Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Василий Борисов кэнники кэмҥэ хотуулаахтык айан-тутан эрэрин көрөөччүлэр сэргии көрөн, болҕойон кэтиир буоллулар. Билигин кини тыйаатырга элбэх кэрэхсэбиллээх оруоллары толорор артыыс эрэ буолбатах. Режиссер идэтигэр бэйэтин холонор, саҥаны көрдүүр тыыппалаах, билиҥҥи кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр талааннаах дьонтон биирдэстэрэ.
Режиссер быһыытынан Саха тыйаатырын “Алампа” Аччыгый саалатыгар үс испэктээги туруорбута көрөөччү, тыйаатыр кириитиктэрин улахан сэҥээриилэрин ылбыта. Киргиис норуотун аатырбыт драматура М.Байджиев “Дуэль” диэн пьесатынан “Махтанабын эйиэхэ” диэн испэктээгинэн режиссер идэтигэр холонуутун саҕалаабыта. Онтон ааспыт сыл сэтинньитигэр “Бүтэһик малыыппа” диэн поляк драматура И.Вилквист “Гельвер түүнэ” пьесатынан туруорбут испэктээгэ Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойуустарын “Эдэр режиссердары уонна аныгы драматургияны өйөөһүн” бырагырааматын чэрчитинэн Москваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы «Диалоги» диэн бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ. Испэктээги көрбүт тыйаатыр кириитиктэрэ эдэр режиссер үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрбиттэрэ Василий Борисов бу хайысхаҕа эмиэ таһаарыылаахтык айарыгар кыах баарын туоһулуур. Саха норуодунай артыыската Зоя Багынанова 80 ытык сааһын туоларыгар чех аатырбыт драматура К.Чапек “Ийэ” диэн Аҕа дойду көмүскэлин уонна ийэ дьылҕатын туһунан пьесатын туруорбута көрөөччү улахан биһирэбилин ылбыта.
2021 сыллаахха Т.Семушкин Сталин бириэмийэтин ылбыт «Алитет хайаҕа күрүүр» диэн арамаанынан режиссер Андрей Борисов туруорбут испэктээгэр сүрүн оруолу Василий Борисов толорор. Бу испэктээк Саха тыйаатырын “Улахан гостуруолларын” бырагырааматыгар киирсэн алтынньы 3 күнүгэр Москваҕа улуу нуучча норуотун аатырбыт Малай тыйаатырыгар көрдөрүллэр. Саха тыйаатырын артыыстара ити сүдү сценаҕа аан бастаан оонньуохтара. Андрей Борисов саха омук тыйаатырын ускуустубатын аан дойдуга билиһиннэрбит, аатырбыт “Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээгин кэнниттэн 40-ча сыл буолан баран хотугу норуоттар дьылҕаларын болҕомто киинигэр эмиэ туруорда. Арамааҥҥа Чукоткаҕа сэбиэскэй былаас олохтонорун туһунан кэпсэнэр буоллаҕына, саҥа испэктээк ол кэмтэн билиҥҥэ диэри олохпутун эргиччи көрдөрөр, тыйыс айылҕалаах норуоттар күн аайы олох туһугар охсуһар кыһалҕаларын бүтүннүү хабар дириҥ ис хоһоонноох. Аан дойду күүстээх дойдуларын баһылыыр-көһүлүүр инниттэн утарыта турсууларыгар Хотугу муустаах байҕал кэтэх урсун эрэ буолар. Оттон Арктика кытылыгар олорор омуктар бэйэлэрин ааттарын, олохторун сиэрин, култуураларын бэйэлэрин суолларынан сайдаары харыстыыр мөккүөрдээхтэр.
Саха тыйаатырын Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар анаммыт гостуруолларынан сибээстээн артыыс Василий Борисовы кытта кэпсэттибит.
– Василий, эн элбэхтик сүрүн дьоруойу толорбутуҥ, олортон Алитет оруола туох уратылааҕый?
– Алитет оруола – оонньуурга наһаа уустук оруол. Кини бэйэтин кэмин бастыҥ сайдыылаах эр киһитэ. Дьиҥнээх олоххо киһи үрүҥ-хара, үчүгэй-куһаҕан диэн арахсыбатын курдук дьиҥ ис тутуллаах, олох курдук мөккүөрдээх майгылаах уобарас буоларынан уратылаах. Бу уобараһы айарбар, кэнники өйдөөн көрбүтүм, Эллэй, Манчаары курдук улахан түмэр суолталаах, норуот күөн туттар дьоруойдарын оонньообутум суол аһан тириэрдибит эбит. Саха тыйаатырын туруоруутугар Алитет Дьааҥы хайаларыттан төрүттээх диэн этиллэр эрээри, кини аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары түмэн көрдөрөр уобарас. Алитет – бэйэтин кэмин сайдыылаах урбаанньыта, норуот тумус туттар баай киһитэ.
– Тохсунньу ыйга испэктээк кэнниттэн көрөөччүлэр кэмпириэнсийэлэрэ ыытыллыбыта, онно бэрэпиэссэр Ульяна Алексеевна Винокурова, Алитеты сөбүлээтим, кини биһиги дьоруойбут эбит диэн билиммитэ…
– Испэктээк тугу этэрин сөпкө өйдөөтөххө, Алитет билиҥҥи кэм дьоруойа буолуон сөп. Кини ойуун Корауге уола уонна эргиэмсик буолан олох сайдыытын төрдүттэн саҕалаан бары көстүүлэрин көрөр, ол эбэтэр духуобунай уонна тас эйгэлэри сэргэ тутан илдьэ сылдьар. Онон күүстээх санаалаах хоһуун киһи.
– Испэктээк билиҥҥи бириэмэ ханнык сытыы кыһалҕаларын таарыйарый?
– Таарыйар сытыы кыһалҕалара хас оонньоотохпут аайы күөрэйэн тахсан иһэллэр. Сибилигин уһулуччу суолталааҕа – цивилизациялар киирсиилэрэ. Быһаччы эттэххэ, бу билигин буола турар Арассыыйа уонна Америка утарыта туруулара. Онтон бу кэлин көрбүппүт – испэктээк чааһынай бас билии боппуруоһун эмиэ күүскэ туруорар эбит. Билигин олох үп-экэнэмиичэскэй өттө күүскэ чорбойон таҕыста. Сыһыаммыт барыта харчы, биисинэс эрэ нөҥүө буолан хаалла. Кылаассабай араастаһыы дьону баай, дьадаҥы диэн хайытта. Аны орто оробуочай кылаас суох. Бу испэктээккэ оонньонор кэм билиҥҥи бириэмэҕэ оруобуна сөп түбэһэр. Алитет баай киһи, кини өйдөбүлүнэн бас билиитигэр эргинэн булбут баайа эрэ буолбакка, сирэ-уота, дьоно-сэргэтэ, муората, туундарата, оннооҕор халлаан сулустара эмиэ киирсэллэр. Амырыкаан Чарли Алитет көмөтүнэн сүүрбэккэ-көппөккө күүскэ байар. Оттон дьадаҥы норуот тыыннаах хаалар туһугар туруулаһар. Онтон сэбиэскэй былаас кэлэр. Биир сокуон атынынан солбуллар уонна чааһынай бас билии үрэллэр – барыта уопсай буолар. Дьэ, ону Алитет кыайан өйдөөбөт. Урут киниэхэ эрэ алта үрүҥ эһэ тириитигэр Чарлиттан атыылаһан ылбыт вельботтаах буоллаҕына, сэбиэскэй былаас Ваамчо курдук дьадаҥы булчуттарга босхо инник түргэн оҥочону биэрбитэ кини өйүгэр баппат. Онуоха кини уолуйбат. Барытын өйдүү сатыыр. Айылҕата өтөн кини тыыннаах хаалар суолун көрдөөн барар. Бэйэтин эрэ буолбакка, норуотун олоҕун эмиэ ырыҥалыыр.
– Бу оруолга хайдах тиксибиккиний?
– Андрей Саввичка хас да вариант баар этэ. Холобур, Альберт Алексеев уонна да атыттар. Оттон мин хайдах талыллан хаалбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Режиссер талан ылбыта диэн чуолкай этэр кыаҕым суох. Оруол тиксибитигэр үөрбүтүм. Андрей Саввич кинигэни булан аах диэбитэ. Чахчы, кинигэни булар күчүмэҕэй эбит. Көрдөөн-көрдөөн Маяковскай уулуссатыгар баар оҕо библиотекатыттан булбутум. Арай көрбүтүм, кинигэм наһаа халыҥ, илдьирийбит хаҕыттан элбэхтик ааҕыллыбыта сэрэйиллэр. Киэһэ аайы таттаран туран аахпытым. Арамаан наһаа үчүгэйдик суруллубут, киэҥ ис хоһоонноох. Маны барытын хайдах туруораллара буолла диэн салла санаабытым. Билигин Алитет оруолун толорорбуттан режиссербар уонна Эллэй, Манчаары оруолларыгар махтана саныыбын.
Бастаан оонньууга холкутук киирбитим. Онтон оруолум уустугуран барбыта. Хас сырыы ахсын Андрей Саввич, Рома Дорофеев персонаж уустук майгытын саҥа өрүттэрин хостоон таһааран иһэллэр. Олох уларыйыытыгар Алитет ис туругар улахан уларыйыылар хайдах баралларын кырдьыктаахтык көрөөччүгэ тиэрдэр уустук этэ.
– Эн санааҕар, испэктээк атын дойдулар көрөөччүлэрин интэриэһиргэтиэ дуо?
– Аан бастаан 2021 сыллаахха бэс ыйыгар Казань куоракка “Науруз” бэстибээлгэ көрдөрүллүбүтэ. Татаардар көрөөт: “Биһиги олохпутун кэпсээтигит”, – диэбиттэрэ. Ол эбэтэр атын омуктар Алитет туораабыт ыарахаттарын эмиэ көрүстэхтэрэ. Сэбиэскэй былаас чааһынай бас билии оннугар уопсай хаһаайыстыбаны олохтооһуна дьон өйүгэр-санаатыгар, олоҕор саамай улахан уларыйыы эбит. Биһиги бастаан чукчалар олохторун «Начальник Чукотки» киинэттэн билбиппит. Уопсайынан, испэктээккэ муора олохтоохторо диэн тоһоҕолоон бэлиэтэммэт. Муората суох буоллаҕына, урукку Сойууска киирсэр омуктар 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ кэминээҕи олохторо көстөн кэлэр.
– Бүтүүтүгэр Алитет ханна барарый?
– Аһаҕас финаллаах. Биһиги эмиэ “Алитет ханна барарый?” диэн ыйытыыга элбэхтик толкуйдаабыппыт. Кини өлөр санаата суоҕа чуолкай. Биитэр өбүгэлэрин дойдутугар Дьааҥыга төннөр, биитэр атах-балай барар. Ойуун буолуон эмиэ сөп. Оччоҕо норуот духуобунай култууратын салҕааччы буолар. Биир кэскиллээх түмүк – бэйэтин оннугар норуотун сирдиир ыччаты иитэн таһаарар диэн буолуон сөп. Көрөөччү хайдах ылынарынан, Алитет олоҕун бэйэтэ салҕаан биэрэр дии саныыбын.
– Норуот олоҕор хайдах сабыдыаллыа дии саныыгын? “Хаарыан хампа күөх кытылым” курдук норуот XXI үйэҕэ силигилии сайдарыгар төрүөт буолуо дуо?
– Мин санаабар, «Хаарыан хампа күөх кытылым» оҥочото биирдэ долгун үрдүгэр күөрэс гыммытын курдук улахан өрө күүрүүнү оҥоруо суоҕа. Ол гынан баран, саҥа толкуйдары үөскэтиэ, көрөөччүгэ олох туһунан элбэх ыйытыыны биэрэн өйө-санаата уларыйарыгар улаханнык сабыдыаллыа. Ол эбэтэр өйү-санааны хамсатыа. Түмүгэр Арктика сайдыытын тиэмэтигэр тиэрдиэ дии саныыбын. Хотугу тыйыс айылҕалаах норуоттар олохторун туһунан кэпсиир испэктээк дуораана киэҥ сирдэри хабыан баҕарабын.
– Режиссер быһыытынан инники туох былааннааххын?
– Остуоруйа туруоруохпун баҕарабын. Наһаа үчүгэй “Летучий корабль” диэн остуоруйаны. Художник Михаил Егоровка эппитим, онуоха кини: “Хараабылбытын хайдах көтүтэбит?” – диэбитэ. Оҕоҕо аналлаах испэктээк баай оҥоһуктаах, кыраһыабай ис хоһоонноох буолуохтаах. Билигин эдэр көрөөччүнү тыйаатыр бэйэтэ иитэн таһаарыахтаах. Ону ситистэрбин.
Надежда ОСИПОВА.
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…