Василий Сыроватскай — Үлэ харыстабылын бастыҥ үлэһитэ
Үлэ харыстабылыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус түмүгүнэн «Профалмаас» идэлээх сойуус үлэҕэ тиэхиньиичэскэй иниспиэктэрэ Василий Васильевич Сыроватскай Арассыыйаҕа Үлэ харыстабылын сулууспатын бастыҥ салайааччытынан буолла.
Василий Сыроватскай Дьокуускай куоракка 14 №-дээх оскуолаҕа 9 кылааһы бүтэрэн баран, төрөппүттэрин этиилэринэн Чурапчы улууһун Хатылы сэлиэнньэтигэр олоро уонна үөрэнэ барбыта. Ийэтин дойдутугар тиийбит уол эдьиийигэр уонна эһээтигэр хаһаайыстыбаҕа улахан көмөлөөх буолбута. Хатылы оскуолатын бүтэрэн баран, 2005 сыллаахха Мииринэй куоракка кэлбитэ. Хайа бырамыысыланнаһын кытта сибээстээх идэни талар баҕалаах уол Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институкка «хайа инженерэ (электромеханика)» идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Бүтэрэн баран, манна үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэлии хаалбыта. Электротехника теорияҕа төрүөттэрин лабораториятын салайбыта уонна бу дьиссипилиинэҕэ преподавателлаабыта.
2013 сыллаахха «Мир» рудникка электрослесарынан үлэлии киирбитэ. Сотору кэминэн учаастак электромеханигын эбээһинэһин толорооччунан, уотунан хааччыйыы учаастагар электромеханик эбээһинэһин толорооччунан, онтон учаастак начаалынньыгын солбуйааччынан 2017 сылга диэри үлэлээбитэ. Рудник кылаабынай энэргиэтигин эбээһинэһин толорбута, комплекска кылаабынай инженер солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Эдэр киһини Мииринэйдээҕи Хайа-байытар кэмбинээт бастыҥ исписэлииһинэн билиммиттэрэ. Рационализаторынан дьарыктанан араас бириистээх миэстэлэри ылбыта.
Араас дуоһунаска үлэлээн уопутурбут, салайааччы, тэрийээччи быһыытынан бэйэтин көрдөрбүт эдэр киһини 2017 сыллаахха «Профалмаас» идэлээх сойууска ыҥыран, саҥа тэриллибит тиэхиньиичэскэй иниспиэксийэҕэ идэлээх сойуус үлэҕэ тиэхиньиичэскэй иниспиэктэринэн анаабыттара.
«ТҮМҮККЭ БИҺИГИ КЫАЙБЫППЫТ»
– Маннык куонкурус быйыл аан бастаан тэрилиннэ (урут маннык күрэхтэһиилэр биирдиилээн тэриллэр этилэр). Быйыл РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ бу куонкуруһу «2021 сылга үлэ харыстабылыгар бастыҥ исписэлиис» диэн ааттаабыта. Мин «5000-тан тахса киһилээх тэрилтэҕэ оҥорон таһаарбат эйгэ үлэҕэ харыстабылын бастыҥ салайааччыта» номинацияҕа кыайбытым. Куонкурус кэтэхтэн ыытыллыбыта. Элбэх түгэни: үөрэххин, сэминээргэ, куонкурустарга кыттыыгын учуоттаабыттара. Ону таһынан, биллэн турар, үлэ харыстабылыгар ыыппыт үлэҕин – оһоллонуу-дэҥнэнии түбэлтэлэрин силиэстийэлээһиҥҥэ, үлэ усулуобуйатын анал сыаналааһыҥҥа кыттыыгын көрөллөр. Мин икки үрдүк үөрэхтээхпин – хайа инженерин идэтин ылбытым уонна Үлэ уонна социальнай харысхал академия «Техносфернай куттал суох буолуута» хайысхатыгар магистратураны туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитим. Биһиги ыытар тэрээһиннэрбит барыта куонкурус түмүк сыанабылыгар киирбиттэрэ. Ону сэргэ, Үлэ харыстабылын Бүтүн Арассыыйатааҕы нэдиэлэтигэр спикер быһыытынан, «Квест безопасности» кыттыбытым. Түмүккэ биһиги кыайбыппыт. «Биһиги» диэн мээнэҕэ эппэппин. Тоҕо диэтэххэ, бу барыта «Профалмаас» идэлээх сойуус уонна АЛРОСА АК бырамыысыланнаска куттал суох буолуутун управлениета тиһигини быспакка кэлэктиибинэн ыытар үлэлэрин түмүгэ, – диэн кыайыылаах куонкурус туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.
ҮЛЭҔЭ ЭППИЭТИНЭС ЭЛБЭҔИ БЫҺААРАР
– Мин үлэм биир сүрүн хайысхатынан үлэ харыстабылыгар уопсастыбаннай боломуочуйалаахтары сүрүннээһин буолар. Онуоха бу үлэни тиһиктээхтик ыытарга быһаарынан, бастаан биһиги уопсастыбаннай боломуочуйалаахтарбыт чопчу бырааптара уонна эбээһинэстэрэ ыйыллар. Балаһыанньаны оҥорбуппут. Боломуочуйалаахтар ахсааннарын 700-тэн 400-кэ диэри аҕыйаппыппыт. Онуоха үлэ кээмэйэ аҕыйыахтааҕар буолуох элбээбитэ. Ыытыллыбыт бэрэбиэркэлэр ахсааннара элбээбитэ. Кистээбэккэ эттэххэ, урут боломуочунайдары кытары үлэ толору ыытыллыбата. «Куорачканы» ылбыт боломуочунайдар үлэ миэстэтин бэрэбиэркэлииллэригэр сокуону быраактыкаҕа туттар туһунан өйдөбүллэрэ суоҕа. Биһиги кинилэргэ анаан оҥорбут методическай этиилэрбитигэр кинилэр тугу бэрэбиэркэлиэхтээхтэрэ, болҕомтону туохха ууруохтаахтара уо.д.а. чопчу ыйыллыбыта. Ити кэнниттэн бэрэбиэркэлэр хаачыстыбалара тупсубута, – диэн Василий Сыроватскай кэпсиир.
Ити курдук, «Профалмаас» үлэһиттэрэ структурнай подразделениелар сайалааччыларыгар улахан болҕомтону ууран, үлэ харыстабылыгар боломуочуйалаахтар анал туруктарын үрдэтэр наадатын итэҕэппиттэрэ.
Уопуттаах дьон сыыйа-баайа үтүөлээх сынньалаҥҥа баралларын учуоттаан, утумнааһын баар буолуохтааҕын өйдөөбүттэрэ. Сыл аайы «Үлэ харыстабылыгар бастыҥ боломуочуйалаах» куонкуруһу ыыталлар, кыайыылаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга, пуорумнарга, быыстапкаларга кытталлар, «Үлэ харыстабылын салаатыгар сыл ситиһиитэ» номинацияны иҥэрэллэр. Ити барыта бу эйгэҕэ туох саҥа баарын өйдүүллэригэр наадалаах. Ону таһынан уопсастыбаннай боломуочуйалаахтарыгар сэминээрдэри, квестэри ыыталлар.
Василий Васильевич кэпсээбитинэн, кинилэр боломуочуйалаахтары эрэ кытары буолбакка, үлэһиттэри кытары быһаччы үлэлииллэр.
«Үлэһиттэргэ оҥорбут листовкаларын уонна саайт, мобильнай сыһыарыы нөҥүө хас биирдии үлэһит үлэ харыстабылын тиэхиньиичэскэй иниспиэксийэтигэр интэриэһиргиир ыйытыытын биэриэн эбэтэр үлэ харыстабылын салаатыгар тахсыбыт кэһиилэри биллэриэн сөп. Ыйытыылар кимтэн киирбиттэрэ биллибэт. Биһиги тиэхиньиичэскэй иниспиэксийэбит АЛРОСА бырамыысыланнаска куттал суох буолуутун управлениетын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир», – диэн өссө да араас хайысхаларга үлэ барарын туһунан этэр. Холобур, анал таҥас хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээһин, кэлэктиибинэй дуогабар балаһыанньатын оҥорсуу, үлэҕэ тахсар дэҥи-оһолу силиэстийэлииргэ үлэһиттэр интэриэстэрин көмүскүүргэ кыттыы уо.д.а.
Василий Сыроватскайтан дэҥ-оһол тахсыытын туһунан ыйыппыппар: «Үлэҕэ-хамнаска араас эчэйии тахсара баар суол. Холобур, киһи туохтан эрэ сууллуон сөп. Ол төрүөтүнэн халтараан, туох эрэ кыайан көстүбэтэ, тэмтэрийии уо.д.а. буолуон сөп. Маннык түбэлтэлэргэ силиэстийэ ыытарга хамыыһыйа тэриллэр. Хамыыһыйа сүрүн соругунан тахсыбыт түбэлтэ төрүөтүн быһаарыы уонна итинник түбэлтэлэр аны тахсыбаттарын туһугар дьаһаллары ыытыы буолар.
Биһиэхэ үлэлии кэлэр ыччат, саарбаҕа суох, үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар. Үлэ бастакы сылларыгар настаабынньыктартан үлэ үөрүйэҕин ылыахха, сыах уонна тэрилтэ кэлэктиибин олоҕор көхтөөхтүк кыттыахха, саҥа бырагыраамаларга үөрэниэххэ», – диэн ыччаттарга туһаайан эттэ.
ОҔОЛОР ТӨРӨППҮТ ТАПТАЛЫН БИЛЭ УЛААТАЛЛАР
Василий Сыроватскай олоҕун аргыһа Галинаны кытары өссө устудьуоннуу сылдьан билсэн, бииргэ олорбуттара 16 сыл буолла. Галина Анатольевна АЛРОСА АК Мииринэйдээҕи Хайа-байытар кэмбинээт отделыгар үлэлээбитэ. Онтон билигин дьиэ кэргэнинэн уопсай сүбэни ылынан, оҕолорун көрөн олорор. Сыроватскайдар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ киирсэллэр. 15 уонна 6 саастаах кыргыттарын, 4 саастаах уолларын иитэллэр.
Василий үлэттэн быыс буллаҕына, уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктанар, кини – Мииринэй куорат куораттааҕы сэбиэтин төрдүс уонна бэһис ыҥырыылаах дьокутаата, дойдуга пандемия кэмигэр волонтердар штабтарын тэрийбитэ. Ол үлэтин салҕаан, билигин Мииринэй оройуонуттан быстах хомуурга барбыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр «Норуот актыыба» уопсастыбаннай хамсааһын волонтердарын штабын салайар.
Василий иллэҥ кэмигэр, саха киһитин сиэринэн, бултуурун уонна балыктыырын сөбүлүүр. Сыл кэмин барытын да сөбүлүүрүн, тоҕо диэтэххэ, айылҕа хас биирдии кэмэ араас күүтүүлээх түгэни бэлэхтиирин туһунан этэр. Холобур, кыһын – Саҥа дьыл бырааһынньыгын настарыанньатын биэрэр, саас уу көтөрүн бултуугун уонна балыктыыгын, сайын – Ыһыах уонна даача кэмэ, күһүн – айылҕа араас өҥүнэн сууланар, отоннуугун уонна күһүҥҥү булт саҕаланар.
Ыал аҕа баһылыга дьиэ кэргэн, таптал туһунан эмиэ ураты санаалаах:
«Дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүнэ – таптал. Өскөтүн төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэригэр тапталларын оҕолор билэ-көрө сылдьар буоллахтарына, мин санаабар, олох сыаннастарын уонна дьиэ кэргэн суолтатын сөпкө өйдүүр буолаллар. Таптал баар буоллаҕына, бэйэ-бэйэни өйдөһүү уонна ытыктабыл баар буолар».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: