Салгыы
Василий Рожин сырдык аатын умнуохпут суоҕа…

Василий Рожин сырдык аатын умнуохпут суоҕа…

28.11.2022, 17:46
Бөлөххө киир:

Эдэр бэйиэт, чаҕылхай хоһоонньут Вася Рожины кытта алтыспыт үөлээннээхтэрэ, айар куттаах доҕотторо, «Айар аартыкпыт аргыстара» суруйарга холонор ыччат түмсүүтүн, «Талаан түһүлгэтэ» сааһыттан тутулуга суох айар дьон түмсүүлэрин уонна «АйАрт» кэмиэрчэскэйэ суох айар-суруйар дьон уопсастыбатын чилиэннэрэ Вася Рожин туһунан ахтыыларын таһаарабыт.

Вася… Бронсон… Рожин Бочуок…

…Вася… Бронсон… Рожин Бочуок… куһаҕан сонуну истэн курус да күннэр үүннүлэр. Ону тэҥэ, кинилиин алтыһыым сырдык өйдөбүл буолан хат-хат санаабар эргийэр.

…XXI Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар маҥнайгыбын кыттыыны ыла тиийэбин. Биллэн туран, кырыы сир киһитэ долгуйарым диэн сүрдээх. Уонна онтон, тыа киһитэ, ыал аҕата, биирдэ эмит Дьокуускайы өҥөйөн ааһар киһи, көҥүл босхо барыахтаахпын саныы-саныы үөрэрим кэмнээх буолуо дуо…

Васяны көрөөт, тоҕо эрэ, тута бодоруһан барбытым. Тыл аҥаарыттан өйдөһөр курдукпут. Ол баҕар, тыа дьонун сиэринэн эбитэ дуу, эбэтэр, хоһоон суруйа сатыыр биир эйгэлээх дьон буолан эбитэ дуу?..

Билсиһии-көрсүһүү, шашлыктааһын, кыратык «аһааһын» да баара… дьэ, уонна хоммут уоспутун хоҥуннаран, өрөөбүт уоспутун өһүлэн, хам-хаадьаа сэлэһэн бардахпыт. Ити курдук, олус судургутук бодоруһан саҕалаабыппыт.

Сарсыҥҥы күнүгэр, ааттаан-суоллаан кытта кэлбит сийиэспит саҕаланар. Түүнү супту сэлэспит уолаттар, сырайбыт-харахпыт мөлтөһүөр. Иккиэн биир сэминээр — саха поэзиятын кыттыылаахтарабыт. Ытыктыыр, сүгүрүйэр суруйааччыларбыт иннилэригэр тахсан тыл этиэхтээхпититтэн, кыттыахтаахпытыттан толлорбут диэн сүр быһылаах. Аан бастаан, онно өйдөөн, сөҕө истибитим, Вася хоһоону хайдах ааҕарын. Суруллубут хоһоонун тылларын лып-лап чуолкайдык ааҕан, дьоҥҥо сатаан тириэрдэрин сөҕө да, ымсыыра да санаабытым. Биллэн турар, ордугурҕааһын да ханна барыай? Биир тэҥник күрэхтэһэ, инникини былдьасыһа сылдьар дьон буоллахпыт… оннук.

Сити курдук, Вася биһикки алтыһыыбыт, доҕордоһуубут саҕаламмыта. Төһө даҕаны, иккиэн «Үөһээ» атын-атын улуустарга (Үөһээ Дьааҥы уонна Үөһээ Бүлүү) тус-туһунан сырыттарбыт, бэйэ-бэйэбитин билсэрбит, суруйсарбыт, кэпсэтэрбит. Ситиммитин быспатахпыт. Ордук айар үлэбит, саха да, нуучча да, урукку уонна билиҥҥи суруйааччылар тустарынан тапсан кэпсэтэрбит. Ордук чорботон, Иван Арбита, Сергей Есенин хоһооннорун ахтарбыт.

Чэ, ити курдук… онтон, бу бүтэһик буолан ааспыт Сүбэ мунньахха, Вася кыттааччы, мин, кыттан бүтэн, көрөөччү-истээччи буолбуппут. Иллэҥсийээт, эмиэ бардахпыт. Ханна барарбытын, тугу гыныахтаахпытын тылбытынан быһаарсыбатарбыт даҕаны, курдаттыы билэбит. Арай, мүчүк-мүчүк гынан, үөннээхтик мичээрдэһэн ылабыт…

Ол киэһэ, эмиэ аҕыйах буолан, бүөмнээн көрүстүбүт. Ирэ-хоро кэпсэттибит, Вася уол, уот ылардыы, кэлэ охсон барбыта. Ол киирэн тахсаары, ис-иһиттэн иэйэн туран барыбытын алҕаабыта. «Аны 30-40 сылынан суруйааччылар көрсөммүт, бу кэми бу курдук бииргэ саҕалаабыппыт диэн ахтыахпыт ахан» диэн, туолбатах ыраны этэ-тыына турара харахпар билигин да көстөр, кулгаахпар аны да иһиллэр…

Ол кэннэ… бастакы хомуур, төһө эмит буолуон иннинэ, Вася «Украинаҕа барыам…» диэн “ватсаптыыр”. Дьээ, онно мин, арыый да аҕа саастаах киһи (5 сыл аҕабын), «…туох акаары киһигиний, доо! Туоххунуй, ол эмиэ…» диэн мөҕөрүм-этэрим, үөрэтэрим киирэр…

Тиһэх көрсүһүү.

…2022 сыл, атырдьах ыйын 14 күнэ… оттоон бүтэммин, олоҕум аргыһын кытары — Аанчыкпынаан, Улуу Москуба, Санкт-Петербург куораттарга сынньана бараарыбыт, тыабыт сириттэн өрөспүүбүлүкэ тэбэр сүрэҕэр тиийэн хоно-өрүү сытабыт. Чугас баар маҕаһыыҥҥа тахсабыт… Арай, аан айаҕар, киириигэ икки эдэр дьон тураллар… биирэ Вася, көрөөт, соһуйдум-өмүрдүм… Көрсөөт, «Һоок, хайа, нохоо!» дэһэ түстүбүт. Табахсыт дьон, таһырдьа тахсабыт… ол бүтэһик илэ көрсүһүүбүт буоларын, хайабыт сэрэйээхтиэй. Ахтыспыт, ол эрэн аасыһан эрэр дьон, түргэн-түргэнник тыл бырахсан кэпсэтэбит. Бааһыран төннөн иһэр кэмэ эбит. Ол да иһин, ырбыта сүрдээх… Сарсыҥҥы күн, дойдутугар — Үөһээ Дьааҥыга көтүөхтээх эбит, онон сарсыарда аэропорка көрсүөх буолан араҕыстыбыт…

Мин сарсыарда тураат, Москубалаан эрэр киһи, үөрүү көтөллөөх порка тиийэбин… Васябын көрбөппүн. Хоту көтүөхтээх рейси кэтэһэр дьону манаһабын да, киһим суох. Баҕар хойутуу көтүөхтээҕэ дуу… ол курдук, көрсүбэккэ көттүм…

Күһүөрү, Бүлүү эбэни уҥуордуур паромҥа олорсон, улуус киинигэр баран иһэбин. Телефонум тыаһыыр… Бронсон (төлөппүөммэр хайдах сурулла сылдьарынан) эрийэр… Дойдутугар, эмиэ, улуус киинигэр көрдөрүнэ сылдьар эбит… Ону-маны кэпсэтээт, киһим: «…армиялааххын буолбаат? Барыахха, Украинаҕа…» диир. Мин: «… Эн хайдах буоллуҥ? Бэйэҥ эппитиҥ буолбаат, «киһи барбат дойдута» диэҥҥин… уонна тоҕо да иккистээн бара сатыыгын?..» диибин. Киммит билээхтиэй, тиһэҕин баран эрэрин, ол биһиги бүтэһик кэпсэтиибит буолбутун…

Куһаҕан сонуну истээт, арааһы эргитэ санаатым… Хаарыан ыччат… барыта өссө даҕаны иннигэр этэ. Кини биһиэхэ — билэр, алтыһар эрэ дьонугар буолбакка, бүтүн сахатын норуотугар өссө да элбэҕи айыахтаах-суруйуохтаах этэ. Чахчы, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах уол… саатарын, ыал буолан кэннигэр аатын ааттатар, олоҕун ситэрэр ыччаттардааҕа буоллар ньии… Абатын. Кыһыытын. Хомолтотун.

Вася. Аны суох. Төннүбэт. Хааллылар айымньылар. Санаалар. Ыралар.  Биһиги, кинилиин алтыспыт, бодоруспут дьон, Кини айымньылара түмүллэн тахсыытыгар күүс-көмө, төһүү буолуохтаахпыт…

Дьонугар-сэргэтигэр дириҥ кутурҕаммын тириэрдэбин. Суруллубут суоруллубат. Онон даҕаны сиэттэрэн, биһиги Бочуокпут, айымньыларын кытары ахтылла туруо. Хара бараан дьүһүннээх сырдык мөссүөнэ өрүү сүрэхпитигэр буолуо.

Николай Васильев-Харыйалаах Уола,

Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт.

“Дойдум туһугар” диэн биир тыллааҕа…

Чаҕылхай уот күлүмүн курдук сырдыгынан сыдьаайан, киппэ көрүҥнээх, сытыытык дьөлүтэ көрүтэлээбит уол оҕото сааскы ылааҥы күн Дьокуускай куорат «Фудзияма» ресторанын иһигэр киирэн кэлбитэ. Мин кинини ол күн маҥнайгыбын илэ көрбүтүм. Онно биһиги, эдэр суруйааччылар, бииргэ эбиэттээри болдьоһон мустубуппут. Күлэн-үөрэн, биир үтүө күммүтүн бииргэ атаарбыппыт. Оо, онно хантан билиэхпитий, Дьылҕа Хаан араастаан ытыйыан?! Кылгас да кэмҥэ кинилиин илэ көрүстэрбит, күн ахсын “ватсап” ситимигэр билсэ, сонуммутун үллэстэ олорбуппут.

Сэриигэ барарын эмиэ бары билэрбит. Үгүс кэрэ аҥаар сүрэҕин долгуппут уолчааны кыыс аймах тохтото сатаабытын, ама, истиэ дуо? «Дойдум туһугар», — диэн биир тыллааҕа. Вася Рожины Бронсон диирбит, ураты сытыы тыллаах хоһооннорун аахпыт эрэ сэргиирэ, хайгыыра. Уот тыллаах уол рэп ааҕан соһуталыыра, ырыа ыллаан барара. Кини көрдөөх тыллара айар куттаах доҕотторбутун тута сэргэхситэрэ, бөлөхпүт иһэ «тиллэ» түһэрэ. Биир саамай тарбахха баттанар, элбэҕи эрэннэрэр, чулуу уолбутун сүтэрэн, бары наһаа да хомойдубут. Итэҕэйбэппит.

Кини туһунан ыарахан сонуну истэн, олус аһыйан, ытамньыйан, ол түүн уум кэлбэккэ сытан, арай хараҥа хоһум иһигэр кини сөҥ, хойуу куолаһын истэргэ дылы буолбутум… «Аһыйа көрүмэ эн миигин… букатын барда диэн ытаама… — диэн куолас иһиллибитэ. Салгыы тыллар быыстала суох кутуллубуттара, нэһиилэ ситэн суруйан испитим…

Аһыйа көрүмэ эн миигин,

Букатын барда диэн ытаама,

Тыыннаахпын суруйбут тылларбар,

Иһиллиэм хас биирдии дорҕооммор…

Кэннибэр мин ааспыт олохпор,

Сайыһа хаалбыта доҕорум,

Баар этэ мин кылгас олохпор

Имэҥнээх, ып-ыраас тапталым…

Хаарыаннаах харахтар ытаамаҥ,

Ийэлээх аҕаккам баалаамаҥ,

Билэрим сотору бүтэрин,

Сир-халлаан анныгар кыргыһыым…

Кэмсинэр диэн тугун билбэтим,

Хорсуннук өстөөхтүүн кыргыстым,

Хаанынан оҕуолуур сир иэнин

Харааста, аймана көрбүтүм…

Билигин мин билбэт үрдэлбэр

Кый ыраах кытыастар чүмэчим

Ыллыгы ойуулуу угуйан,

Таас Дьааҥым үрдүнэн кытарар…

Аһыйа көрүмэ эн миигин,

Букатын барда диэн ытаама,

Тыыннаахпын суруйбут тылларбар,

Иһиллиэм хас биирдии дорҕооммор…

* * *

Не жалей, что погиб я до срока,

И не плачь по мелькнувшей судьбе, —

Буду жить я в написанных строках,

В звуках слов, что оставил тебе…

Ты осталась в той жизни короткой,

Не желая меня отпустить,

Но любовью земною и чистой

Всё ж успела меня одарить…

Вы не плачьте, любимые очи,

Извините меня, мать с отцом,

Я ведь знал, что недолго мне светит

На подлунной земле жить борцом…

Не жалею, что в схватке жестокой

Встретил смело я пулю свою,

Лишь о том меня мучит тревога,

Как кровила земля в том бою…

Над моей высотой, над последней,

Вьется пламенем Духа свеча,

От него до хребтов Верхоянья

Алый луч устремился, светя…

Не жалей, что погиб я до срока,

И не плачь по мелькнувшей судьбе, —

Буду жить я в написанных строках,

В звуках слов, что оставил тебе.

(Стихи, продиктованные САРДАНЕ голосом погибшего в СВО молодого, талантливого поэта ВАСИЛИЯ РОЖИНА из Верхоянья, перевела Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ 20.11.2022).

Эдэр, талааннаах уолбутун, доҕорбутун үйэлэр тухары сүрэхпитигэр илдьэ сылдьыахпыт. Кини хоһооннорун бу сиргэ хаалларбыт оҕолорун курдук саныахпыт.

Сардаана Корякина-САРДААНА, Дьокуускай к.

*     *     *

Доҕорбут кэриэһигэр…

Поэт доҕорбут өлбүтүн
Истэммин хараҕым ууланна
Оо,тоҕо бу кырыктаах сэрии
Сиэтэ эдэркээн уолбутун?!
Хорсун санаалаах буолаҥҥын
Эйэ туһугар охсуһа барбытыҥ.
Төннүөҕэ, кэлиэҕэ диэн эрэнэ
Хаалбыппыт биһиги бу манна.
Туойарыҥ эн  мэлдьитин
Олоҕу дьиҥ баарынан,
Санааҕын сайа этэртэн
Толлубат буоларыҥ хаһан да.
Доҕорбут,доҕорбут быраһаай,
Аны хаһан да эн сөҥ куолаһыҥ
Көрсүһэр күммүтүн долгуппат,
Аны хаһан да эн истиҥ мичээрдээх
Мөрсүөҥҥүн одуулаан турбаппыт.
Биһиги куруук ахтыахпыт-
Олоҕу туойбут хоһоонноргун,
Тиһэх күммүтүгэр анаабыт  алгыстаах тылларгын.
Быраһаай,быраһаай, поэт доҕорбут…

Мария Андреева.

18.11.22

****

Олох… Олоххо ыалдьыттыы кэлэбит диэн, кырдьык да, оннук эбит. «АйАрт» түмсүүбүт үтүө доҕоро, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ, саха эдэр поэта Василий Алексеевич Рожин-Бронсон Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн баран, Аҕа дойдутун иннигэр ытык иэһин толоро сылдьан, бу дьыл сэтинньи 16 күнүгэр суорума суолланан, олохтон  туораабытын истэн,  олус да хомойдум, санааҕа ыллардым, дириҥник курутуйдум, олох сокуонун хайдах эрэ ылыныахпын баҕарбатым, ол эрэн, Дьылҕа Хаан ыйааҕа диэн кытаанаҕын дьэҥкэтик өйдөөтүм.

…Мин Васяны илэ көрсүбэтэҕим эрээри, бу түмсүүгэ киириэхпиттэн ыла билсэн, куйаар ситимин нөҥүө бэркэ доҕордоспуппут. Кини миигин эдьиийим диэн дьээбэлиирэ, мин быраатым диирим. Вася олус элэккэй, аламаҕай, киэҥ көҕүстээх, көрдөөх-дьээбэлээх, ол быыһыгар хотугулуу кытаанах майгылаах этэ. Төһө да олох тургутуутун аастар, олоҕу таптыыра бэрт буолан, хоһоон-ырыа кэрэ эйгэтигэр куустаран, онон иэйиилэнэн, бар дьонугар үтүө аатын, айымньыларын хаалларда.

…Хаарыан үтүө доҕорбут эмискэ олохтон туораабытынан кини дьиэ кэргэнигэр, балтылаах быраатыгар, дойдутун дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбин, кытаатан тулуйуҥ, Васябыт үтүө аата үйэлэри уҥуордаатын, кэнэҕэс кэнчээри ыччакка суолдьут сулус буолан үөһэттэн тырымныы сыдьаайдын.

***

Тулам дьикти хараҥа,

Туохтан эрэ адаҕа,

Эмиэ курус бүрүүкээтэ,

Эстэр саа тыаһа лүһүргээтэ.

Дьикти кэммит ыар үйэтэ,

Дьиикэй сэрии үтэһэтэ

Хаарыан уолбутун сиэтэ,

Хаалларда баас гынан, симэлиттэ.

Аар айылҕа тэҥҥэ ытаста,

Аймана атаарар ырайга,

Аарыма тайах сүүрэн ааста,

Атаспын Васяны саната.

Ийэ дойдутун көмүскүү,

Эйэлээх олоҕу түстүү

Уоттаах сэриигэ аттаммыта,

Уонна суорума суолланна.

Санаа-оноо хам кууста,

Сата тыала уһуурда,

Арай хаар кыыдамныыра,

Аргыый аҕай кыымныыра.

Саргын кыыһа Күннэй.

20.11.2022 сыл. Нам с.

****

2017 сыллаахха киэһэлик “ватсап» ситимин көрө сыттахпына, эмискэ “Айар аартык” диэн түмсүүгэ киллэрбиттэрэ. Бу түмсүүнү эдэр талааннаах кыыс Диана Сутакова тэрийбитэ. Ол киэһэттэн ыла мин олохпор саҥа сүүрээн, саҥа интэриэс үөскээбитэ.

Бары олус талааннаах эдэр оҕолор буолан, кэпсэтии сэргэх этэ. Онно хоту уола Вася Рожин баара. Кини кытаанах соҕус майгылаах, тыла-өһө сытыы буолан киһи болҕомтотун тута тардара. 2017 сыллаахха “Хоһоон хонуута” диэн хомуурунньук кинигэ таһаартарбыта, онно биһиги түмсүүттэн хас да оҕо хабыллыбыт этибит. Ол кинигэ сүрэхтэниитигэр Дьокуускай куоракка айаннаабытым. “Туймаада” камернай саалатыгар айар-тутар дьон тоҕуоруһа мунньустубут этилэр.

Вася Рожин улахан сиэркилэҕэ хаартыскаҕа түһэн ыыппыта, кэллиҥ да, миигин булаар диэн. Ол киэһэ мин кинилиин дьэ, көрсөн, хаартыскаҕа түһэн, сэргэхтик кэпсэтэн билсибитим. Кини уҥуоҕунан улахан, дьүһүнүнэн кыраһыабай буолан, кыыс-дьахтар сэргии көрөр уола этэ.

2018 сыллаахха Дьокуускай куоракка Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньата сүүрэн-көтөн “Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын” тэрийбиттэрэ. Биһиги түмсүүттэн онно элбэх ыччат хапсан муста түспүппүт. Дьиэ куортамнаан бэйэбит дьоҕус көрсүһүүбүтүн тэрийэн шашлыктаабыппыт, оонньообуппут-көрүлээбиппит. Сарсыҥҥы күнүттэн Сахабыт сирин саамай улахан тэрээһинигэр сылдьыбыппыт.

Вася хоһоонун ааҕа тахсарыгар илиитин илиитигэр тутан, олус сэмэй курдук көстүбүтэ, онтон хоһоонун аахпытыгар, тула уу-чуумпу буолбута. Оннук кини киһини умсугутар куоластаах, үчүгэйдик суруйар уол эбит этэ. Тэрээһин барыларын холбуу тута сатыыр курдук сатабыллаахтык оҥоһуллубута. Биһиги поэзия секциялара үксэ туспа сылдьан, бэйэ-бэйэбитин ыкса билсибиппит диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Васяны куоракка олорор курдук өйдүүбүн. Кэлин олорор дьиэтэ умайан, олус хомойон суруйбуттааҕа уонна дойдутугар илии-атах буола барбыта. Ол кэнниттэн пандемия буолан, биһиги көрсүбэтэхпит. 22-с сүбэ мунньах кэтэхтэн ыытыллан, бары да олус хомойбуппут.

Быйыл 23-с Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар кини кэлбэппин диэбитэ. Биһиги бэйэбит испитигэр быйыл ким бастыҥ буолуон таайарбыт, онно мин, эбэтэр Вася диэн буолбута. Мин ох курдук оҥостон, кыайардыы былааннанан барбытым. Поэзия секциятыгар талыллан кэлбит ыччат аҕыйах этэ. Вася кэлбэтэҕиттэн бары да хомойбуппут. Бастакы күммүт түмүктэнэн эрдэҕинэ, Наталья Ивановна бастыҥ ыччаккыт Вася самолетунан иһэр диэбитигэр, бары олус үөрбүппүт. Вася онно бастыырын мин эндэппэккэ сэрэйбитим, оннук да буолуохтаах этэ.

Сарсыҥҥы күнүгэр кыратык хойутаан кэлбитим, кини хап-хара буолан баран олорор этэ. Кини иннигэр киирэн, остуол нөҥүө олорбуппар саҥата суох бирибиэттэспитэ. Онно туран, олус да үчүгэйдик хоһоонун аахпыта. Вася кириитикэни үчүгэйдик ылынар талааннаах этэ. Инникилээх суруйааччы буолуоҕун билэр этибит. Эбиэт кэмигэр чугас кафеҕа тахсан, икки чааһы быһа ахтылҕаннаах кэпсэтиилэр буолбуттара. Коля, Маша, мин баар этибит. Васяны туох ааттаах хараардыҥ диэбиппитигэр, тыа киһитэ ойууртан тахсыбат үлэлээхпин диэн күлбүтэ. Түмүккэ, биһиги иккиэн Васялыын бастыҥнар ааттарыгар киирбиппит. Кини кинигэ таһааттарар сертификат ылбыта. Онно бары даҕаны олус үөрбүппүт. Вася нууччалыы кинигэлээх этэ эрээри, онно тиксибэтэхпит. Сахалыы кинигэ таһаартарыан олус баҕарарбыт.

Биһиги түмсүү олус истиҥ сыһыаннаахпыт. Ким да кимниин да бэрт былдьаһан киирсибитэ суох. Ким эрэ ситиһиилэннэҕинэ, олус үөрэбит.

Түмүк кэнниттэн Ойуунускай аатынан Литературнай музейга мустубуппут. Онтон мин, Коля, Маша, Римма буолан туһунан кафеҕа барбыппыт. Вася кыратык сылдьа түһэн баран, тиийиэм диэбитэ. Онно олорон элбэҕи да ырытан, кэпсэтэн ылбыппыт. Өр көрсүбэтэх доҕордуулар сэһэммит-сэппэммит элбэх буоллаҕа. Вася кэлин кэлбитэ. Оннук олорон, бириэмэ да ааһарын билбэккэ хаалбыппыт.

Кафебыт сабыллар чааһа кэлэн, биһиги аны Игнатий Слепцов дьиэтигэр барбыппыт. Вася сарсыарда 4 чааска самолекка киирэр буолан, кинини атаараары тарҕаспатахпыт. Игнатий дьиэтигэр дьэ, чуумпуран, арааһы кэпсэппиппит. Эһиил бары Суоттуга көрсүөх буолбуппут. Аны 30-40 сылынан бары түмсэн, “былыр, биһиги” диэн кэпсэтиэхпит диэн буолбута. Биһиги бары тэҥҥэ саҕалаабыт буоламмыт, бииргэ төрөөбүттэр диэн ааттаныахтаах этибит. Коля Россия Суруйааччылар сойуустарыгар киирбитин эҕэрдэлээбиппит уонна бары тутуспутунан сылдьыах буолбуппут.

Вася онно рэп аахпыта. Онно Колялыын “рэп — это не поэзия, Вася” дии-дии күлбүппүт. Кини онно барыбытын кууһан, өр да өр бакаалаһан барбыта. Онно биһиги сэрэйэн да көрбөтөх буоллахпыт, бу кинилиин тиһэх көрсүһүүбүт буоларын…

Биһиги төһө да сэдэхтик көрүстэрбит, оннук чугастыы доҕордуулар этибит. Вася сайын куоракка кэлбитигэр “ватсап» эрэ ситиминэн кэпсэппитим. Кинигэбэр үлэлэһэ сылдьабын диэбитэ эрээри, Украинаҕа барбытын кэнниттэн эрэ истэн хаалбыппыт.

Доҕорбут барахсан, саамай күөгэйэр сааһыгар олус да эдэригэр олохтон туораата. Билигин даҕаны итэҕэйбэккэ сылдьабын. Оҕолуу истиҥ мичээринэн аныгыс сүбэ мунньахха дуу, Суоттуга дуу кэлиэн баҕарабыт. Итэҕэс көрсүһүүлэр буолалларыттан хомойобут…

Сюзанна Кондакова, Кэбээйи улууһа.

Быдан дьылларга быраһаай

2018 сыллаахха сааһыары Эдэр суруйааччылар сийиэстэригэр ыҥырыллан дьоллоно сылдьар кэмнэрбэр, «Айар аартыкпыт аргыстара» эдэр холонооччулар “ватсап” бөлөхтөрүгэр киллэрбиттэрэ, билигин доҕор-атас буола сылдьар дьоммун кытары аан бастакытын онно билсибитим. Аныгы кэм дьон сиэринэн эрдэтинэ, куоракка кэллэхпитинэ тугунан аралдьыйыахпытын, ханна илэ олорон билсиэхпитин торумнаспыппыт.

Сийиэс Платон Алексеевич Ойуунускай өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаламмыта. Мин “ватсабынан” эрэ билсэр доҕотторбун илэ көрсө илик буоламмын, туораттан көрдүү таарыйа тэрээһини истэ турбутум. Арай, биир эдэр, муодунай таҥастаах уол, кыһаллан-мүһэллэн өйдөбүнньүккэ чугаһаан, сибэкки уура турарын хаартыскаҕа хатаатым. Уонна оннук умнан кэбистим, кэлин хаартыскалары наардыы сылдьан өйдөөбүтүм — Вася Рожин эбит.

Сийиэс туох да үрдүк күүрээннээхтик, бириэмэтэ бэрт тэтимнээхтик ааһа охсубута. Туох кистэлэ кэлиэй, билсиһэ таарыйа арыгы да испиппит баара. Буолуохтаах бүппүтүн кэннэ, дойдулуур массыына көрдүү сырыттахпына, Вася эрийэр. Доруобуйа көннөрүнүөххэ диир. Ханнык оптуобуһунан, ханнык баарга кэл диэбитин өйдөөбөппүн, бадаҕа пуорт диэки быһыылааҕа, «ыарытыйа» сылдьар буоламмын, куорат кииниттэн начаас ойутан тиийдим. Этиллибит баарга киирэн, пиибэ сакаастаан олордум уонна киһим суоҕун иһин эрийэ сырыттым. Күнүскү кэм буолан, баарга ким да суоҕун тэҥэ, муннукка аҕыйах киһи баара дуу, ону да аахайыы суох. Вася табаах ылына сылдьыбыт эбит.

Арай ыт оҕотун туппутунан киирдэ. Уоһа кулгааҕар тиийиэр диэри дэлби үөрбүт. Ыт оҕотун имэрийэ-имэрийэ түөһүгэр кууһа сылдьар. Баар официантката, нуучча уһун уҥуохтаах кыыһа айдааран туран кэлбэт үһү дуо, туохпут эмиэ ытай, ыт киллэрэр көҥүллэммэт, өссө бэйдиэ ыты буола-буола диэбит курдук моһуоннаах хаһыытаата. Вася кыыс үөхсэрин курдук нууччалыы хаһыытаспытын соһуйа иһиттим, онтон саҥалара уоскуйан, кыыс “подсобкаҕа” киирэн, туох эрэ ас тобоҕун биирдэ туттар тэриэлкэҕэ кутан биэрдэ.

Вася ыты таһыгар таһааран, аһата хаалларда. Баар уулусса өттө өстүөкүлэ буолан, барыта көстө турар. Кэлбитигэр, ыйыттым ээ. Үчүгэй ыт сылдьар эбит, бэрэбиэркэни ааста. Илдьэ барыам этэ диир. Дьэ, ол олорон олохпут туһунан элбэҕи кэпсэттибит. Киэһэбит кэлэн, халлаан хараҥаран барбыта, билигин санаатахха, күн аҥаарын быһа тугу кэпсэппиппит эбитэ буолла, эрээри, ол кэннэ доҕордуу сыһыаммыт өссө бөҕөргөөбүтэ. Итирэн баран охсуһан туран кэлбэтэхпитин сэрэйдэххэ, биһиги эмиэ бэрэбиэркэбитин аастахпыт.

Вася биир сүрүн уратыта: ис кутугар киллэрбэт дьонун кытары кытаанахтык уонна аһаҕастык кэпсэтэр хорсун майгылааҕа. Ол өттүнэн хас да быһылааннаах быһыылааҕа да, кимнээҕи кытары ырдырҕаһарын билбэт буоламмын, кэпсииртэн туттунуум. Ол сийиэс кэннэ биэс сыл тухары Васялыын илэ олорон көрсүбэтэҕим эрээри, бу биэс сыл тухары — төлөпүөммэр өрүү кэпсэтэр дьонум испииһэгэр бастакы сырытта. Күн аайы да буолбатар, ыйга биирдэ диэбит кэриэтэ, сибээспитин тута сылдьыбыппыт. Уолаттар быһаарсарбыт элбэх этэ — литература да буоллун, кыыс-кэргэн да сыһыана буоллун, үлэ-хамнас, тутуу-уһаныы да буоллун. Мин тугу эмэ оҥорбуппун наар “батсаапка”, статуска таһаарар идэлээхпин, бастакынан кини тарбаҕын чөрөтөр уонна, сыһыаннаах буолан эбитэ дуу, миигин билэрэ бэрдиттэн эбитэ дуу, дьэ ити хайдах оҥордуҥ, тугу туһанныҥ, хайдах эйиэнэ табылларый диэн эбэһээт ыйытара. Ыйыппат буоллаҕына сэрэйэбин — уол эмиэ арыгытын испит. Арыгы үчүгэйгэ тиэрдибэтин туһунан элбэхтик да эппитим, бэйэтэ да өйдүүрэ, ол эрээри хоту дойду хоһуунун натурата киниэхэ син биир ийэтин үүтүн кытта иҥмитин курдук — ньоҕойо сүрдээх этэ.

Вася дикциятынан дьарыгырбыта буоллар, Эдуард Рудыҕы, Левитаны да сынньатар ураты, киһи кулгааҕар утах курдук киирэр бэртээхэй куоластаах этэ. Хаста даҕаны кыралаан видео оҥорорбор хоһооннору кининэн аахтаран турардаахпын. Бэйэтэ да рэп ыллаан, интернеккэ баар популярнай блогтарга рейтинэ үрдүү сылдьыбыта. «Уонтан тахса тыһыынча киһи мускулларбын хамсата-хамсата рэп ааҕарбын көрбүт!» диэн эмиэ да оҕолуу, эмиэ да дьоһумсуйан кэпсиирэ бу баарга дылы.

Кини саамай хомойоро ол этэ – “инстаграмыгар” бэйэтэ айбыт хоһоонун таһаардаҕына, аҕыйах киһи болҕомтоҕо ылара, онтон эрчиллибит, спортивнай түөһүн нэлэтэн, видео таһаардаҕына туох да сүүнэ элбэх лайктары хомуйара. Билиҥҥи кэмҥэ айымньы сыаналаммат буолбут, тас көстүү брутальноһа уонна эротика дьон болҕомтотун ордук тардар диэн кэмсиммиттии этэрэ. Алтыспыт дьон Вася кэрэ аҥаардарга ураты таптыыр дьоҕура күүскэ сайдыбытын бары да билэн эрдэхтэрэ. Нууччалыы да хоһооннорун ааҕан көрүҥ — хайдахтаах курдук драматическай лириканы кытары эротиканы холбуу тутан хоһооннору хоһуйарый? Ону — өйдүүр эрэ киһи өйдүүр, мин санаабар, ити хоһоонноругар туох да «похабщина» суох, таптал эрэйин-мускуурун уонна таптал абылатар имэҥин ороҥҥо оҥоһулларын хоһуйуу диэн көрөбүн. Бары да орон дьыалатын оҥоро сылдьар дьон инибит.

Бу саас, өссө бастакы сырыытыгар Украинаҕа барыан иннинэ, иккиэн — мин Уус-Алдаҥҥа, кини Элгэһигэр тэпэлииссэ тута сылдьыбыппыт. Ол саҕана кэпсэтэрбитигэр Суруйааччылар сойуустара сүүс үчүгэй хоһоону суруй диэн дьаһайдылар диэбитэ, онуоха мин «эс, онтон, эйиэхэ сүүс буолуохтааҕар биэс сүүс хоһоонноннуҥ ини» диэбиппэр, «Ээ, «ол» хоһооннору кинигэҕэ киллэрбэппин буоллаҕа» диэн, улахан толкуйга сылдьарын иһитиннэрбитэ. Вася бу сылга буолбут сийиэскэ хоһоон сиэксийэтигэр бастыҥынан ааттаммыта. Ол да түгэҥҥэ амплуатын ыһыктыбатаҕа, түмүк тахсыытыгар күүтүүлээх ыалдьыппыт этэ. Рустам Каженкин этэ дуу, Гаврил Андросов этэ дуу, түмүк тахсар саала аттынааҕы көрүдүөргэ кыыһыра сылдьара бу баар: «Уолгут Үөһээ Дьааҥыттан бэҕэһэ көтөн кэлбитэ! Бүгүн куорат иһиттэн бу сири булан кэлбэккэ сылдьар!» диэбитэ.

Бүтэһигин илэ онно көрсүбүппүт. Өр да өр куустуһан туран, бүтэһик көрсүһүүбүт буоларын хантан билиэмий, эмиэ кэпсэтэ олоро түһүөххэ диэбитин, үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах киһи буоламмын, дойдубар барар массыынабар ыксаатаҕым. Вася… Өссө да элбэҕи айыах-тутуох, өссө да элбэх кэрэ аҥаар сүрэҕин уулларыах, өссө да элбэх эридьиэс түгэннэри оҥоруох киһи букатыннаахтык күрэнниҥ…

Ый анараа өттүгэр кэриэтэ кэпсэтэ сылдьыбытым. Киһим тосту уларыйбыт этэ. Тыҥам аҥаарын ылан бырахтылар диэбитэ. “Артобстрелга” түбэспит этилэр. Тоҕо эрэ онно тугу эрэ ситэри оҥорботоҕун, ситэри сулууспалаабатах курдук тылласпыта. Мин идэбинэн бохсо сатаабытым, харчы аата харчы, биир күн баар, биир күн суох, аата, тылланан да тоҕо бара сатаатыҥ диэбитим. Хоту дойду хоһууна санаабытын ыһыктыбат. Ньоҕой.

Доҕорум Вася… Билигин да тыыннааххын, билигин даҕаны статус таһаардахпына, тарбах чорботор “смайликкын” күүтэбин, билигин даҕаны санаабар онно, Үөһээ Дьааҥыгар баар курдуккун.

Бу сайын ууттан эмсэҕэлээбиттэргэ үлэбинэн командировкаҕа бара сылдьыбытым. Сөмөлүөккэ олоруох иннинэ экономистыы баран иһэр эмиэ Элгэс уолун көрсүбүтүм, Васяны санаан сураспытым. Аатын умуннум, ыаллыы олорор уол эбит этэ «Аа, Блэк Дог диэ, билэн буоллаҕа!» диэбитэ. Элгэстэн Киһилээххэ проводниктыырын кэпсээбитэ, проводник курдук сылаалаах үлэни мээнэ дьон тулуйбатын эппитэ. Үөһээ Дьааҥылар наһаа да эйэҕэс, наһаа да истиҥ сыһыаннаах көрсүө дьон этилэр, ыалдьытымсахтара, элэккэйдэрэ. Ол да иһин уоллара Вася биһиги сүрэхпитигэр дириҥник иҥтэҕэ, тулхадыйбат доҕордуу буоллахпыт…

Доҕорум Вася… Эн төһө да этиҥ-сииниҥ салгыны эҕэрийэн тохтоотор, эн тыыннааххын! Тыыннааххын — айымньыларгар, тыыннааххын — биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар. Быдан дьылларга быраһаай!

Анатолий Кириллин –ДьолуКуус.

Вася — өрүү мин сүрэхпэр

Васялыын кылгастык да буоллар, чугастык билсибиппит. Күлэн-үөрэн, ардыгар кыратык ытырсан да буоллар, кэпсэппиппит, күлбүппүт элбэх. Миэхэ аан бастаан кини мин туспунан хоһоон суруйан ыыппыта уонна: «Мин харахпар эйигин маннык көрөбүн» диэн эппиттээх. Мин наһаа долгуйбутум. Хомойуох иhин, ол хоhоон ханна да суруллубакка хаалбыта. Вася мин өйбөр, сүрэхпэр бастыҥ хоhуун эр бэрдэ курдук хаалла. Сэриигэ барыан иннинэ эмиэ истиҥ кэпсэттиилэрбит өйбөр хатанан хаалыахтара. Доҕорум Вася, быдан дьылларга быраhaaй.

Алтыспыт доҕоро Лея.

«Аны таптал уонна дьол, арыаллаатын миигин…»

Элгэс нэһилиэгин уола, Үөһээ Дьааҥы хоһууна Василий Рожин хоһоонноругар кэриэс ырытыы

Көрсүбэтэҕим эрээри, билэбин, билбэт эрээри, истибитим, бу эдэр, суруйар үтүө дьоҕурдаах уолу, Вася Рожины. Быйыл сайын Бэйдиҥэҕэ эдэр хоһоонньуттары кытта айаннаан иһэн, сотору-сотору «Вася, Вася…» — дэһэн оҕолор үмүөрүһэ түспүт барабыайдар курдук үөрэ-көтө, сэһэргэһэ айаннаабыттара. Онтон хомуур саҕаламмытыгар «Вася сэриигэ барбыт, Вася кэлбит үһү… көрсүөҕүҥ…» — диэн эмиэ үөрүү көтөллөөх кэпсэтиилэр суруйар дьоҕурдаах оҕолор түмсүүлээхтэрин туоһулуура. Дьэ, ол кэннэ эмискэ этиҥ эппитинии ыар сурах айар кут үөрүүтүн саба барыйда. «Талаан түһүлгэтэ» айар куттаах ыччат дьон өрүү саныыр доҕордорун, бүтүн Саха сирэ хаарыан хорсун уолун сүтэрдэ….

Үгүс киһи саҥа тахсан эрэр поэты билсэ илигэ, ол эрээри, кини хоһооннорун аахпыт эрэ ылларара, истибит эрэ толкуйданара.

Кини ким этэй, тугу суруйар этэй, кинини тоҕо эдэр Поэт, Саха Есенина дииллэрий?

Хоту ыраах Дьааҥы улууһугар улааппыт, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, сүүрбүт-көппүт сытыы уолчаан Дьааҥы киэҥ киэлитинэн сүүрэ оонньоон, борбуйун этэ ситиитэ, сиһин этэ бороохтуйуута быыппастар былчыҥнардаах саха боотура моһуоннаах уол, хоһоон бичийэн үөрэрэ, сэмээр кистии тапталга билинэрэ хоһоонноруттан көстөр. Эдэр, кылгас олох хаһан да чаҕылхай буолар. Киэҥ куйаар халлааҥҥа мөлүйүөнүнэн сулус тырымныы турдаҕына, биир сулус чаҕылыйа түһээт, умуллар…

Вася Рожин диэн кимий? Бу дьоһун толкуйдаах, тулуйар-тэһийэр уһун тыыннаах, олоххо тулалыыр эйгэтин уратытык көрөр мындыр толкуйдаах, үрүҥү-хараны сытыытык араарар киһи, чахчы Вася Рожин диэн, хоһооннорун билсэн баран, ис кутум эппиэттиир.

Кылгас олоҕор үгүһү көрсүбүт, инчэҕэй этинэн билбит, торумнуур толкуйунан дьалкыйбыт суруйуулар кини туһунан кэнниттэн мэктиэлииллэр.

…үүннэ мөккүөр түгэним.

…тардыһабын талыыга, өйүм үргэр ол эрэн.

Тиҥилэххэ таас курдук аалар ааспат алҕаһым.

Эдэр киһи олох мөккүөрүгэр киириитэ, алҕаһын билиниитэ, ол иһин күһүн буолла эрэ, туллуктуу тууйуллар. Эдэр уол киһи уохтаах, маҥнайгы кистэлэҥ, таайтарар таптала:

«Эйигин таҥара оҥостон,

Ыарахан ыырдары ааспытым… — тапталын туһуттан туох ыырдарын ааспытын тыллар эрэ билэн эрдэхтэрэ, ол эрээри, «ыҥырыаҥ диэн тохтоон, куоласкын иһиллии турарым чуумпуга…»

Эдэр эрээри, олоҕу олорбут кырдьаҕастыы көрүүлээх, толкуйдатар күүстээх, анаарыы хоһоонноро киһи кутун-сүрүн өрүкүтэллэр.

«Охсуһуу олбохтоох, харсыһыы халҕаннаах

Кэтэспит кэмнэрэ дьэ кэлэн эрдэҕэ.

Мэйиини мэһийэр, өйдөрү өһүлэр

Амтаннаах тыллары арҕааттан астылар.

………

Көҥүлтэн көҥүлү көрдөтөн иэттииллэр,

Олохтоох омукпут кэхтэрин кэтииллэр,

….

Истимэ Үс куттаах,

Хайҕаама албыны» — бу уот харахха этиллэр тыллары, туох санааттан, көрүүттэн, өссө да олох олоро илик киһи этэрэ дуу, эбэтэр киирсии-мөккүөр ухханын ааспыт киһи тыллара дуу…

Суруйуон суруйар дьоҕурдаах уол, эр киһилии толору сиппит өйө-санаата, манна көстөр быыппастар сүрэх абарара, өй-санаа күүрэ түмүллүүтэ, ыҥырыыта.

Хоһооҥҥо хоһуллар хомолтом,

Соҕотох эн эрэ тускунан.

…..

Иһийбит өтөхтүү өр да өр

Эйигин кэтэспит курдукпун,

Иҥнэйбит сэргэлии төҥкөйөн,

Курустук саныырым олохпун, — ким эрэ кини уйулҕатын хараҥа хосторун, суоһунан сылытан, кылгастык да буоллар көстөн, синэ биир дьылҕатын сырдаппыт…

…ол эрээри аны эн атыҥҥын диир. Эр киһи, уол таптала уохтаах, күүстээх курдук көрөбүт эрээри, бу хоһуйуу олус курус. Синэ биир дьылҕа диэн ыарахан, дэлэҕэ этиэ дуо:

«Мас көнөбүн дэммэппин,

Алҕас баара эдэрбэр,

Итэҕэлгэ үктэнэн,

Көнө суолга кэллэҕим..

Харах уутун тоҕоммун,

Тоҕор санаам туолбута… — бу ааптар бэйэтин майгытын көрүнүүтэ, сыаналаныыта, билиниитэ. Бэйэ алҕаһын күүстээх киһи кыайар. Ол күүһүн кини итэҕэлтэн ылбытын маннык этэр:

«Айыыларга арыйдым, үҥэн-сүктэн сүргэбин.

Эрэнэбин, дьон тупсуо. Киһи бары алҕаһыыр».

Хайдах эрэ бу тыллар Алампаҕа ханыылыы курдуктар, тыйыстар, ол эрээри чахчылар.

Эдэр поэт бу сэрии толоонугар барыан иннинэ суруйбут суруйуулара, кини олоҕу, тус олоҕун күннэтэ анаарарын туоһулууллар. Поэт — санаа кулута дииллэрэ чахчы. Чахчы да сөпкө эппит:

«Бириэмэ, кэм-кэрдии кэлбэти мээрэйдиир.

Билэбин, ол эрэн, эрэлим «эрэн», — диир. Бу хоһоонун 2019 с. суруйбут эбит. Киһи аймахха хаһан даҕаны эрэл бүппэт, сүппэт, поэт уол эмиэ кэтэһэр күһүнтэн күһүҥҥэ диэри… Сэрии толоонуттан эргиллибитэ буоллар, толору тапталлаах, дьоллоох олоҕу олоруо этэ… Онтон билигин бу орто дойдуттан күрэммит кута эрэнэр, дьон тупсан, сэрии бүтэрин…

Түмүкпэр, этэбин, хаарыан талаан, айыах-суруйуох дьоҕур… Эт саастыы доҕотторо, айар куттаах доҕотторо, бииргэ төрөөбүттэрэ, төрөппүт дьоно, ииппит-үөрэппит учууталлара олус айманымаҥ диэн. Хас биирдии киһи бу сиргэ олоҕун устата толоруохтаах сүгэһэрдээх кэлэр. Вася уол үтүө төрөппүттэргэ иитиллэн, үтүө учууталларга үөрэнэн, үтүө доҕотторунан арыалланан, олоҕун сүгэһэрин барытын чиэстээхтик толорбут. Хаһан да кини таптала умнуллуо суоҕа, хаһан да кини истиҥ доҕордуу сыһыана өлбөөрүө суоҕа! Ол иһин кини этэн, суруйан хаалларбыт «…аны таптал уонна дьол арыаллаатын миигин», — диэн. Кини барыгыт тускутугар тус бэйэтинэн толук буолан, боруостаан, ыраастаан, хахха буолан ыраас кут буолан айаннаатаҕа!..

Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына,

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, хоһоонньут, прозаик, «Талаан түһүлгэтэ» эдэр суруйааччылар бөлөхтөрүн сүбэһитэ.

Айар эйгэ билиһиннэрбит үтүө доҕоро…

Мин айар эйгэҕэ араас көлүөнэ саастаах дьону кытта алтыһарбыттан, бииргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһэрбиттэн, ситим нөҥүө да буоллар сүбэ-ама биэрэн, ылан, эйгэбин кэҥэтэрбиттэн олус астынабын. Ол курдук, 2015-2017 сылларга «Айар кут», «Айар кут: көҥүл иэйии», «Хоһоон хонуута», «Иэйиим куорсуна» диэн бөлөхтөргө киирэн, аан маҥнай ситим нөҥүө айымньыларбытын ыытан, алтыспыт доҕотторум үгүстэр. Олортон биир чаҕылхай сулуһу, талааннаах поэт Вася Рожин-Бронсон туһунан ахтан ааһыахпын баҕарабын.

Эрдэ эппитим курдук, бу бөлөхтөргө көҥүл хоһоонньуттар бэрт сэргэхтик кэпсэтэн, араас айымньылары, хоһооннору ааҕан, ырытыылары истэн, элбэххэ да үөрэммиппит. Били этэргэ дылы, мэлдьи хас сарсыарда аайы хоһоон ыытар дьоммут ыыппатахтарына суохтуур, ол күн туохпут эрэ тиийбэт курдук буолара. Дьэ, ол күүтүүлээх хоһоонньуппут Вася этэ… Мин кинини кытта илэ көрсөн кэпсэппэтэх киһибин эрээри, ситим нөҥүө мэлдьи алтыһар этибит, араас тиэмэҕэ бары аһаҕастык кэпсэтэрбит, сүбэ да курдук элбэх буолааччы.

Онтон кэлин 2019 сыл бэс ыйыгар Дуулаҕа Дьуһаал салайар ааҕыы куруһуогар «Дорҕоон дойду» саалатыгар буолбут тэрээһиҥҥэ Ираида Коркина-Чугдаара, Диана Сутакова-Дайаана Куо миигин көрөннөр, “биһиги түмсүүлээхпит, онно киирбэккин дуо” диэбиттэригэр тута сөбүлэһэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан мустан олорор «Айар аартыкпыт аргыстара» суруйарга холонор ыччат түмсүүтүгэр киирэн хааллым. Дьэ, онно түмсүү салайааччытын кытта ыраахтан да буоллар, тэҥҥэ салайсан, ыччаттары өссө эбэн, хас биирдии айар ыччат туһугар сүрэхпитинэн ыалдьан, олох араас түгэннэрин тэҥҥэ туораан, биир улахан дьиэ кэргэн курдук күн бүгүҥҥэ диэри бииргэбит.

Мин сааспынан аҕа буоламмын, эдэр суруйааччылар 20-с сүбэ мунньахтарыгар эрэ сылдьыбытым, 21-с мунньахха ыҥырыллан баран, үлэбинэн сатаан барбакка хаалбытым. Баҕар, барбытым буоллар, Васялыын атах тэпсэн олорон элбэҕи да кэпсэтиэхпит хааллаҕа…

Олохпор көрсөр дьонум миэхэ мээнэ кэлбэттэр дии саныыбын. «Киин куорат» хаһыакка хоһоонньут наада диэн көрдөспүттэригэр мин тута Васяны саныы түспүтүм уонна тута киниэхэ суруйбутум. Онуоха Васям тута сөбүлэспитэ, материалын ыйыллыбыт болдьоххо ыытыах буолбута. Онтон аҕыйах хонон баран билбитим, быстах хомуурга иккистээн баран эрэрин туһунан. Онон кини айыньылара бэчээттэммэккэ хаалбыттара.

Ол курдук, төһө да Васяны кытта сирэй көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэрбин, ситим нөҥүө айар үлэ чэрчитинэн олус элбэххэ үөрэнним. Мин киниэхэ биир сөбүлүүр хаачыстыбам — чиэһинэй буолуу. Бу хаачыстыба олоххо саамай сүрүн дии саныыбын. Төһө да кини эдэркээн буоллар, хоту дойду тыйыс тыынын этинэн-хаанынан билбит, олоххо бэлэмнээх эр бэрдэ этэ… Төрөөбүт дойдутугар оскуолаҕа үлэтигэр Тигр сылынан оҕолорго анаан олус үчүгэй хаар оҥоһугу оҥорбутун ыыппыта. Мин кулуупка үлэлиир буоламмын, Вася оҥоһугун наһаа ымсыыра санаабытым, талааннаах да уол диэн хайҕал тылларбын, “смайликтарбын” ыыппытым. Били, этэргэ дылы, талааннаах киһи барытыгар талааннаах. Аныгы хайысхаҕа ырыалара, хоһоону иҥэн-тоҥон киһиэхэ тиийэр гына сөҥ оҥоһуулаах куолаһынан ааҕыыта, араас уобараһы арыйан хоһуйбут хоһоонноро, боростуой харандааһынан киһини сөхтөрөр уруһуйдара, хаартан чочуйбут, кэрэхсэтэр оҥоһуктара, мастан кыһан, ураннаан уһаммыт үйэлээх тутуулара, дьону бэйэтигэр тардар, абылыыр күүһэ — бу барыта биһиги Васябыт, Бронсоммыт кылгас эрээри чаҕылхай олоҕор баар этэ…

Олус да курус… Түмсүүбүт ыччаттарыгар айар үлэ эйгэтигэр тарбахха баттанар чаҕылхай сулуспут эмискэ умуллубута абатын… Айар аартыгым аргыһа, талааннаах поэт, истиҥ доҕор, тапталлаах оҕо, хоһуун убаай, дьиэ кэргэн эрэлэ, хорсун хоодуот эр бэрдэ Вася сырдык мөссүөнэ мин өйбөр-санаабар, сүрэхпэр бу курдук үйэлэргэ хаалыаҕа…

Вера Прокопьева-Итэҕэл, Кэбээйи улууһа.

****

2017 сыл саҥа холонон эрэр эдэр суруйааччыларга элбэх саҥа сүүрээни киллэрбитэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Саас культурология салаатын түмүктүүр үлэбэр “соцопрос” оҥороору “Сахабэчээт” дьиэтигэр Ираида Поповаттан хас да айар дьоҕурдаах ыччат нүөмэрин ылбытым. Омуннаах киһи “соцопрос” оҕото оҥорон, хас биирдии саҥа нүөмэргэ ыыталаан, туохха наадалааҕын быһааран, хоруйу бэрт эрэйдээхтик хомуйбутум. Онно Вася Рожин уонна уонча ыччат эппиэттээбиттэрэ үлэбэр күүс-көмө буолбута.

Чинчийии түмүгүнэн, бэс ыйын 3 күнүгэр «Айар аартыкпыт аргыстара» диэн түмсүү “ватсап” ситимигэр арыллыбыта. Саха сирин араас муннугуттан сылдьар ыччат киирэн, биир эйгэлээхтэрин булан, олус сэргэхсийэн, уруккуттан билсэр дьон курдук доҕордоспуппут.

Вася айымньылара Есенин курдук көҥүл, сытыы тыллаах этэ. Онтон сахалыы суруйуулара тыла баайынан, философскай хабааннаах буолан толкуйдатарынан умсугутара. Хоһоонун аахтаҕына, хайа да артыыстан итэҕэһэ суох итэҕэтиилээхтик, дириҥник киирэрэ. Рэп аахтаҕына дьону соһутар курдук уратытык иһиллэрэ. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, суруйарын таһынан, уруһуйдуура уонна уһанара.

Быйыл саас Эдэр суруйааччылар 23-с сүбэ мунньахтарыгар Васябыт бастыҥ хоһоонньут буолбутугар, бары олус үөрбүппүт. Тоҕо эрэ Вася суруйааччы буолуоҕа диэн бигэ эрэллээх этибит.

Онтубут ханна баар? Куту-сүрү баттыыр куһаҕан сурах иһиллэн, бары да уку-сакы сылдьабыт. Вася биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах! 

Диана Сутакова-Дайаана Куо,

«Айар аартыкпыт аргыстара» суруйарга холонор ыччат түмсүүтүн, «Талаан түһүлгэтэ» сааһыттан тутулуга суох айар дьон түмсүүлэрин уонна «АйАрт» кэмиэрчэскэйэ суох айар-суруйар дьон уопсастыбатын төрүттээччитэ, салайааччыта.

***

Василий Рожин дэгиттэр талааннаах, ураты, чаҕылхай хоһооннордоох үтүө бэйиэт этэ. Биһиги бары кинини кытта 2017 сыллаахха «Айар аартыкпыт аргыстара» эдэр ааптардар түмсүүлэригэр билсибиппит. Аныгы олох сиэринэн, «бассаап» ситимигэр күннэтэ кини айымньыларын ааҕар, кэрэхсиир чиэскэ тиксибиппит.

Кини кылгас дьылҕаланарын сэрэйбит курдук, киирэн-тахсан, саҥаран-иҥэрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн иһэр сытыы-хотуу эр бэрдэ этэ. Түп-түргэнник хоһооннору бичийэ охсоро. Биһиги бары киниттэн олус сөҕөр этибит. Этибит… бу ааспыт кэми быһаарар тылы киһи туттуон да баҕарбат. Ол эрээри, Дьылҕа Хаан тыйыс ыйааҕа биһиги доҕорбутун, Васябытын букатыннаахтык илдьэ барбытын ыараханнык да буоллар, ылынарбытыгар тиийэбит…

Кини биһиэхэ үйэлэргэ өлбөөдүйбэт сырдык сулуспут, үтүө холобурбут, киэн тутта кэпсиир үтүө бэйиэт быһыытынан сырдык өйдөбүл буолан хаалыаҕа… Вася, эн тыыннааххын хоһоонноргор, эн тыыннааххын ураннык тиһиллибит айымньыларгар. Үйэ тухары умнубаппыт, быдан дьылларга быраһаай.

 «Айар аартыкпыт аргыстара», «Талаан түһүлгэтэ» суруйарга холонооччулар түмсүүлэриттэн уонна «АйАрт» кэмиэрчэскэйэ суох айар-суруйар дьон уопсастыбатыттан Вася Рожин доҕотторо, айар куттаах үөлээннээхтэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: