Валерий Келле-Пелле аатынан тыйаатыр бириэмийэтин сөргүтүөхтэрэ

Share

Нуучча тыйаатырын уһулуччулаах режиссера Валерий Яковлевич Келле-Пелле баара буоллар, атырдьах ыйын 17 күнүгэр  80 сааһын туолуо этэ.

Александр Пушкин аатынан Нуучча дырааматын академическай тыйаатырыгар Валерий Келле-Пелле үбүлүөйүн көрсө кини аатынан тыйаатыр бириэмийэтин сөргүтэргэ быһаардылар.

Валерий Яковлевич Нуучча тыйаатырыгар кылаабынай режиссерунан 1978-1990 сылларга үлэлээбитэ. Уларыта тутуу судургута суох кэмнэригэр тыйаатыр айар кэлэктиибин кытары 31 испэктээги туруорбута. Киниэхэ “САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ” аат иҥэриллибитэ.

Уһулуччулаах режиссер 1990 сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.

Нуучча тыйаатырын дириэктэрэ уонна уус-уран салайааччыта Александр Лобанов кэпсээбитинэн, үгүс сылларга В.Я.Келле-Пелле аатынан тыйаатыр иһинээҕи бириэмийэ олохтоно сылдьыбыта.

Валерий Яковлевич төрөөбүтэ 80 сылынан тыйаатыр саҥа 133-с сезонугар биһиги үтүө үгэһи төнүннэргэ – кини аатынан бириэмийэни туттарарга быһаардыбыт. Бириэмийэни  үлэҕэ ураты ситиһиилээх уонна тыйаатыр олоҕор көхтөөхтүк кыттааччыларга “Эр киһи бастыҥ оруола”, “Дьахтар бастыҥ оруола” номинацияларынан туттарыахпыт. “Тыйаатыр киһитэ” диэн саҥа киллэрбит номинациябытын ханнык баҕарар үлэһит уонна тыйаатыр ускуустубатын сыаналааччы ылыан сөп.  Кыайыылаахтары  тыйаатыр уус-уран сэбиэтэ быһаарыаҕа. Валерий Яковлевич үтүө  аата өрөспүүбүлүкэбит уонна Арассыыйа тыйаатырдарын устуоруйатыгар сурулунна. Биһиги бу өйдөбүнньүгү көрөөччүлэргэ хаалларар ытык иэстээхпит, кини талаана – биһиги уопсай устуоруйабыт сорҕото”, — диэтэ Александр Лобанов.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago