Мэдиссиинэ билимин дуоктара, суруйааччы, суруналыыс Валериан Парфеньевич Николаев:
— Михаил Ефимович Николаев “Я вечно буду благодарен своему народу” диэн эппит этиитэ баар. Кини бу этиитин эргитэн, кэҥэтэн толкуйдаатахха, мин санаабар, Саха сирин олохтоохторо омугутуттан тутулуга суох төттөрүтүн үйэлэр тухары Михаил Ефимовичка махтаналлар, инникитин даҕаны махтана ахтыахтара. Кини оҥорбут өҥөтө кэлэр кэмнэргэ өссө арыллан, кэҥээн, сайдан, эдэрдэр салгаан иһиэхтэрэ. Саха сирэ Арассыыйа 86 территориятыттан биир тутаах, улахан, баай сиринэн буолуоҕа, буолан да турар. Онно Михаил Ефимович Николаев оруола сүҥкэн. Саҥа тутул үөскээн, сайдыы хайдах барыахтааҕын өтө көрөн, ону хабан ылан Арассыыйаны кытта ыкса, харыс да халбаҥнаабакка үлэлэһэн барбыта. Ол түмүгэр 1990-с сылларга уустук кэми туораан, 21-с үэйэҕэ Саха сирэ дириҥник хардыылаан иһэр.
Тус бэйэм Михаил Ефимович хамаандатыгар быһаччы үлэлээбэтэҕим гынан баран, 1992-1994 сс. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр үлэлээбитим. Кырдьык, оччолорго Михаил Ефимович салалтатынан киэҥник, дириҥник хорутан үлэлээбиппит, миниистирбит Борис Афанасьевич Егоров этэ. 2000 сыллаахха М.Е. Николаев көҕүлээһининэн Саха сирин Бырабыыталыстыбатын уонна Арассыыйа мэдиссиинэтээҕи академиятын Сибиирдээҕи салаатын Мэдиссиинискэй киинэ тэриллибитэ. Тустаах кииҥҥэ 17 сыл үлэлээбит дьоллоохпун. Михаил Ефимович тус бэйэтинэн тэрийбит тэрилтэтигэр тиһигин быспакка кэлэрэ, үлэһиттэри кытта көрсөрө, кэпсэтэн сүбэ-ама биэрэрэ, табыллыбыт дьыалабытын сэргиирэ, хайгыыра.
2003 сыллаахха “Саха сиринээҕи мэдиссиинэ сурунаалын” тэрийбиппитин сэргээбитэ. 2007 сыллаахха үбүлүөйүгэр биир нүөмэри М.Е.Николаевка анаабыппыт. Инньэ гынан, мин ол үлэҕэ кыттыспыппыттан киэн тутта саныыбын, үөрэбин.
Михаил Ефимович оҥорбут дьыалата, олоххо киллэрбит үлэтэ, сайдыыга ыйбыт суола өссө күндүтүйүөҕэ, суруйуулара, кинигэлэрэ сарсын, өйүүн өссө дириҥээн ааҕыллыахтара дии саныыбын. Биһиги норуот быһыытынан киниэхэ улахан махталлаахпыт. Ону хас биирдии киһи сүрэҕэр-быарыгар иҥэрэн илдьэ сылдьар, сүгүрүйэр, суохтуур, хомойор, кутурҕанын биллэрэр.
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…
Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…
Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…