Салгыы
Валентина Алексеева: “Стресс уоҕун-күүһүн туһалаахтык сүрүннүөххэ сөп”

Валентина Алексеева: “Стресс уоҕун-күүһүн туһалаахтык сүрүннүөххэ сөп”

04.11.2023, 17:00
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Стресс туһунан билии-көрүү  аан дойдутааҕы нэдиэлэтин чэрчитинэн, Саха сиригэр дууһа нус-хас буоларын  харыстааһын нэдиэлэтэ саҕаланна. Нэдиэлэ сүрүн соругунан бэйэ уйулҕатыгар кыһамньы суолтатыгар болҕомтону тардыы уонна күннээҕи олоххо стреһи кытта сибээстээх түбэлтэлэргэ  түбэһэр дьону араас өттүнэн өйөөһүн буолар.

Психоневрология Саха сиринээҕи  диспансерын психиатр-бырааһа Валентина Алексеева  стресстэн хайдах сөпкө тахсар туһунан сүбэлиир.

-Стресс кэмигэр киһиэхэ адреналин, дофамин уонна кортизол элбэх гормона хааҥҥа быраҕылларыттан сылтаан,  киһи уоҕа-күүһэ (энергията) күүһүрэр. Ол уоҕу-күүһү туһалаахтык сүрүннүөххэ сөп.

Холобур, хаар күрдьэн, атах таҥаһын ыраастаан уо.д.а. Киһи стресс гормоннарын былчыҥ нөҥүө уонна эт-сиин үлэтин көмөтүнэн  таһаарара туһалаах.

Ити кэмҥэ бэйэ доруобуйатынан дьарыктанар кэм оруобуна кэлэн биэрэр. Онуоха-

— Бастатан туран, 8 чаастан итэҕэһэ суох кэм устата кытаанахтык утуйуллар;

-Иккиһинэн, аһылык эрэһиимэ тутуһуллар;

— Үсүһүнэн белок сөптөөх кээмэйэ организмҥа киириэхтээх уонна түргэн углеводтар ахсааннара аҕыйыахтаах.

— Төрдүһүнэн, үөскээбит балаһыанньаны хайдах баарынан сыаналаныллар;

-Бэсиһинэн, күүһүҥ-уоҕуҥ күүһүрэр кэмигэр эт-сиин хамсаныытын эрэйэр үлэнэн дьарыктаныллар. Бу стреһи утары охсуһарга улаханнык көмөлөһөр.

Стресс кэмигэр “мин  туохтан эрэ куттанарым уонна долгуйарым сөп” диэн билинии олус суолталаах. Оччоҕуна баар балаһыанньаттан тахсар судургу уонна чэпчэки. Ити көмөлөспөт буоллаҕына, исписэлиистэр сүбэлэрин-амаларын истиэххэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: