Василий Сергеев Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолла
Бэс ыйын 2-4 күннэригэр Ессентуки куоракка спортивнай миксфайтка Арассыыйа чөмпүйэнээтэ буолла. Онно 16 эрэгийиэнтэн 35 хамаанда, 600 киһи кытынна. Саха сириттэн 6 спортсмен ситиһиилээхтик кытынна диэн «Спорт Якутии» саайта суруйар.
Кинилэр өрөспүүбүлүкэ чиэһин дьоһуннук көмүскээтилэр. 67 киилэҕэ Василий Сергеев бастаата. Кини “Урааҥхай” спортивнай кулуупка, тириэньэр Тургун Поповка дьарыктанар. Түөрт киирсиигэ чаҕылхай кыайыылары ситистэ.
Оттон Алексей Протодьяконов 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Ону тэҥэ, Кирилл Осипов (67 киилэ), Григорий Барашков (71 киилэ) боруонса мэтээли ыллылар.
Спортивнай миксфайт – ММА, панкратион курдук бойобуой ускуустубаларга майгынныыр истииллээх спорт көрүҥэ, кэнники кэмҥэ тэтимнээхтик сайдан уонна киэҥник тарҕанан иһэр.
Спортивнай кулууп салайааччыта Тургун Попов бары көмөлөспүт дьоҥҥо махтанна.
— Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, биһиги бэйэбитин көрдөрдүбүт. Кытаанах киирсиилэргэ уолаттар дьоһуннук кытыннылар, бу көрүҥҥэ ыраах Саха сирэ кыахтааҕын көрдөрдө, — диэн кини эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: