Василий Приклонскай үс сыл Саха сирин чинчийбитэ

Василий Приклонскай үс сыл Саха сирин чинчийбитэ

Ааптар:
12.06.2023, 19:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Саха сирин устуоруйата, этнографията сорох эрэгийиэннэртэн быдан ордуктук чинчийиллибитин биир төрүөтэ – үөрэхтээх, дириҥ билиилээх-көрүүлээх дьон буруйданан сыылкаҕа кэлбиттэрэ буолар. Бу дьоннортон сорохторо Саха сиригэр кыраайы үөрэтиинэн үлүһүйэн, науканы байыппыттара. Ол эрээри аҥаардас күһэйии эрэ өттүнэн кэлбит дьон биһиги дойдубутун чинчийбиттэрэ диир сыыһа. Холобур, 1881 сыллаахха Илин Сибиир генерал-губернаторын ыҥырыытынан үлэлии кэлбит Василий Львович Приклонскай “Үс сыл Саха сиригэр” («Три года в Якутской области») диэн ааттаммыт бэрт киэҥ уочарканы суруйан бэчээттэппитэ. Бу үлэттэн кылгастык быһа тардан билсиһиэҕиҥ.

САХА УОБАЛАҺЫН ВИЦЕ-ГУБЕРНАТОРА

Василий Львович уочаркатын киирии тылыгар Польшаттан (ол кэмҥэ Арассыыйа муҥутуур арҕааҥ­ҥы эрэгийиэнэ) Саха сиригэр икки ый айаннаан кэлбитим диэн кэпсиир. Илин Сибиир генерал-губернатора Дмитрий Анучин үлэҕэ ыҥырбытыгар үөрүүнү кытта сөбүлэспит, кэлэн баран Үөһээ Дьааҥыга олохтоох инородческай управалары ревизиялыы айан­наабыт. Сахалар, чукчалар, алеут­тар олохторун-дьаһахтарын чинчийэр эспэдиисси­йэҕэ 132 хонук буолбут. Кэнники Саха уобалаһын дьаһалтатыгар үрдүкү сүбэһитинэн үлэлээбит, 1883 сылга кылгас кэмҥэ вице-губернатор дуоһунаһын сүкпүт. “Суруйууларым систиэмэтэ суох, түмүк таһаарыыта суох бэлиэтээһиннэр… Дьокуускайга мусуой, бибилэтиэкэ суох буолан теоретичес­кай билиибин хаҥатыы харгыстанна” диэн эбии быһаарыы биэрбит. Дьиҥэр, статис­тика, экэниэмикэ өттүгэр бэрт сиһилии чинчийии ыыппыта көстөр, ревизор быһыытынан үлэлии кэлбитэ көстөр. Ону кытта саха омук олоҕун-дьаһаҕын, култууратын чинчийиигэ эмиэ элбэх сыратын бараабыт. Суруйуутун таһынан 100 малтан турар этнографическай кэлиэкси­йэни мунньан мусуойга бэлэхтээбитэ биллэр. Бу үлэтин иһин Нуучча Географическай Уопсастыбатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэ­тэммит. Ойууннааһыны чинчийбит үлэтэ ньиэмэс тылыгар тылбаас­таммыт, онон наукаҕа кылаатын иһин Прусскай корона иккис кылаастаах уордьанынан наҕараадаламмыт.

ЫҺЫАХ ТУҺУНАН БЭЛИЭТЭЭҺИННЭРИТТЭН

“Сахалар үөрэр-көтөр быраа­һынньыктара аҕы­йах. Арай саас ааһыыта, сайын кэлии­тэ аралдьыйар, сынньанар кэмнэрэ үүнэр. Сааскы күннэртэн биэ ыама саҕаланар, кымыс мунньуллар. Ньукуолун күнүттэн саҕалаан баай дьоннор ыһыах ыһан бараллар. Дьоро күн аһаҕас халлаан анныгар, ырааһыйаҕа туос холлоҕосторго кымыс кутан туруо­раллар. Күөх отунан-маһынан симэммит үс үрдүк баҕана туруораллар, хас биирдии­лэрин аттыгар 10-11 саастаах уол оҕону илин диэки хайы­һыннаран туруораллар, онно кымыһынан туолбут сүүнэ улахан симии иһит диэннэри туруо­раллар. Онно ытык ыалдьыттар мусталлар, кинилэртэн муҥутуур кырдьаҕастара сүрүн чороону тутан уоту аһатар, айыыларга алгыс этэр”, – диэн Приклонскай суруйар.

Приклонскай бэрт кичэллээхтик алгыс, оһуокай тылларын суруйбут, ис хоһоонун тылбаастаан тиэрдэ сатаабыт. Сорох тыллары сөпкө истибэтэҕэ көстөр, холобур, “эһиэкэй” таһаарыыны “эргийэ сылдьан ыллыыллар, хатылыыр тыллара “го-ю-го-ю” диэн иһиллэр” диэн хоһуйбут. Ол да буол­лар, билбэт тылын бэрт чопчутук тиэрдэр: «Эгей эгей оголоръ дже доготторъ ёрерь кюммють юньня таптыръ кюммють тахсанъ эрярь санга джылбытъ салалынна эрьгя джылбытъ эляйдя анъ дойду ачалата кёнь дойду кергеньня ёскюлляхъ джонъ ёскятя теректэхъ сёсю тёрётьтя терюрь-ого уялана итярь сёсю кюрёляньня бу ёрю иньнигярь кекелесень олоронъ керя тылла кепсетегингъ чогусасанъ олоронъ джолахъ тылла тоённосогунъ эря доготторъ эгей эгей оголоръ!»

«Кымыс иһии кэнниттэн сүүрүүгэ, тустууга күрэхтэһии саҕаланар. Сүүрүүгэ чиҥ сири талаллар, күөлү тула сүүрүүнү ордороллор. Күөл иэнэ кыра буоллаҕына хас да төгүл эргийэллэр, 8-10 биэрэс­тэҕэ тиийэ уһун сырсыы буолар. Бастаабыты тыастаахтык уруйдууллар, тиһэх кэлбиттэри үөннээх тылларынан көрсөллөр”. Ат сүүрдүүтүн туһунан кыластык эппит: “Сахалар уксалларын олуһун сөбүлүүллэр, ат сүүрдүүтүгэр улахан уксуу саҕаланар”.

Хапсаҕайы хоһуйбут: “Тустар быраабылалара судургу – илиитинэн, тобугунан сири таарыйбыт кыайтарбытынан ааҕыллар. Тустуу кэмигэр ньылбырхай буолаары отунан соттоллор. Көрөөччүлэр сүбэлээн, ырытан айманаллар, тыастаахтык ыалдьаллар. Кыаттарбыт кыбыстан дьон быыһыгар саһа сатыыр, кыайбыты үөрэ-көтө уруйдууллар”. Оччолортон тустуу ыалдьаач­чылара соччо уларыйбатахтар быһыылаах.

ТАР ТУҺУНАН

Приклонскай суруйуулара атын чинчийээччилэр үлэлэрин кытта дьүөрэлэһэр, хатылыыр. Судаарыстыба үлэһитэ буолан экэниэмикэ уонна социальнай сайдыы тиэмэтигэр арыый дириҥ чинчийии ыыппыта көстөр. Уопсай кэтээн көрүүгэ саха дьадаҥыта олус уустук усулуобуйаҕа олорорун бэлиэтиир. Ол курдук, саха тиийиммэт өттө сүрүннээн тарынан аһылыктанарын ыйар: “Нуучча сүрүн аһа килиэп буоларын курдук, саха сүрүн аһылыга тар буолар. Тар баарыттан, сыанатыттан саха олоҕо быһаарыллар. Тар холбуллубут, буспут үүттэн оҥоһуллар. Сайын устата ампаар­га, оҥкучахха 20 бууту батарар уһааттарга үүт мунньуллар, суорат буолан аһы­йар. Бу сүөһүлээх саха ыалын кыһыҥҥы хасааһа. Биир ынах сайын устата 12 буут тары биэрэр, орто сыаната 7 солкуобайга тэҥнэһэр. Тымныы буол­лаҕына хаарга төкүнүк оҥхойдору оҥороллор, ону ынах сааҕынан сыбыыллар, үрдүнэн уу кутан килэритэллэр уонна бу “иһиккэ” тары кутан тоҥороллор. Тоҥуон иннинэ тарга уһун мас угаллар, бу маһынан дөйө тоҥмутун кэнниттэн тары хоҥнорон ылаллар. Дьадаҥылар тарга сылгы, ынах уҥуоҕун, кииһилэ оту, бэс үөрэтин эбэл­лэр. Аһыы суоракка өр сытан уҥуох өҥүргэс курдук сым­­наан хаалар. Тарга хаппыыста сэбирдэҕин сороҕор угаллар, оттон биир дьахтар хортуоппуй хаҕын укпутун сөбүлээбэтэхтэрин туһунан истибитим. Уопсайынан сахалар нууччалар үүннэрэр оҕуруот үүнээ­йилэринэн аска холооботтор. Бастыҥ тарынан туох да булкааһа суох үрүҥ тар ааттанар. Тартан хааһы астыыллар – биир муунта тарга үс муунта ууну кытта чиэппэртэн биир муунтаҕа тиийэ нэчимиэн бурдук кутан буһараллар. Тар хааһыга унньуула оту эбэллэр. Бу күөлгэ үүнэр от силиһин ыам ыйыттан бэс ыйыгар диэри хомуйаллар. Биир ньуоска үлтү сынньыллыбыт унньууланы биэс муунта тарга эптэххэ тары күүскэ хо­­йуннарар, минньигэс амтаннаах оҥорор. Элбэҕи эппэттэр – аһары куттахха хотуолатар уратылаах. Бу куртаҕы албынныырга анаммыт ньыма буолара өйдөнөр”.

САХАЛЫЫ КҮН-ДЬЫЛ

Василий Прик­лонскай саха халандаара бутуурдаах диэн бэлиэтиир. Ол курдук икки тус-туһунан суруйуулары тэҥниир. Дионисий епис­коп 1853 сыллаахха таһаарбыт «описаніе Жиганскаго улуса» диэн брошюрата уонна Саха сирин уокуругун сэтээтэлэ Слепцов “Сахалар итэҕэллэрин туһунан” диэн ыстаты­йатыгар ыйдар туспа ыйыллыбыттарын көрдөрөр. Бу бутууру “баҕар, дааннайдары хомуйбут сирдэрэ бэйэ- бэйэлэриттэн ыраах сыталларынан быһаарыллара буолуо. Эдьигээҥҥэ ыйдар ааттарыгар хоһуйуллар көстүүлэр лаппа хойутаан саҕаланар буолуохтаахтар”, – диэн тойоннуур.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: