Балаҕан ыйын 5 күнүгэр Саха сиригэр бастакынан көҥүл тустуу оскуолатын тэрийбит, Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар элбэх аатырбыт бөҕөһү иитэн таһаарбыт Саха сирин, РСФСР уонна ССРС тустуутун үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сааһа буолар.
Бу үөрүүлээх түгэнинэн сиэттэрэн, Василий Николаевич Гоголевтан кини тус олоҕун уонна Дмитрий Петрович Коркин аттыгар сылдьан, хайдах курдук тустуук буола үүнэн тахсыбытын туһунан интервью ылбытым.
Эһээм Бүөтүр Гоголев-Бүтээһэ диэн Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх олох быстар дьадаҥы киһи буолар. Кини Чурапчы Арыылааҕар ыал буолан, түөрт оҕону төрөтөн, быр-бааччы олорбут. Икки уол, икки кыыс оҕолордоох эбит. Аҕам 1922 сыллаахха Ньукуолуҥҥа төрөөбүт буолан, Ньукулай диэн ааттаммыт. Кини саамай кыралара эбит.
1942 сыллаахха Чурапчы сирэ-уота курааннаан хайыта хатан, күөллэр уоланнар, аһыҥа өрө туран, биир да күөҕү ордорбокко кэбийэн сиэн, ыарахан сайын ааспыт. Бу кэмҥэ Саха сиринээҕи обкуом уурааҕынан, Чурапчы холкуостарын күһэйиинэн хоту оройуоннарга балыктата ыыталаабыттар. Биһиги дьоммутун, “Кыһыл знамя” холкуостаахтарын, хоту Булуҥҥа илдьэн сир-халлаан анныгар түһэрэллэр. Мин ийэлээх аҕабын кытта Кытаанах уола Дмитрий Коркин эмиэ көһүүгэ барсыбыт.
Аҕам 1954 с. дойдутугар кэлэн Арыылаах кыыһын кытары ыал буолаллар. Ийэм Устинья Михайловна Скрябина 1928 сыллаахха төрөөбүт, кини эмиэ көһүүгэ Булуҥҥа сылдьыбыт. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт: мин ыал улахан оҕотобун, 1956 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгин арҕаа баһыгар төрөөбүтүм. Мин кэннибиттэн 1958 сыллаахха быраатым Коля, онтон 1960 сыллаахха балтым Аня төрөөбүттэрэ.
Мин оҕо эрдэхпинэ Дмитрий Петрович Ленинградка үөрэҕин бүтэрэн Одьулуун оскуолатыгар завуһунан уонна нуучча тылын учууталынан ананан кэлбитэ. Бу оскуолаҕа оҕолору бастакынан көҥүл тустуу сиэксийэтин аһан дьарыктаан саҕалыыр. Чурапчыга үлэлиир сылларыгар биһиэхэ дьукаах олорбута, иккиэн биир хоско сытарбыт.
Дмитрий Петрович 1964 сыллаахха сайыҥҥы олимпиадаҕа аан бастаан тустууну көрө Токио куоракка барбыта. Онно аан дойду бастыҥ тустууктарын, кинилэр тустууларын, албастарын илэ хараҕынан көрөн, астынан аҕай кэлбитэ. Бу олимпиадаттан кэлэригэр миэхэ кеда аҕалан бэлэхтээбитин өйдүүбүн.
Ити кэнниттэн кини Чурапчы интэринээт оскуолатыгар тириэньэринэн ананан үлэлии тахсар.
Төрдүс кылааска үөрэнэ киирэрбэр, Дмитрий Петрович аҕабар “улахан уолгун Васяны миэхэ тустууга үөрэттэрэ биэр” диэн, интэринээккэ олорон үөрэнэр буолбутум.
Арай биирдэ, Казахстан оҕолорун кытта утарыта күөн көрсүү кэмигэр, миигин, 28 кг ыйааһыннаах уолу, 32-гэ өрө таһааран туһуннарбыттара. Хата, утарсааччы уолбун кыайбытым. Онтон 1976 сыллаахха Монреаль куоракка буолбут сайыҥҥы олимпиадаҕа көҥүл тустууга үс саха уолун (Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин) өрөгөйүн кэнниттэн Дмитрий Коркины 1977 сыллаахха “Зал борьбы” тириэньэринэн куоракка ыҥырбыттара.
Мин 1976 сыллаахха икки Бүтүн Сойуустааҕы турнирга кыайаммын, чөмпүйүөн аатын ыламмын, маастар нуорматын толорбутум.
Дмитрий Петрович Европа чөмпүйэнээтигэр, аан дойду чөмпүйэнээтигэр (Павел Пинигин бастыыр кэмигэр), аан дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьыбыта. Онтукам кэлин улахан тустуук буола сайдан-үүнэн тахсарбар олус элбэҕи биэрбитэ.
Дмитрий Петрович икки сылы быһа миигин соҕуруунан-хотунан илдьэ сылдьыбыта. 1979 сыллаахха Арассыыйа Куубагар тустубутум кэннэ, Дмитрий Петрович соҕотохтуу Чечняҕа Грознай куоракка Хотугулуу-Кавказ байыаннай уокуругар аармыйаҕа сулууспалата, ССРС үтүөлээх тириэньэрэ Деги Имранович Багаевка туттаран баран ыытан кэбиспитэ. Тиийбитим, бу куоракка байаҥкамаакка Пшенников диэн майор сыбаанньалаах Өлүөхүмэттэн төрүттээх саха киһитэ үлэлии сылдьара. Байыаннай чааспар соҕотох саха этим, бирисээгэ ылан баран, үс эрэ ый сылдьыбытым. Ол кэнниттэн успуорт ротаҕа Доннааҕы Ростовка сулууспалыы тиийбитим. Күҥҥэ иккитэ күүскэ эрчиллэрбит, аһылыкпыт олох үчүгэй этэ. Ити курдук сылдьаммын, Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин күрэхтэһиитигэр 48 кг тустаммын, маҥнай 1979 сыллаахха – үһүс миэстэ, онтон 1980 сыллаахха чөмпүйүөн буолбутум.
Дойдубар кэлэн баран Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин күрэхтэһиитигэр 48 кг тустаммын эмиэ бастаабытым. Онон Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин күрэхтэһиилэригэр – иккитэ чөмпүйүөн, биирдэ үһүс миэстэ буолан турабын.
Бу иннинэ 1978 сыллаахтан саҕалаан РСФСР чөмпүйэнээтигэр тустаммын, үстэ призёр буолбутум. Аны бу кэмҥэ Арассыыйа Куубагар тустаммын, чөмпүйүөн буолабын. Кэлин РСФСР тустаммын, биэстэ бастыыбын. Аны туран ССРС чөмпүйэнээтигэр үс төгүл призёр, үс төгүл чөмпүйүөн буолабын. ССРС чөмпүйэнээтигэр иккис миэстэ буолабын. Маны ааһан Европаҕа барыта түөртэ тустаммын, биирдэ иккис миэстэ, икки төгүл чөмпүйүөн буолабын.
Көбүөргэ бастакы улахан ситиһиим 1979 сыллаахха РСФСР норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ (Кириши куорат) – иккис миэстэ. Бу сыл Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин күрэхтэһиитигэр (Кишинёв) чөмпүйүөн буолабын.
1982 сыл – Европа чөмпүйэнээтигэр (Болгария, Варна) иккис миэстэ. ССРС чөмпүйэнээтигэр (Орджоникидзе) – үһүс миэстэ. Аан дойдутааҕы турнир (Иран, Тегеран) – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы турнир (Канада, Торонто) – бастакы миэстэ. 1983 сыл – Аан дойду Куубага (США, Толидо) – үһүс миэстэ. ССРС норуоттарын спартакиадата (Москва) – иккис миэстэ. ССРС чөмпүйэнээтигэр (Москва) – үһүс миэстэ.
1984 сыллаахха аҕам кэриэтэ саамай чугас киһим Дмитрий Петрович суох буолбутун кэннэ, ыарахан сүтүктээх кэммэр, аттыбар Роман Дмитриев баар этэ. Кини миигин салгыы эрчийэн барбыта. Роман Михайлович бэйэтэ олус уопуттаах тустуук буоларын быһыытынан, мин оҥорор албастарбын атыннык чочуйан үөрэппитэ. Ол түмүгэр, мин үс сыл субуруччу ССРС чөмпүйэнээтигэр бастаабытым.
1984 с. ССРС чөмпүйэнээтигэр – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы итиэннэ норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (ФРГ, Фрейбург) – бастакы миэстэ. 1985 с. Европа чөмпүйэнээтигэр (ГДР, Лейпциг) – бастакы миэстэ. 1986 с. “Үтүө дьулуур оонньуулара” (Москва) – бастакы миэстэ. ССРС чөмпүйэнээтигэр (Орджоникидзе) – бастакы миэстэ. Аан дойду Суперкубога (Япония, Токио) – иккис миэстэ. 1987 с. РСФСР чөмпүйэнээтигэр – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы турнир (ГДР, Зуль) – бастакы миэстэ. 1988 сыл – Европа чөмпүйэнээтигэр (Англия, Манчестер) – бастакы миэстэ. Турнир “Гран-при ФИЛА” (Венгрия, Будапешт) – бастакы миэстэ.
1988 с. ССРС сүүмэрдэммит хамаандата (тириэньэр Иван Ярыгин) Европа чөмпүйэнээтигэр чаҕылхай ситиһиилэнэр, барыта уон ыйааһынтан аҕыһыгар чөмпүйүөн аатын ылаллар. Москваҕа төннөн кэлбиттэригэр, Спорт кэмитиэтигэр улахан аһылыктаах көрсүһүү тэрийэллэр уонна үс уолга “Тустуу үтүөлээх маастара” ааты иҥэрэллэр. Ол иһигэр биһиги уолбутугар Василий Гоголевка эмиэ туттараллар.
Василий Гоголев Сахатын сириттэн тахсыбыт чулуу бөҕөс буоларын элбэх аатырбыт тустууктар билинэллэр уонна ол иһин кинини улаханнык сыаналыыллар, ытыктыыллар. Кини – олоҕун тухары Дмитрий Петрович Коркиҥҥа иитиллэн, уһаарыллан, алмаастыы кырыыланан, чочуллан тахсыбыт Саха сирин биир бастыҥ, хатыламмат буочардаах чулуу бөҕөс.
Дмитрий ЕГОРОВ,
Чурапчытааҕы оскуола-интэринээт выпускнига.
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…