Валентина Матвиенко: “Михаил Николаев Арассыыйа патриотун быһыытынан олус элбэҕи үлэлээн барда”

Share

Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бу олохтон туораабытынан кини аймахтарыгар, Саха сирин дьонугар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.

Валентина Ивановна Михаил Николаев ханна да тиийдэр дьон-сэргэ дириҥ ытыктабылын, убаастабылын ыларын иһитиннэрэн туран, кини Саха сирин эрэ сайдыытыгар буолбакка Арассыыйа атаҕар туруутугар улахан кылаатын киллэрсибитин бэлиэтээтэ.

Михаил Ефимович бэйэтин Сахатын сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа судаарыстыбаннаһа атаҕар туруутугар дириҥ кылаатын киллэрсибит киһибит. Парламентаризм, сокуон эйгэтэ сайдарыгар олус элбэҕи оҥорон барда. Михаил Николаев дьонугар-сэргэтигэр куруутун өйөбүл, дурда-хахха буола сылдьыбыта. Биир дойдулаахтара эрэ буолбакка кинини билэр дьон бары олус убаастыыллар, ытыктыыллар. Михаил Ефимович айылҕаттан бэриллибит муударай өйдөөх-санаалаах, кини көрүүтэ хаһан баҕарар ураты уонна киэҥ буолааччы, ис сүрэҕиттэн дьонум-сэргэм, норуотум туһа диэн үлэлиирэ-хамсыыра. Биһиги кинини Арассыыйа дьиҥнээх патриотун быһыытынан өрүүтүн өйдүү-саныы сылдьыахпыт, — диэн иһитиннэрэр Валентина Матвиенко Ил Дархан Айсен Николаев аатыгар ыыппыт телеграмматыгар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

17 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

19 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

48 минут ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago