Василий Сорокоумов: «Суоллары тутууга сөптөөх болҕомто уурулунна»
Бу сылларга туох үлэ ыытыллыбытыгар, туох ситиһиллибитигэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһыгар биллэр-көстөр дьон санааларын үллэһиннилэр.
Василий Сорокоумов, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
– Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэни урукку салайааччылартан туох да итэҕэһэ суох, сорох өттүгэр олох үчүгэйдик салайан кэллэ. Чуолаан, Индигиир, Халыма, Бүлүү суолларын тутууга улахан үлэни ыытта. Кэнники биэс сылга туох даҕаны элбэх социальнай эбийиэк тиһигин быспакка, оскуолалар, уһуйааннар, култуура, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ, успуорт комплекстара тутулуннулар. Сөптөөх үлэ барар диэхпин баҕарабын. Ити барыта дьон туһугар оҥоһуллар, үбүлэнэр, киһи хапытаалыгар угуллар, ол барыта төттөрү норуокка төннөр. Доруобай оҕолор, билиилээх-көрүүлээх, талааннаах ыччаттар тахсаннар, дойдуларын сайыннарыахтара, барыта кинилэр тустарыгар оҥоһуллар. Биһиэхэ олус суолталаах, Өлүөнэ муостатын тутууну, хаһан даҕаны оннуттан хамсыа суох курдук боппуруоһу, кини хамсатта. Бу эбийиэк социальнай, экэнэмиичэскэй да өттүнэн стратегическай суолталаах. Арассыыйа Бырабыыталыстыбата ону барытын өйдүүр, өйүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: