Олунньу 9 күнүгэр саха бастакы поэтессата Варвара Потапова хоһооннорунан «Ойдом үүммүт хахыйах» диэн моно-испэктээкил премьерата буолан ааста.
Варвара Потапова – устар ууну сомоҕолуур уран тыл ууһа, саха дьахталларыттан маҥнайгы поэтесса. Кини уолбат ойбон курдук санаа ситимнэриттэн турар ураты, ардыгар киһиэхэ дэбигис өйдөммөт, уйадытар, толкуйдатар, сороҕор күүстээх психологическай, дириҥ анаарыылаах, философскай айымньылардаах. Ол иһин даҕаны, Варвара Потапова дьахтар айылгытын кэпсиир, ис туругун, дууһатын ырыатын, иэйиитин арыйар хоһоонноро атын хоһоонньуттар быыстарыгар күлүктэнэн хаалбакка, олох сүүрүгүттэн иҥнибэккэ, сахабыт дьонун абылыыр ураты күүстээхтэр… Кинини саха поэзиятыгар “курус санаа генийэ”, “Кутурҕан Куо” диэн ааттыыллара.
Кулун тутар 9 күнүгэр Дьокуускай куорат 38-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Ойдом үүммүт хахыйах» диэн Варвара Потапова хоһооннорунан моно-испэктээкил премьератын көрдөрдө.
Бу хатыламмат поэтическай испэктээкили режиссер СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец бэйэтин көрүүтүнэн уратытык, ылыннарыылаахтык туруорда.
Сүрүн оруолу Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр артыыската Татьяна Хомподоева толордо.
Моно-испэктээкил кэмигэр, артыыс кыыс поэтесса олоҕу хайдах баарынан ылынан, үөрүүтүн-хомолтотун, тапталын, олох очурдарын, моһоллорун уонна өрө дабайыыларын бииргэ тутан, уустаан-ураннаан хоһуйбутун сыанаҕа итэҕэтиилээхтик ааҕан иһитиннэрдэ, имигэс хамсаныыларынан көрдөрдө. Кини толоруутун нөҥүө Варвара Потапова олоҕу анааран көрүүтэ, ис туругун энэлгэнэ иһиллибиккэ дылы буолла.
Манна өссө биир оруолу бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Спартак Ларионов сүрүн героинябыт тапталын уобараһын ырыанан, үҥкүүнэн толорбута биир ураты дьайыы буолла. Кини сырдык уобараһын нөҥүө Варвара Потапова тапталга сыһыана, кутун-сүрүн айманыыта, дууһатын кыланыыта көрөөччүгэ эбии арыллан биэрдэ диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо.
Оттон сыананы киэргэтиини уонна көстүүмү талыыны минимализм истиилинэн СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова оҥорбут. Манна сүрүн миэстэни сыана ортотугар турар сиэркилэ ылар. Моно-испэктээкил героинята сиэркилэни бэркэ туһанан, бу тула ардыгар эргийэн, бэйэтин күлүгүн көрүнэн, сороҕор бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии одуулаата. Түмүккэ сиэркилэбит биир өттүгэр эргиллэн, саха дьахтарын санньыйбыт көрүҥнээх мэтириэтигэр кубулуйда…
Оттон киһи кутун-сүрүн курдаттыы киирэр муусуканан киэргэтиини СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Людмила Пустолякова уонна саха норуодунай артыыһа Алексей Егоров матыыптарын туһанан, СӨ култууратын туйгуна Владимир Якимец оҥордо.
Онон, саха литературатын биир чаҕылхай ааптарыгар сүгүрүйэн туран, «Ойдом үүммүт хахыйах» моно-испэктээкил инникитин өссө да көрөөччүлэри ыҥыра, сөхтөрө туруо диэн эрэнэбит.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…