“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
«Аҕабыт Василий Иванович билигин, хомойуох иһин, биһиги кэккэбитигэр суох. Ол эрэн ити суруйан хаалларбыт хоһооно билигин бу буола турары өтө көрөн суруллубут курдук. Төрөппүт икки уола билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьаллар», — диэн оҕолоро суруйдулар.
ЭН САХА УОЛАҔЫН…
Умнума Чыҥыс Хаан кэмигэр
Кыйдаран Туймаада хочотун булбутуҥ,
Омуккун Саханан сүрэхтээн
Бу сиргэ хойгуоҕун туруортуҥ
Омоҕой саҕаттан ааҕынан
Эллэйтэн, Дыгынтан сыдьааннаах
Үс саха төрүөҕүн салҕааччы
Олохтоох эн Саха уолаҕын.
Аҕыйах ахсааннаах омукпун дэнимээр,
Санааҕын хамсатар, санньыйар буолумаар.
Киэҥ сиргэ баһылык сахаҕын
Олохтоох эн Саха уолаҕын.
Киэҥ тутун Киһилээх хайанан
Дьылҕа Хаан күлүүһүн туттарбыт
Сир киинэ буолуохтаах сиргинэн
Киэҥ тутун бараммат баайгынан.
Саараамаҥ Сахалар сүтүөхпүт диэҥҥит!
Будуллар буурҕаҕа муммакка кэлбиппит,
бүгүҥҥү да кэмҥэ тулуйуох тустааххыт.
Сүүс омук дьылҕатын быыһыахтаах
Урааҥхай уолана буолаҕын,
Кэлиэхтээх олоҕу торумнуур
Олохтоох эн Саха буолаҕын!
Ааспыт нэдиэлэ устата Дьокуускай куорат мээрийэтин административнай хамыыһыйата сымыйа кафеҕа, түүҥҥү кулуупка уонна итирдэр утахтары…
Соторутааҕыта тахсыбыт “Саха култууратын тиэрминнэрин нууччалыы-сахалыы, сахалыы-нууччалыы тылдьыта” дьоҥҥо-сэргэҕэ бэрт туһалаах буолсу. Аныгы курдук хас…
Чуапчы улууһун Соловьев нэһилиэгин баһылыгын боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтотор туһунан суут быһаарыыта күүһүгэр киирдэ. Чурапчы…
Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатын мобильнай быраастара ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга, ол иһигэр Арктика улуустарыгар, харахха эпэрээссийэлэри…
Бүгүн күнүс улуус киинин Амманы уонна Чакыр нэһилиэгин бэйэ-бэйэлэриттэн "арааран" турар Амма өрүс биир кытыллыттан…
Саха сиринээҕи Суут бириистэптэрин управлениетын Дьокуускай куораттааҕы салаата кирэдьиит төлөбүрүн төннөрөр туһунан дьыаланы түмүктээтэ. Дьокуускай…