Валерий Николаев: «Дойдубут сайдарыгар, олохпут тупсарыгар биир санаанан үлэлиэхпит диэн эрэнэбин!»

Share

Арассыыйа Федерациятын баһылыга Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайбыт этиитинэн бэйэтин санаатын Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев үллэһиннэ:

— Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин бүгүҥҥү этиитэ дойду хас биирдии олохтооҕор ананна уонна дириҥ толкуйдаах, киэҥ хабааннаах, уһун болдьоххо былааннаммыт, кэскилгэ, ыччакка анаммыт сыаллаах-соруктаах буолла. Билигин тас дойдулар өттүлэриттэн күүстээх дьайыы бара турар кэмигэр, дойдубут, өстөөх баҕарбытын курдук, охтон-быстан биэрбэккэ, төттөрүтүн өссө күүһүрэн, инникигэ эрэллээхтик, хорсуннук, тирэхтээхтик турара судаарыстыба баһылыгын Владимир Путин мындыр салайыытын сыралаах үлэтинэн буолар. Бэрэсидьиэн этиитин Аҕа дойдуну көмүскүү сылдьар, эйэлээх олоҕу түстүүр буойуттарбытыгар махталтан саҕалаата уонна түмүктээтэ. Уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэригэр анаммыт көмө бырагыраамалары кэҥэтэр былаана уолаттарбыт дойдуларыгар эргиллэн, салҕыы эйэлээх олоххо бэйэлэрин булуналларыгар, үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар күүстээх өйөбүл буолара саарбаҕа суох дии саныыбын.

Арассыыйа атын тас дойдуларга холоотоххо, дьиэ кэргэни сөптөөхтүк өйүүр дойду буолар. Дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну, оҕо төрөөһүнүн, кэнчээри ыччаты, кэнэҕэски кэскили биһиги дойдубут күүскэ өйүүр. Ол курдук, дойду Бэрэсидьиэнэ «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагы тэрийэн, эдэр ыалы, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ улахан болҕомтону уурарын биллэрбитэ биһирэбиллээх. Ону таһынан оҕону иитиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ, уһуйааны, оскуоланы, доруобуйа харыстабылын сайыннарыыга элбэх кэрэхсэбиллээх санаалары эттэ, онно анаммыт бырайыактары билиһиннэрдэ.

Эдэр ыччаты өйүүр «Арассыыйа ыччата» диэн национальнай бырайыагы олоххо киллэрии туһунан Владимир Путин этиитэ дойду кэскиллээх сайдыытын туоһутунан буолар. Салҕыы судаарыстыба баһылыга дойдубут сайдарыгар, олохпут тупсарыгар бэлиитикэтин өйөөммүт, биир санаанан салайтаран үлэлиэхпит, кыайыыны ситиһиэхпит диэн эрэнэбин.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нумеролог билгэтэ: Гороскоп 2025 сылга тугу кэпсиирий?

Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…

11 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

55 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

1 час ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

2 часа ago