Валерий Лютай: «Тустаах үлэбин оҥоробун»

Share

Бу күннэргэ байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттар чугас дьонноро ким туох кыһалҕалааҕынан былаас уорганнарын үлэһиттэригэр, уопсастыбанньыктарга өйөбүл көрдөөн суруйаллар, эрийэллэр.

Чурапчы улууһун олохтооҕо Евдокия Дьячковская бииргэ төрөөбүт быраатын уола 20 күн устата тугу да биллэрбэккэ сылдьыбытын, онтон сылтаан чугас аймахтар бары аймаммыттарын этэн баран, «эйиэхэ үөрүүбүн үллэстээри эрийдим»  диэтэ. Салгыы сэһэргэһээччим бу курдук кэпсээтэ:

Биһиги бииргэ төрөөбүттэр биэспит. Кыра бырааппыт күн сириттэн бараахтаабыта. Быйыл күһүн кини уола бэйэтин баҕа өттүнэн байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыта. Дьиҥэр, үөрэнэ сылдьар буолан, барымыан да сөп этэ. Уолбут разведкалыыр сулууспаҕа түбэспитэ. Онтон соторутааҕыта, арай, киһибит сүтэн хаалла — 20 хонук устата ханна баарын биллэрбэтэ. Мин ыксаан Бүтүн Арассыыйатааҕы Норуот фронун эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччытыгар, Ил Түмэн дьокутаатыгар Валерий Лютайга тиийэн, балаһыанньабын билиһиннэрдим. Валерий Алексеевич уолбут аатын-суолун бэлиэтэннэ уонна биллэриэх буолла. Ити күнүс 12 чааска этэ. Арай, түүн 3 чааска быраатым эрийдэ. Оо, онно оҕом куолаһын истэн баран, дууһам чэпчээбитиэн… Киһи киһиэхэ тиэрдибэт үөрүүтэ! Бойобуой сорудахха сылдьыбыттар эбит. Саҥа кэлээттэрин кытта уолбутун, чугас дьонун кытта кэпсэтиннэрээри, Мариупольга аҕалбыттар. Аҕыйах хонук сынньана түһэн баран, эмиэ сорудахха бараллар үһү. Мин сарсыарда буоларын нэһиилэ кэтэстим. Үлэ чааһа саҕаланаатын кытта, Валерий Лютайга махтал тылын истиҥин этэн туран, бары үтүөнү баҕардым. Билигин аймахтар бары күммүт сырдаан, дууһалыын чэпчээн сылдьабыт. Валерий Лютайга мин Афганистаҥҥа сулууспалаабытын истэр буолан, байыаннай киһи, өйдөөтөҕүнэ кини эрэ өйдүөҕэ диэн эрэнэн тахсыбытым. Билигин «Норуот фрона» диэн тэрилтэ, кырдьык да, «норуот» дэниэн дэнэр эбит диэн итэҕэйдим. Норуокка чугас тэрилтэ бу баар эбит. Ил Түмэн дьокутаата Валерий Лютай норуотугар көмөлөһөр, өйүүр киһи эбит. Бу маннык салайааччылар биһиэхэ, оҕолоро, бырааттара, чугас аймахтара байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар буолан, олус наадалахтар. Ыксаабыт дьон айманарбыт ханна барыай? Ону холкутук истэн, быһааран, көмөлөһө олороллоругар истиҥ махтал буоллун!

Валерий Лютай төлөпүөнүн аҕыйах хонуктааҕыта Ньурба улууһун Хатыы нэһилиэгэр олорор уйулҕа үөрэхтээҕэ Надежда Федотова («Саха сирэ» хаһыакка кинилиин кэпсэтиим тахсыбыта) буларбар  көрдөспүтэ. Киниэхэ Хаҥалас улууһуттан мобилизацияҕа барбыт кэргэнин сүтэрбит эдэр дьахтар эрийэн, эмиэ көмөлөһөрүгэр көрдөспүт. Онуоха Надежда Ивановна «бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт уопуттаах киһи диэммин киниэхэ тахсаары гынабын» диэбитэ. Сотору кэминэн Надежда Ивановна «дьонум сибээстэстилэр, этэҥҥэлэр» диэбитэ.

Дьоҥҥо көмөлөһө олорор Валерий Лютайы кытта кэпсэтэ сырыттым. «Дьон махталын истэртэн ордук үчүгэй сонун суох. Мин бэйэм разведкаҕа сулууспалаабыт киһи билэбин, 20 хонук диэн бойобуой сорудахха сылдьар киһиэхэ «сүтэн хаалыы» буолбатах. Буолаары буолан, билигин төлөпүөнэ суох сылдьар быдан ордук.  Мин дьоно көрдүүр салааттары бэйэм ханаалларбынан буларга көрдөспүтүм. Сотору кэминэн уол ханна баарын билэн баран, «дьонун уоскутан, кэпсэтиннэриҥ» диэн көрдөспүтүм. Биллэн турар, бэйэм оҕо сүтүктээх киһи, чугас дьонноро айманыыларын өйдүүбүн. Мин Афганистаҥҥа сулууспалаабыт киһи бойобуой эпэрээссийэҕэ бэйэм кыттыахпын баҕарабын да,  61  саастаах, ыарахан бааһыырыылах буолан, ылбаттар. Норуот фронун эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта буоларым быһыытынан, тустаах үлэбин оҥоробун.  Хас биирдии миигиттэн өйөбүл көрдөөбүт дьон оннуларыгар бэйэбин туруоран көрөбүн. Оччотугар ылсыбыт дьыалаҥ  кыаллар. Билигин байыаннай эпэрээсийэлэргэ кыттар уолаттар наҕараадаларын байыҥкамааттарга буолбакка, саамай улахан, бастыҥ саалаларга бар дьон ортотугар туттарарга туруорса сылдьабын», — диэн Валерий Алексеевич санаатын тиэртэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

36 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

3 часа ago