Василий Гольдеров — Ньурба сирин махталлаах суруйааччыта (видео)
Саха биллэр бэйиэтэ, суруйааччыта Василий Гольдеров-Ороһу Уола тохсунньу ый 16 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кини Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үлэтин “Эдэр коммунист”, “ Кыым” хаһыаттартан, “Хотугу сулус” сурунаалтан саҕалаабыта.
Саха ааҕааччытыгар “Уолун куолаһа” кэпсээнинэн маҥнай тахсыбыта. “Илгэлээх ардах” бастакы кинигэтэ 1959 сыллаахха бэчээттэммитэ. Василий Гольдеров оҕолорун тэҥэ бүөбэйдээн, махталынан арыллыбыт поэзиятыгар олус истиҥник, дьоһуннаахтык сыһыаннаһара, уонтан тахса кинигэ автора. Иккис төрөөбүт дойду оҥостон улахан тапталы билэн олохсуйбут сирин, Амматын, «саха суруйааччыта буолан саргым салаллыбыт сирэ» диэн олус күндүтүк ахтара. Төһө да эдэр сааһыттан тэйдэр, төрөөбүт дойдутун Үөһээ Бүлүүнү олус күндүтүк саныыра, ол да иһин Ороһу Уола диэн литературнай псевдоним ылыннаҕа.
Бэйиэт Василий Гольдеров саха тыллаах ааҕааччыга биһирэнэн уостан түспэт ырыа буолбут “Умнуллубат онус кылаас” хоһооно бары көлүөнэ оскуолатын ахтар-саныыр киһиэхэ гимн тэҥэ ырыа буолан ылланан кэллэ. Бу ис сүрэхтэн тахсар тапталынан махталынан сыдьаайбыт ырыа хайа да кэмҥэ ыллана сылдьыа.
Василий Гольдеров-Ороһу Уола биһиэхэ, Ньурба дьонугар, махталына ахтыллар улахан суруйааччы. Кини Ньурба сирин бастакы суруйааччытынан ааттаммыт Степан Федотов айымньыларын олоҕун бэлиэ түгэннэригэр хомуйан, сыл-хонук тумарыгар саһыарбакка,дьиҥнээх доҕорго бэриниилээх буолуу тыыннаах туоһута гынан хас да кинигэни бэлэмнээн таһааттарбыта.
2010 сыллаахха Ньурба көмүс күһүнүгэр Саха сирин биллэр бэйиэттэрэ: бэйиэт, суруйааччы В.Ф. Гольдеров, норуот эрэнэ кэтэспит кэскиллээх поэтессата, Василий Гольдеров
“бастыҥ айымньыта”, Амма улууһун киэн туттуута С.В.Гольдерова — Саргы Куо, сиппит-хоппут поэт Н.Михалева-Сайа, бэйэтэ ураты куоластаах Сунтаар поэтессата Суоһааны күндү ыалдьыт буолбуттара. Ньурба типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбыт “ Кынаттаах олох” кинигэ сүрэхтэниитигэр суруйааччы Степан Федотов күнү көрбүт дойдутугар Дьиикимдэҕэ тахсан, Ньурба айар куттаахтарын кытта литература улахан бырааһынньыгар кыттыбыттара. Биир идэлээхпит, Дьиикимдэ бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Павлова Степан Федотов айар үлэтигэр элбэх үлэни ыыппытын, анал муннугу оҥорбутун астынан бэлиэтээбиттэрэ.
2013 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар Василий Гольдеров бибилэтиэкэр С.Н. Павловалыын Степан Федотов олох кырдьыгын кэпсээбит айымньыларын хомуйан,
“Ыһыах түүн” диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэ «Кынаттаах айымньылар» диэн киирии тылыгар Василий Гольдеров: “Доҕордоотор доҕорум Степам… Бииргэ төрөөбүт диэни билбэппин. Баара да эбитэ буоллар, бука, Степабыттан ордук истиҥ, чугас буолуон өйүм хоппото …”, — диэн долгутуулаах тыллара бааллар… Үчүгэй доҕор — дьылҕа бэлэҕэ диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Сыл-хонук төһө да аастар, махталлаах Ньурба сирэ суруйааччы Василий Гольдеров аатын, айбыт айымныларын мэлдьи инники күөҥҥэ тутан, кэлэр көлүөнэ ыччат дьоҥҥо тиэрдэ туруо.
Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба
х х х
Үөһээ Бүлүү улууһун Киин бибилэтиэкэтэ Василий Гольдеров төрөөбүтэ 90 сылыгар кини айымньыларынан бэлэмнээбит аудио-устуутун билсиҥ.
Ааҕаллар: «Көлүкэчээн» — Изабелла Сыбахова, «Ньукуус» — Розалия Степанова, «Аҕа таптала» — Мария Егорова, «Күнүү» — Васма Иванова, «Кыһамньы» — Сахаайта Мойтохонова, «Ууга да куппут ордук» — Галина Саввинова, «Аара» — Анна Степанова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: