Салгыы
Валентина Комиссарова — Күлүмүрэ: «Эр бэрдэ, эн төнүн»

Валентина Комиссарова — Күлүмүрэ: «Эр бэрдэ, эн төнүн»

Ааптар:
24.10.2022, 13:26
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 43-с кыттааччыта Дьокуускайтан  Валентина Иннокентьевна Комиссарова — Күлүмүрэ:

ЭР БЭРДЭ, ЭН ТӨНҮН

Ийэлэр сүрэхпит чопчутун

Саралыы хааннаата аймалҕан,

Бу бааспыт ол айдаан тоҕотун

Аһыйа ырытар абаран.

Күн диэки көтүтэ уунаммыт,

Тапталга суулаабыт уолчааммыт

Дьэ,  тоҕо хаан-силик аргыстаах

Кый ыраах сэймэккэ кыттыахтаах?

Сааһырар кэмнэргэ эрэлбит,

Дьолунан толорор кэскилбит

Модьоҕо бэлиэни атыллаан,

Дьэ, тоҕо барыахтаах былдьанан?

Ол эрэн… ким уонна көмүскүөй

Дойдубут эйэлээх олоҕун?…

Ким уонна мэктиэлии үөскэтиэй

Сиэннэрбит дьоллорун тускутун?..

Буойун уол, күн ийэҥ таптала

Куйахтаах харысхал иҥэрдин,

Аал Луук Мас үйэлээх лабаата

Эн куккун көмүскүү чэлгийдин!

Күн күбэй ийэккэҥ барахсан

Көмүскэ ууларын хаһыйыа,

Сүрэҕэ, ханна да буолларгын,

Сулустуу үрдүгэр сыдьаайыа.

Өбүгэҥ хорсуна тилиннин,

Манчаары килбиэнэ сирдээтин,

Эр бэрдэ, дьол, кыайыы көтөллөөх,

Эн төнүн чиҥ, бигэ үктэллээх.

Сидьиҥ үөр күдэҥҥэ көтүөхтүн,

Сир Ийэ чөлүгэр түһүөхтүн,

Өрөгөй чорооно күөрэйдин,

Эйэ-дьол тойуга эйээрдин!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: