИМС иниспиэктэрдэрин кытары бииргэ «Куттала суох…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сэтинньи 21 күнүгэр хайдах халлаан турда?

Бүгүн эһиэхэ халлаан хайдаҕый? Былыттаах дуу, күннээх дуу? Бүгүҥҥү күнүнэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри турар…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Солоҕоҥҥо саҥа арыы сыаҕа аһылынна

Бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр саҥа арыы сыаҕа арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.…

1 час ago
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кэмигэр психологтар үлэлэрэ ураты суолталаах

Психологтар өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарын чэрчитинэн нэдиэлэни быһа Саха сиригэр араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Дьокуускайдааҕы психологическай киин улуустарга…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Харбалаахха олоҥхо ыйыгар аналлаах тэрээһиннэр саҕаланнылар

Сэтинньи 18 күнүгэр И.В. Николаев аатынан Сынньалаҥ киинигэр  "Олоҥхо ыйын" арыйар тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл иннинэ алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ күүтэр

Госдуумаҕа Саҥа дьыл иннинээҕи алта үлэ күннээх нэдиэлэ оннунан хаалар диэн иһитиннэрдилэр. Бу иннинэ ахсынньы…

1 час ago