“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Эргиллэн кэлээриҥ
Күһүҥҥү былыттаах халлаан
Тугу эрэ сэрэйбиттии,
Хараҥара өһүөрэн
Турда өһө дьиппиэрэн.
Луганскай, Донецкай, Херсон, Запорожье…
Дэлби тэптэрии, кутаа уот…
Эмискэ этиҥ эппитинии,
«Быстах хомуур» буолбут диэн,
Бэбиэскэ туттарыы туһунан
Ыар сурах тилэри сүүрдэ.
Эдэр дьоммут, оҕолорбут
Ийэ дойдуларыттан арахсаннар
Алтынньы маҥнайгы күнүгэр
Икки тыһыынча сүүрбэ икки сылга
Соһуччу бэбиэскэ тутаннар,
Дьон-норуот көҥүлүн көмүскүү
Бойобуой похуокка бардылар.
Ийэ иһигэр сылдьар оҕо…
Таптыыр кэргэн…
Кырдьаҕас ийэлээх аҕа…
Сыһыыга сылдьар сылгы, ынах…
Тэлгэһэҕэ киирбэтэх саһаан…
Тутулла турар дьиэ…
Барыта туран хааллылар.
«Барыта Кыайыы иһин!» диэн,
Сүүһүнэн мөлүйүөн сүрэҕэ түмүллэр,
Эбэлэр ,ийэлэр, эдьиийдэр,
«Эмтээх мөһөөччүк», сылаас таҥас…
Кичэллээхтик тигиллэр,
Сылаастара сойбокко
Суһал көмөнөн тиэрдиллэр.
Тиис-тиискэ, хаан-хааҥҥа
Кырыктаах охсуһуу уотугар
Көҥүл, дьол, эйэ туһугар
Күүскүтүн харыстаабакка
Ийэ дойдугут туһугар
Түһэн биэрбэккэ охсуһуҥ,
Эһиги хайаан да кыайыаххыт!
«Балык ыамнаах, киһи күннээх»
Үрүҥ тыыны өллөйдүур
Биһиги Үрүҥ Уоланнарбыт,
Биһиги Ньургун Боотурдарбыт
Ытык иэскитин төлөөҥҥүт
Кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ
Эргиллэн кэлээриҥ, күүтүөхпүт!
Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит…
Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх “Кыайыы туһугар бииргэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа мунньаҕар, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар…
Ааспыт нэдиэлэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх кыһатын мэдиссиинэ институтун бэрэстэбиитэллэрэ үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри, педагогтары…
Айсен Николаев Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун…
ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэни кытта холбоммут быһа сибээс кэмигэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ улахан болҕомтону…