Василий Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки уурдулар
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнүн көрсө, саха литературатын, национальнай театрын уонна национальнай бэчээтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, учуонай, суруйааччы уонна сырдатааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома буолла.
От ыйын 1 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Ол курдук, от ыйын 1 күнэ – Саха сиригэр ураты күн. 1907 сыллаахха бу күн икки тылынан тахсар «Саха дойдута» («Якутский край») хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Бу хаһыаты оччотооҕу саха интеллигенциятын лиидэрэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтара көҕүлээн таһаарбыттара.
Ил Тумэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, культураҕа, сонуннары киэҥник тарҕатар средстволар эйгэлэрин уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Николаевна Христофорова, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет филологическай факультетын суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Гаврильевич Сидоров, «Сахамедиа» информационнай-издательскай холдинг» акционернай уопсастыба генеральнай директорын солбуйааччы Чокуур Николаевич Гаврильев тыл эттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: