Валерий Лютай доброволец бэтээрээннэри кытта көрүстэ
Дьокуускайга анал байыаннай дьайыы доброволец бэтэрээннэрин Сойууһун тэрийэр туһунан байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин мунньаҕа буолан ааста. Көрсүһүүгэ Афганистан бэтэрээннэрин Сойууһун салайааччыта Валерий Лютай кыттыыны ылла.
Мунньах сүрүн тиэмэтэ Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин Сойууһун тэрийиигэ ананна. Мустубуттарга Афганистан бэтэрээннэрин Сойууһун тэрийиигэ уонна үлэлэтиигэ уопуттарын Валерий Лютай үллэһиннэ. Сүбэ-ама биэрэригэр кини Арассыыйаҕа бэтэрээннэр уопсастыбаҕа оруолларын уонна суолтатын бэлиэтээтэ.
«Владимир Путин биһиги дойдубут бары эрэгийиэннэрин кытта көрсүһүүгэ сырыттахпытына, хас биирдии киһи байыаннай дьайыы бэтэрээнэ эбэтэр атын бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ буолалларыттан сөҕө санаабытым. Бу өссө төгүлүн эһиги дойдубутугар мэлдьи холобурга сылдьаргытын дакаастыыр. Ханнык баҕарар дьайыыларгыт бэтээрээннэр хамсааһыннарыгар дьайыаҕа. Эһигинэн биһиги дойдубут уонна Бэрэсидьиэммит тирэҕирэр», — диэтэ кини.
Ону таһынан кини кэлэр быыбарга хас биирдии гражданин кыттара улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
«Биһигини, бэтэрээннэри бииргэ буоларбытын, санаабытын уларытар кыахтара суох, ол эрээри быыбар суолтатын атыттарга тиэрдэр соруктаахпыт. Мантан өстөөхтөрбүт сыалларын ситиспиттэрэ эбэтэр кыаллыбатаҕа көстүөҕэ. Кыргыһыы хонуутугар да, манна да буоларын курдук, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһүөхпүтүн наада. Буойунуу бырааттыы буолуу — бу кураанах тыл буолбатах», — диэн кини этиитин түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: