Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ (САССР) төрүттэммитэ 100 сылынан араас көҕүлээһиннэр, тэрээһиннэр буоллулар, буола да тураллар.Ол курдук, «Дьокуускайга – 100 автобус», «100 сыл оҕолоро», «100 алмааска 100 киһи аатын иҥэрии», «100 тапталга билинии» уо.д.а. бэрт интэриэһинэй бырайыактар олоххо киирдилэр, өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх сылга дьоһун бэлэҕинэн буоллулар.
Суруналыыс, суруйааччы Валериан Парфеньевич Николаев быйылгы үбүлүөйдээх сылга анаммыт иккис кинигэтин «SASSR 100 сылынан 100 хоһоон» диэн айымньытын таһаарда. Кинигэҕэ саха аптаныамыйата олохтонуоҕуттан күн бүгүҥҥү кэмҥэ диэри, ол эбэтэр биир үйэҕэ буолбут сайдыыны, онно олук охсубут, быһаччы кыттыбыт дьону кэпсиир 100 хоһоон киирбит.
Кинигэ «Саха уобалаһа» хоһоонунан саҕаланар:
«Арассыйа кытыыта,
Умнуллубут сорҕото
Саха уобалаһа
Хаартаҕа баара.
Арассыыйа уһук сиригэр,
Дойду хараҥа муннугар
Сайдыы тиийэн кэлбэтэҕэ,
Үөрэх-билии үктэммэтэҕэ…»
Салгыы ааптар хоһоонноругар сүүс сыл иһигэр Саха сиригэр күүстээх индустриальнай сайдыы укулаата ууруллубута, тыа хаһаайыстыбата өбүгэбит төрүттээбит хотугу цивилизациятын утумнаан, салгыы сайдан, сүөһү, сылгы иитиитин саҥа саҕахтарын арыйбыта, үөрэх-билии, наука, култуура, саха олоҕун сайдыытын биир сүрүн көстүүтүнэн буолбуттара ойууланар. «SASSR 100 сылынан 100 хоһоон» бүтэһик, сүүһүс «Үйэлэргэ туруохтун» хоһоонунан түмктэнэр:
«Быдан былыргы кэмтэн
Өбүгэм бу сири булбут.
Онтон ыла бу киэҥ нэлэмэн
«Саха сирэ» диэн буолбут.
«Саха сирэ» — чопчуламмыт,
Ыйыллары тардыллыбыт.
Оннук эрэ буолуохтун,
Үйэлэргэ туруохтун».
Кинигэ биир уратытынан хоһооннорго кэпсэммит устуоруйа чахчылара, үлэлээн-хамсаан, айан-тутан ааспыт эбэтэр билигин олох үөһүгэр сылдьар дьон туһунан литературнай төрүөттэргэ сигэниилээх быһаарыылааҕа буолар. Хоһооҥҥо суруллубут устуоруйа чахчыларын эбэтэр киһи туһунан дириҥэтэн билиэн баҕарар ааҕааччыга литературнай сигэниилэр туһалыахтара.
САССР автономиятын 100 сыла чахчы үрдүк үөрүүлээх, дириҥ долгутуулаах, умнуллубат, өлбөөдүйбэт историческай кэрчик кэм. Маныаха П.А. Ойуунускай үйэлээх тылларын өйдөөн-санаан кэлэҕин:
«Үс саха төрүөҕэр,
Үөрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа».
Саха АССР автономиятын төрүттээбит улуу дьоммут М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов, С.М. Аржаков уо.д.а. албаннаах ааттарыгар сүгүрүйэбит.
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…