Валентина Матвиенко: “Михаил Николаев Арассыыйа патриотун быһыытынан олус элбэҕи үлэлээн барда”
Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бу олохтон туораабытынан кини аймахтарыгар, Саха сирин дьонугар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.
Валентина Ивановна Михаил Николаев ханна да тиийдэр дьон-сэргэ дириҥ ытыктабылын, убаастабылын ыларын иһитиннэрэн туран, кини Саха сирин эрэ сайдыытыгар буолбакка Арассыыйа атаҕар туруутугар улахан кылаатын киллэрсибитин бэлиэтээтэ.
— Михаил Ефимович бэйэтин Сахатын сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа судаарыстыбаннаһа атаҕар туруутугар дириҥ кылаатын киллэрсибит киһибит. Парламентаризм, сокуон эйгэтэ сайдарыгар олус элбэҕи оҥорон барда. Михаил Николаев дьонугар-сэргэтигэр куруутун өйөбүл, дурда-хахха буола сылдьыбыта. Биир дойдулаахтара эрэ буолбакка кинини билэр дьон бары олус убаастыыллар, ытыктыыллар. Михаил Ефимович айылҕаттан бэриллибит муударай өйдөөх-санаалаах, кини көрүүтэ хаһан баҕарар ураты уонна киэҥ буолааччы, ис сүрэҕиттэн дьонум-сэргэм, норуотум туһа диэн үлэлиирэ-хамсыыра. Биһиги кинини Арассыыйа дьиҥнээх патриотун быһыытынан өрүүтүн өйдүү-саныы сылдьыахпыт, — диэн иһитиннэрэр Валентина Матвиенко Ил Дархан Айсен Николаев аатыгар ыыппыт телеграмматыгар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: