Иэйэхсит ыйа саҕаламмыт кэмигэр, бу күннэргэ, Археология уонна этнография түмэлигэр Варвара Митрофановна Егорова-Дыгыйа «Тоҕус тоҕой» айар түһүлгэтэ буолан ааста. Түһүлгэни устуоруйа наукатын хандьытаата, фольклор уонна култуура кафедратын доцена, СӨ норуотун маастара Светлана Ивановна Петрова-Уран Хатыҥ иилээн-саҕалаан ыытта.
Бу түһүлгэҕэ саха маанылаах таҥаһын сэргээччилэр, Дыгыйа айар үлэтин сэҥээрээччилэр, туох эрэ саҥаны билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарар саха кэрэ кыргыттара, Далбар хотуттара муһуннулар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кинилэр эмиэ сахалыы сайбаччы таҥнан кэлбиттэрэ киһи эрэ хараҕын сымнатар, дууһаны уоскутар.
Кэлбит ыалдьыттар түһүлгэ үөрүүлээх аһыллыыта буолуор диэри Дыгыйа хаартысканан дьүһүйүүлэрин быыстапкатын сэҥээрэ көрдүлэр. Сорох ыалдьыттар Светлана Петрова Дыгыйалыын 20-тэн тахса киилэ ыйааһыннаах көмүс симэхтэри соһо сылдьан, маанылаах айылҕаҕа хаартыскаҕа түһэрбит кэмнээхтэрин ахтан-санаан ыллылар. Чахчыта да, ол түмүгэр иккиэн хайыы үйэ 4-с кинигэлэрин таһаарбыттар.
Саха таҥаһын саргытын салайсар Светлана Ивановна Петрова-Уран Хатыҥ: «Иэйэхсиккит аттыгытыгар мэлдьи баар курдук бары сананан кэбиһиҥ, уонна барыгытын араҥаччылаатын диэн тураммыт бүгүҥҥү дьоро киэһэбитин саҕалыырбытын көҥүллээҥ», – диэн, кэлбит ыалдьыттары саалаҕа ыҥырда.
Варвара Егорова-Дыгыйа уран тарбахтарынан тикпит кэрэ таҥастарын кини аймахтара, сиэн балтылара, бырааттара уо.д.а. чугас дьонноро көрдөрдүлэр. Бары да моделга ананан төрөөбүт курдук кэрэ кыргыттар туспа суоллаах-иистээх, ураты буочардаах иистэнньэҥ эдьиийдэрин таҥастарын кэтэн сэгэлдьиһэ хаамсаллара көрүөхтэн эрэ эриэккэс көстүү буолла.
Модельер Дыгыйа айар үлэтин биир уратытынан кини күннээҕи олоххо кэтиллэр сахалыы таҥастары бэйэтэ тигэн, кэтэн киэҥник тарҕатара уонна биир халадаай ырбаахыттан саҕалаан хас да араас, 15-кэ тиийэ таҥаһы (трансформер-кэмпилиэги) толкуйдаан тигэрэ буолар. Ол курдук, аныгы моһуоннаах халадаай ырбаахылары, кэһиэччиктэри, оноолоох соннору, дьиэ кэргэн таҥастарын кэллиэксийэтин, икки өттүнэн кэтиллэр хаһыаччыктаах таҥастары кыргыттар-уолаттар эргийэ сылдьан көрдөрдүлэр.
Холобур, биир фиолетовай өҥнөөх кэмпилиэккэ хара булууһа, хара бүрүүкэ, халадаай, сарапаан, сарапаан иһигэр кэтиллэр дьууппа, бааччы, куппай, хара бэрчээкки, хара саппыкы киирэллэр. Ону күн аайы эбэтэр биир эмэ үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ хайа баҕарар уларыта сылдьан кэтиэххэ сөп.
Салгыы кыргыттар кур, илин-кэлин кэбиһэр, трансформер-ытарҕа, баттах симэҕэ курдук алтантан оҥоһуктары аптаах холбукаттан ыла-ыла кэтэн көрдөрдүлэр.
“Өбүгэ суола” научнай сырдатар түмсүү салайааччыта, СӨ гуманитарнай чинчийэр уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт “Человек в Арктике” (Арктика киһитэ) научнай лабораториятын үлэһитэ Александра Николаевна Прокопьева көмүс киэргэл туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Бүгүҥҥү түһүлгэ «Тоҕус тоҕой» диэн тоҕо ааттаммытын ыалдьыттарга таайдардылар. Син элбэх киһи чугаһатан эппитин кэннэ түһүлгэни төрүттээччи Светлана Петрова сөптөөх таайыытын эппитигэр маннык кэпсээн тахсан кэллэ:
«Сунтаар улууһун Элгээйититтэн төрүттээх, түүлээх оноҕоһу түннүгүнэн киллэрэн 5 уол уҥа хонноҕор туора кыбыппыт, 6 кыыс хаҥас хонноҕор сытыы кыптыыйы өрө кыбыннарбыт Матрена Наумовна уонна Митрофан Алексеевич Дьөгүөрэптэргэ Варвара кыыс 9-с оҕонон төрөөбүт уонна улааппыт эбит. Ол да иһин, айар үлэттэн дьолломмут Варвара Митрофановна Егорова айар киэһэтин «Тоҕус тоҕой» диэн ааттаабыт.
Бу күнү уран аймах Уус Дьөгүөрэптэр талааннарын түһүлгэтэ диэн ааттыахха сөп. Уус Дьөгүөрэптэр аймах уус, иистэнньэҥ талааннаахтарын кэлбит дьон бары сөхтө-махтайда. Ол курдук, саамай мааны уонна ис киирбэх, бэйэтигэр олус барар таҥастаах ыалдьыттар дьүүллүүр сүбэттэн сонун бэлэхтэри Уус Дьөгүөрэптэртэн туттулар. Күндү бэлэхтэргэ туох суоҕуй? Көмүсчүт убайдара Лука Митрофанович көмүс киэргэлэ, Иннокентий Митрофанович оҥорбут алтан тарааҕа; Дыгыйа хаартыскалара киллэриллибит «Уран Саха» кинигэ; убайдара Прокопий Егоров-Уран суруйбут «Уран аҕай уонна Аҕа Айыыбыт Уран» кинигэтэ; эдьиийдэрэ фармацевт-провизор Ольга Егорова-ОточиТай косметиката, эмтээх маастара, спрейдэрэ уо.д.а.; балтылара Лена Митрофановна-Дьиэрэйэ сахалыы ырыаларын-тойуктарын компак-диискэтэ; Дыгыйа түһэрбит хаартыскаларыттан альбом; Саха прикладной ускуустубатын каталога.
Ону сэргэ «Тоҕус тоҕой» ыалдьыттарыгар Владимир Уаров бэйэтин ырыатын бэлэх уунна, түһүлгэ балтылара Лена Егорова-Дьиэрэтии дорҕоонноох оһуохайынан түмүктэннэ.
ДЫГЫЙА:
– Мин бэйэм хореограф үөрэхтээхпин, «Дыгый» диэн үҥкүү ансаамбылын тэрийэ сылдьыбытым. Оҕо эрдэхпиттэн хаартысканан түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Билигин үс уолум кыра эрдэҕинээҕи хаартыскаларын көрдөхпүнэ, урут да сахалыы таҥастары тикпит, кыралаан саҕалаабыт эбиппин. Иистэнэр дьоҕур кырдьаҕас эдьиийбиттэн кэллэҕэ.
Кэлин ииспэр көһөн, араас сахалыы таҥастары, ордук күн аайы кэтэр таҥастары тигэр буолбутум. Бастаан араас өҥнөрү дьүөрэлээн бэйэбин эрэ симиир этим. Онтон бачча элбэх таҥаһы хайдах бэйэм эрэ кэтиэхпиний диэммин дьоҥҥо анаан тигэн саҕалаабытым. Бэйэбин улаханнык рекламаламмаппын, ол эрэн, дьон истэн, бэл, төлөпүөнүнэн сакаастыыллар. Онтон тикпит таҥастарбын сакаасчыттарга ыыттахпына, аны атын дьон көрбөт эбит диэн санааттан, дьон дьүүлүгэр таһаарыахха наада диэн толкуй киирбитэ. Ити толкуйбун Светлана Ивановна Петроваҕа эппиппэр, кини идея киллэрэн, маннык тэрээһин буолла.
Инникитин даҕаны күн аайы кэтиллэр сахалыы таҥаһы көрдөрүөхпүн, киэҥник сырдатыахпын баҕарабын. Ол иһин, тикпит таҥастарбын бэйэм уонна дьүөгэлэрбэр кэтэрдэбин. Дьүөгэлэрим аныгылыы моһуоннаах тигиллибит таҥаһы күн аайы кэтэргэ үөрүүнэн сөбүлэһэллэр.
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…