Салгыы
Варвара Кононова: «Эр хоһуун — эр бэрдэ!»

Варвара Кононова: «Эр хоһуун — эр бэрдэ!»

Ааптар:
21.10.2022, 18:36
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 33-с кыттааччыта  Ньурба Хорулатыттан Кононова Варвара Даниловна:

Эр хоһуун — эр бэрдэ!

Эрэл, эркин уолан буолаҥҥын,

Эйэ, көҥүл олох туһугар

Ийэ дойдуҥ уолун ыҥырар,

Ийэҥ алгыс этэн атаардын.

Хахсаат арҕаа тыалтан хаайтарбат,

Халбаҥнаабат дириҥ  толкуйдан,

Будулҕантан олох чаҕыйбат,

Булгуруйбат модун санаалан!

Хадаар очуос таастан иҥнибэт,

Халтарыйбат бигэ тирэхтэн,

Сатыылаабыт силлиэ хамсаппат,

Салҕалаабат бөҕө сүһүөхтэн!

Тууйар албас сатаан өһүлбэт,

Тулхадыйбат добун тулуурдан,

Кыһарҕаннаах кэмтэн толлубат,

Кыайар-хотор хорсун майгылан!

Айыыһытыҥ аҕыс сиринэн

Арыаллаатын тула харыстаан,

Иэйиэхситиҥ тоҕус дойдунан

Иэйэ көрөн тыыннаах эргилин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: