Бэҕэһээ Владимир Путин Арассыыйа бэрэсидьиэнин эһиилги быыбарыгар кыттыаҕын туһунан иһитиннэрдэ. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко быыбарга Владимир Путин кандидатуратын өйүүрүн биллэрдэ.
“Биһиги бэрэсидьиэммит норуотун иннигэр эппиэтинэһин хайа да түгэҥҥэ умнубатаҕа. Бу бүгүн итини эмиэ өссө төгүл дакаастаата. Улахан уларыйыылар-тэлэрийиилэр буола турар кэмнэригэр норуотун, дойдутун интэриэһин көрөр быһаарыныыны ылынна. Мин санаабар, бу быһаарыныытын кини норуотун, дьонун-сэргэтин санаатыгар олоҕуран ылыммыт буолуохтаах”, — диэн иһитиннэрэр Валентина Ивановна бэйэтин “Телеграм” ханаалыгар.
Кини бэлиэтииринэн, Владимир Путин бу иһитиннэриитэ үгүс ыйытыыга хоруйу биэрэр.
— Владимир Владимирович бу быһаарыныытынан Арассыыйа салгыы социальнай, сувереннай, күүстээх, кыахтаах судаарыстыба быһыытынан сайдан барарыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ эрэли сахта. Ону сэргэ үгүс ыйытыыга хоруйу биэрдэ, — диэн этэр спикер.
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…