Валерий Лютай ЦСМ кэллэктиибин кытта көрүстэ
Саха сиригэр чинчийиилэри ыытар стандартизация, метрология судаарыстыбаннай эрэгийиэннээҕи кииҥҥэ Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Валерий Лютай кэллэктииби кытта көрүстэ.
Көрсүһүү кэмигэр Валерий Лютай байыаннай дьайыы сыалын-соругун, хайдах баран иһэрин туһунан кэпсээтэ. Ону сэргэ, байыастарга көмө өйөбүл миэрэлэрин туһунан кэпсээтэ. Кини бу буолаары турар быыбар суолтатын туһунан бэлиэтээтэ.
«Биһиги гражданскай ытык иэспит — бу буолаары турар быыбарга кыттыы уонна Арассыыйа туһугар куолаһы биэрии», — буолар диэтэ. Көрсүһүү түмүгэр Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуутун туһунан ыйытыы киирдэ. Валерий Лютай бэлиэтииринэн, Владимир Путин Уһук Илин сайдыытыгар улахан болҕомтону уурар диэн бэлиэтээтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Владимир Путин муоста 2028 сылы көрсө тутуллуохтааҕын туһунан сорудахтаабыта уонна тутуу хаамыытын тус хонтуруолугар ылбыта.
Ону сэргэ, холобур быһыытынан Валерий Лютай Уһук Илин сайдыытыгар туһуламмыт куораттар маастар-былааннарын сырдатта. Бу былаан чэрчитинэн кэлэр алта сыл устата куорат биллэ тупсуохтаах.
«Бу барыта Уһук Илиҥҥэ улахан болҕомто уурулларын этэр. Төһө да уустуктар баалларын иһин биһиги хорсуннук иннибит диэки көрөбүт. Биһиги кыайыахпыт, тоҕо диэтэххэ биһиги бииргэбит», — диэн Лютай эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, кииннэммит быыбардыыр хамыыһыйа Владимир Путин итэҕэллээх дьонун бигэргэппитэ.
Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара кулун тутар 15-17 күннэригэр ыытыллыаҕа. Уопсайа түөрт хандьыдаат быыбарданар. Ол курдук Владимир Путин (бэйэ туруорунуута), Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкий (ЛДПР), Владислав Даванков («Новые люди»).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: