Валерий Иванов: «Байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт»
Ньурба улууһун кииниттэн 120 км ыраах олорор Хорула сандал саас, Үлэ, Маай бырааһынньыгын күөстүү оргуйар субуотунньуктарынан көрүстэ.
Хоһуун дьонноох хорулалар дойдуга куттал суох буолуутун хааччыйыыга байыаннай эпэрээссийэҕэ инники кирбиигэ чиэстээхтик сулууспалыы сылдьар уолаттарын дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥороннор, бу күн көхтөөх үлэ сүргэни көтөхтө. Үтүө санааттан, дьон түмсүүлээҕиттэн астыныы, киэн туттуу күүһүрдэ диэн Е.К.Федоров аатынан Хорула орто оскуолатын психолог-педагога, өр сылларга бу оскуолаҕа айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар ытыктабыллаах учуутал Валерий Васильевич Иванов санаатын үллэһиннэ.
— Биһиги нэһилиэктэн уопсайа 7 уол байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыта. Нэһилиэк уоппускаҕа кэлэр уолаттарын көрсөн, алҕаан, наадалааҕын булан биэрэргэ көмөлөһөр. Бу уолаттарбыт дьонноругар дьаһалта уонна олохтоохтор өттүлэриттэн туох үлэ, кыһалҕа баарынан көрөн, көмө оҥоһулла турар.
1 Маайга биһиги, оскуолаттан уон эр дьон учууталлар, байыаннай сулууспалаах Николай Николаев дьиэ кэргэнигэр уокка оттор мас бэлэмнээһинигэр субуотунньуктаатыбыт. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Айдын Васильев салайааччылаах дьаһалта уонна кулууп үлэһиттэрэ байыаннай сулууспалаах саллааттар ийэлэригэр Екатерина Михайловаҕа уокка оттор маһын хайытан саһааннаан биэрдилэр, Светлана Чочановаҕа дьиэтин кытыытын кыһыҥҥы сыбаҕын ыраастаатылар, таарыйа нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Дмитрий Семеновка көмөлөстүлэр. Бу курдук кырдьаҕас да дьоннорбут умнууга хаалбатылар. «Туллукчаан» уһуйаан кэлэктиибэ ириэрии бөҕө кэмигэр тиэргэн иһинээҕи, таһынааҕы хаары барытын таһан бүтэрэн кэбистилэр диэн улахан көмөнү оҥорбуттарынан Нина, Николай Егоровтар барҕа махталларын тиэртилэр.
Нэһилиэк дьоно бүттүүнэ кинилэр харахтарын ортотугар улааппыт, киһи-хара буолбут уолаттарын тустарыгар ис сүрэхтэн кыһаллар, этэҥҥэ сылдьан, эргиллэн кэлэллэригэр баҕарар, дьонноругар кинилэри суохтаппат туһугар туох кыаллары барытын оҥорор. Биһиги бары оҕолорбут эргиллэн кэлэллэригэр эрэлбит улахан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: