Олоҥхо ыһыаҕа — олоҥхоһуттар өрө тутуллар үтүөкэннээх кэмнэрэ.
Кэлиҥҥи сылларга олоҥхону тута хоһуйан толоруу көрүҥэ билигин сонун көрүҥ курдук көстөр эрээри, дьиҥинэн бу — өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит үйэлээх үгэс. Олоҥхону анал ыйыллыбыт тиэмэҕэ хоһуйуу көрүҥүн (импровизация) күөн-күрэһин филологическай наука доктора, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун «Фольклор уонна култуура» кафедратын профессора Василий Илларионов бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ көрдө-иһиттэ. Эппиэттээх бөлөх састаабыгар филологическай наука кандидата, ыстаарсай научнай сотрудник, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун «Лингвофольклористика» секторын сэбиэдиссэйэ Юрий Борисов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут, үгэс буолбут култуурунай нэһилиэстибэни үйэтитээччи, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Валентин Исаков үлэлээтилэр.
Анал ыйыллыбыт тиэмэҕэ хоһуйуу көрүҥүн күөн-күрэһин туһунан филологическай наука доктора Василий Илларионов санаатын маннык тиэртэ:
Олоҥхону сайыннарыыга нойосуус үөрэтэн баран, өйгө ааҕыынан буолбакка, олоҥхо үгэстэрин — матыыбын, ойуулааһыннарын, ис хоһоонун, быһата, бары ирдэбиллэри толороллорун ситиһии соруга турар. Бу туһунан профессор салгыы санаатын маннык үллэстэр:
Онон быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхоһуттарга бу ирдэбили анаан тутуһуннардылар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…