Валерий Лютай: «Владимир Путин быыбарга кыайда, аныгыскы кыайыыта — байыаннай дьайыы»
Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, Афганистан сэриитин бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сойууһун салайааччы Валерий Лютай Владимир Путин Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар кыайарыгар саарбахтаабатаҕын туһунан эттэ.
«Бүгүн дойду үрдүнэн бырааһынньык, Арассыыйа олохтоохторо Владимир Путин тула түмүстүлэр уонна аан дойдуга барытыгар биһиги лиидэрбитин хайдах курдук убаастыырбытын, киниэхэ эрэнэрбитин көрдөрдүбүт. Бу күннэргэ быыбардыыр учаастактарга олус элбэх киһи сырытта. Арассыыйа олохтоохторун улахан аҥаара куоластарын биһиги бэрэсидьиэммит туһугар бирэдэ. Бу бары күүппүт кыайыыбыт буолар! Бу кыайыы барыбытыгар эрэллээх буолууну аҕалар, Арассыыйаҕа өссө биир наадалаах кыайыы чугаһын көрдөрөр. Владимир Путин эрэ дойдуга кыайыыны аҕалар кыахтаах», — диир Валерий Лютай.
Афганистан сэриитин бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сойууһун салайааччы этэринэн, Владимир Путин аныгыскы кыайыыта — байыаннай дьайыы. «Маннык лиидэр биһиги дойдубутугар өссө суоҕа, кини Арассыыйа түмсүүлээх буоларыгар үгүһү оҥордо. Кимиэхэ Арассыыйа күндү, кинилэр Путины өйүүллэр», — диир Валерий Лютай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: