Салгыы
Василий Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки уурдулар

Василий Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки уурдулар

Ааптар:
01.07.2024, 10:33
Александр Тарасов хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнүгэр — саха литературатын, национальнай театрын уонна национальнай бэчээтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, учуонай, суруйааччы уонна сырдатааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар  сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома буолла.

Тэрээһин аһыллыытыгар диктор: «Бүгүн биһиги Баһылай Никииппэрэпкэ-Күлүмнүүргэ ытыктабылбытын, сүгүрүйэрбитин биллэрэн туран, Саха сирин чулуу уолун, уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, сырдатааччы, ХIX үйэ бүтэһигин, XX үйэ бастакы сылларын интеллигенциятын лиидэрин пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурабыт«, — диэн этиитинэн саҕаланна.

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриотическай иитиигэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов, «Сахабэчээт» судаарыстыбаннай автономиялаах тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ  Ньургуйаана Стручкова, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, суруналыыс, суруйааччы Иван Ушницкай тыл эттилэр.

От ыйын 1 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Ол курдук, от ыйын 1 күнэ – Саха сиригэр  ураты күн. 1907 сыллаахха бу күн икки тылынан тахсар «Саха дойдута» («Якутский край») хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Бу хаһыаты оччотооҕу саха интеллигенциятын лиидэрэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтара көҕүлээн таһаарбыттара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: