Василий Илларионов: «Олоҥхо тустаах ирдэбилэ тутуһуллуохтаах» (ВИДЕО)

Василий Илларионов: «Олоҥхо тустаах ирдэбилэ тутуһуллуохтаах» (ВИДЕО)

23.06.2024, 09:00
Хаартыска уонна видео - Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Олоҥхо ыһыаҕа — олоҥхоһуттар өрө тутуллар үтүөкэннээх кэмнэрэ.

Кэлиҥҥи сылларга олоҥхону тута хоһуйан толоруу  көрүҥэ билигин  сонун көрүҥ курдук көстөр эрээри, дьиҥинэн бу — өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит үйэлээх үгэс. Олоҥхону анал ыйыллыбыт тиэмэҕэ хоһуйуу көрүҥүн (импровизация) күөн-күрэһин филологическай наука доктора, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун «Фольклор уонна култуура» кафедратын профессора Василий Илларионов бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ көрдө-иһиттэ.  Эппиэттээх бөлөх састаабыгар филологическай наука кандидата, ыстаарсай научнай сотрудник,  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун «Лингвофольклористика» секторын сэбиэдиссэйэ  Юрий Борисов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут, үгэс буолбут култуурунай нэһилиэстибэни үйэтитээччи, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Валентин Исаков үлэлээтилэр.

Анал ыйыллыбыт тиэмэҕэ хоһуйуу көрүҥүн күөн-күрэһин туһунан филологическай наука доктора Василий Илларионов санаатын маннык тиэртэ:

Олоҥхону сайыннарыыга нойосуус үөрэтэн баран, өйгө ааҕыынан буолбакка, олоҥхо үгэстэрин — матыыбын, ойуулааһыннарын, ис хоһоонун, быһата, бары ирдэбиллэри толороллорун ситиһии соруга турар. Бу туһунан профессор салгыы санаатын маннык үллэстэр:

Онон быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхоһуттарга бу ирдэбили  анаан тутуһуннардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: