“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
АЛГЫҺЫМ ТИИЙИЭХТИН!
Арҕааҥҥы дойдулар
Аҥаардастыы айбардаары
Арассыыйаны атааннаан,
Араас сааҥсыйанан киирэн
Арахпакка буулаатылар,
Аныгы сэрии иэдээнин
Адаҕыйан аҕаллылар,
Аймалҕаны таһаардылар.
Эдэр чэгиэн ыччаттарбыт,
Аҕам саастаах эр дьоммут
Ыҥырыыны ылынан,
Сорохторо тылланан,
Дойдуларын көмүскээн,
Саа-саадах тутаннар,
Алаһа дьиэлэрин хаалларан,
Айан суолун туттулар.
Аҕа-ийэ уоллара,
Таптыыр кэргэн, оҕо-уруу
Дурда-хахха киһилэрэ
Тахсан барар. Ыарахан.
Сураҕа, онно иэдээн,
Өлүү-сүтүү буолунай,
Өстөөх кимэн киирэрин
Туруулаһар күчүмэҕэй.
Аныгы сэрии дьиктитэ:
Көтө сылдьар дуруоннар,
Киһитэ суох сөмөлүөттэр —
Өрөөбөккө киирсэллэр.
Биһи ньургун боотурдарбыт
Уоттаах инники кирбиигэ
Куттанары билбэккэ,
Кыайыыны чугаһаталлар.
Саха уола барахсан,
«Саалаахтан самныма,
Охтоохтон охтума!»
Алгыһым тиийиэхтин!
Олоҥхо бухатыырыныы
Кыайан-хотон, тутум үрдээн,
Дойдугар, Сахаҥ сиригэр,
Төннөн кэлиэҥ, эрэнэбин!
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038