Василий Власов: Уустук кэми аахсыбакка, сайдыыга дабаппыт саха саарына

Share

Саха АССР 100 сылыгар уонна М.Е. Николаев сотору кэминэн 85 сааһын туолар үбүлүөйүгэр анаан СӨ бочуоттаах олохтооҕо, идэтинэн хайа инженерэ, урукку өттүгэр  «АЛРОСА» АК вице-бэрэсидьиэнинэн, СӨ бэрэсидьиэнигэр Алмаас сэбиэтин салайааччытынан, Ил Түмэн дьокутаатынан, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Саха сирин биллэр-көстөр уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Василий Михайлович Власов «Саха сирэ» хаһыакка интервьютун ааҕааччыларбыт болҕомтолоругар таһаарабыт.

Устуоруйаҕа киһи оруола – сүҥкэн

– Василий Михайлович, Улуу Арассыыйа, Сахабыт сирэ урукку уонна аныгы даҕаны устуоруйаларын тосту өҕүллүүлээх уустук кэмнэригэр тирээн кэлбит ыарахаттары туорааһыҥҥа эбэтэр дойдуну сайдыы суолугар таһаарыыга салайааччы төһө норуотун түмэриттэн улахан тутулуктааҕа өйдөнөр. Бу туһунан хаһыат ааҕааччыларын кытта туох ханнык санаалары үллэстиэххин баҕараҕын?

– Тосту уларыйыылар­даах, иннэ-кэннэ биллибэт уустук кэмҥэ ханнык баҕарар судаарыстыба, норуот, аан дойду инники дьылҕатыгар салайааччы, лиичинэс оруола өрүү улахан: кини сайдыы саҥа таһымыгар өрө нэмитэн таһааран, кыайыыга тиэрдиэн эбэтэр таҥнары барыыга, ыһыллыыга тиэрдэн, хотторуу хомолтотугар умса анньыан да сөп.

Биһиги быйыл САССР 100 сылын үөрүүлэх быһыыга бэлиэтээтибит. Судаарыстыба устуору­йатыгар 100 сыл – кырата суох кэм эрээри, судаарыстыбаны тэрийбит норуот устуоруйатыгар дьоҕус кэрчик. Судаарыстыбаннас атаҕар туруута уһун, уустук уонна үксүгэр өлүү-сүтүү аргыстаах буоларын бэркэ билэбит.

Манна сыһыаран бэлиэтээн аһардахха, төрөөбүт норуотум, улуу нуучча норуота, судаарыстыбаннаһын сүүһүнэн сыллар усталарыгар хомунан-оҥостон туттубута. Ону улуу Петр I улахан дьулуурунан уонна күүстээх үлэтинэн модун импиэрийэҕэ кубулуппута. Дойдубут аан дойду саамай кыахтаах дойдута буола сайдыбыт кэмнэрдээҕэ. Ону баара-суо­ҕа аҕыйах ый иһигэр суулларан, суох гыммыттара. Тугуй бу? Туох туһугар? Биһиэхэ өрүү өстөөх арҕааҥ­ҥы дойдулар култуурабытын, тылбытын, ыллыктаах быһыыбытын-майгыбытын, уопсай сыаннастарбытын суох оҥорор, бүтүн дойдуну аллара умса анньар баҕатыгар суол аһаа­ры дуо?

Ол эрээри диибит, биир нуучча киһитин күүстээх санаатынан, В.В. Путин дьулуурунан уонна дьаныарынан дойдубут таҥнары сууллар туруктан өрө тардыллыбыта. Этэргэ дылы, Арассыыйа туһугар чахчы бу улуу киһи билигин Донецкай уонна Луганскай народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Херсонскай уонна Запорожскай уобластар РФ састаабыгар киириилэригэр илии баттааһын сиэригэр-туомугар арҕаа дойдуларга өйдөнөр гына малтаччы эттэ: биһиги тутулуга суох буолуубутун, норуоттарбыт духуобунай ис туруктарын кимиэхэ да, хаһан да кэстэриэхпит, тыыттарыахпыт суоҕа, мантан ыла Арассыыйа норуота кынатын тиирэн, көҥүллүк сайдар суолу бигэтик талар диэн. Устуоруйа хаамыытыгар лиичи­нэс хайдах курдук суолталааҕа бу холобурдартан илэ-чахчы көстөр.

XX үйэ 90-с сыллара хаалларбыт «хара бээтинэлэрин» суох оҥорор туһугар Арассыыйа норуо­та билигин илиитигэр саа тутан, өбүгэлэрбит албан ааттарын өйдөөн-санаан туран, Аҕа дойдутун ытык чиэһин көмүскүөх тустаах. Оччоҕуна эрэ үйэлэр түгэхтэриттэн ыла таҥара үтүө өйдөбүллэрин тутуһар, харыстаан илдьэ сылдьар биһиги норуоппут уруккутун курдук кэрэхсэнэр, аахсыллар буолуо.

Отут сыл анараатын анааран көрдөххө

– Судаарыстыбаннаһы туруулаһан сайыннарыы, бөҕөргөтүү саха норуотугар улахан сыралаахтык саҕаланан, салҕанан бара турар. Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев биир санаалаах соратнигын быһыытынан бу судургута суох улахан үлэ хайдах ыытылларын иһиттэн билбит киһигин. Ол кэмнэргэ эргиллэн көрүөххэ эрэ…

– 1912 с. саха улуу сырдатааччыта, суруйааччыта уонна тумус туттар киһитэ Өлөксөй Кулаковскай бу курдук суру­йан турар: “Биһиги, көҥүллүк сылдьар чэгиэн дьон, олох силлиэтин холкутук күүтэн олорон, бастакы балаһатыгар үлтү оҕустаран сир үрдүттэн симэлийэрбитин кэтэһэбит дуо?!  Суох уонна өссө төгүл суох!!!” Кини биллэр-көстөр аатыр­быт “Саха интеллигенциятыгар” суругар саха норуота нуучча омугу кытта бииргэ буолара бары өттүнэн быдан ордугун бэлиэтээбитэ.

Саха норуотун чулуу уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков РСФСӨ састаабыгар автономнай өрөспүүбүлүкэни тэрийэннэр, норуот судаарыстыбаннастаах буолуутун дьоһун түһүмэҕин түмүктээбит үтүөлээхтэр. Итинтэн 70 сыл кэннэ норуот өссө биир уһулуччулаах тумус туттар киһитэ  Михаил Николаев бэйэтин биир санаалаахтарын кытта Союзнай дуогабарга илии баттааһыҥҥа бэлэмнэнии үлэтин барытын ыытан,  РФ састаабыгар тэҥ бырааптаах өрөспүүбүлүкэни тэрийэн, судаарыстыбаннаһы тутуу улахан суолталаах түһүмэҕин ситиспиттэрэ.

Михаил Ефимович Николаев өрөспүүбүлүкэ саҥа статуһун бэлэми хантан да ылбатаҕа. Ону кини норуотун, биир санаалаахтарын дьулуһар дьулуурдарын, баҕарар баҕаларын, этэр этиилэрин өйүгэр-санаатыгар тута сылдьан, оҥорон, бэлэмнээн, олоххо киллэрбитин, ону киин ылынарын сатаан ситиспитин чорботон бэлиэтиибин.

1986 сылтан норуот дьокутаа­та, Үрдүкү Сэбиэт Президиумун чилиэнэ этим. Люлия Николаевна Григорьева атын үлэҕэ барбытын кэннэ, 1989 сыллаахха Михаил Ефимович Николаев Үрдүкү Сэбиэт Президиумун Бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Ити сыл бүтүүтэ САССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥырыытын быыбарыгар бэлэмнэнии саҕаламмыта. Быыбардааччыларым ыытар үлэбин сыаналыылларыгар эрэнэн, бу быыбарга кыттарга быһаарыммытым. Бырагыраамам сүрүн сыалынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин анал туругун үрдэтэри, сир баа­йыттан олохтоохтор туһаналларын ситиһии этэ. Тоҕо маннык соругу ылыммыппыный? Баартыйа горкомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлиирбэр өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын кытта ыкса кэпсэтэр, баартыйа Киин Кэмитиэтигэр чаастатык сылдьар, алмаастаах кыраа­йы салайсар этим. Ол иннинэ баартыйа обкомугар ал­­маас бырамыысыланнаһын сүрүннүүр инструкторынан үлэлээбит уопутум баара. Өрөспүүбүлүкэ ити баайыттан тугу туһанарый диэҥҥэ, хоруй чопчу этэ – суох! Баар баайтан кыайан туһаннарбат статус улаханнык атахтыыра. Өйбөр, сүрэхпэр төрөөбүт өрөспүүбүлүкэм ханнык суолларынан сайдыахтааҕын туһунан чуолкай өйдөбүл ити курдук кэлбитэ.

1990 сыл тохсунньутугар Михаил Ефимович Николаев өрөспүүбүлүкэ уонна дойдубут кэскиллэрин хайдах көрөрүн кэпсээн туран, быыбарга кинилиин бииргэ турарга эппитигэр туох да саараҥа суох сөбүлэс­питим. Бэлиэтээн эттэхпинэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа бэлитиичэскэй уонна экэнэмиичэскэй статуһу ылыыга чопчу бырагымаалалаах этим. Ону ким да иннигэр хайдах баҕарар туруулаһарга, дакаастаһарга улахан эрэллээх, бэлэмнээх этим.

Саҥа талыллыбыт Үрдүкү Сэбиэт XII ыҥырыытын бас­такы сиэссийэтигэр Михаил Ефи­­мович Николаев Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлинэн, мин – Бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччынан, А.Д.Кириллин Бэрэссэдээтэли солбуйааччынан талыллыбыппыт. Ити талылларбытыгар Николаев М.Е. бэйэтэ этии киллэрбитэ. Үрдүкү Сэбиэт үлэтин бастакы ыйдарыттан өрөспүүбүлүкэ саҥа судаарыстабыннаһын тутууну саҕалаабыта. Ол идеялар саамай сүмэлэрэ Үрдүкү Сэбиэт 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыммыт өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай сүбэрэни­тиэтин туһунан Декларациятыгар түмүллэн киирбиттэрэ.

Ити бастакы сиэсси­йэҕэ Михаил Ефимович былаа­һы тыырсыы бириинсибин, өрөспүүбүлүкэ бас билиитин, сирин баайын, сири, ууну, бас билии саҥа бырааптарын киллэрэн туран өрөспүүбүлүкэ саҥа статуһун, бы­­лаас саҥа тутулун, РСФСР-ы, Советскай Сойууһу кытта сыһыаннаһыылар саҥа бириинсиптэрин тустарынан билиһиннэрбитэ. Дьокутааттарга киэҥ өрүттээх улахан кэскиллээх үлэ аартыга арыллыбыта, ону тэҥэ сүдү эппиэтинэс сүктэриллибитэ.

Өрөспүүбүлүкэ Судаа­рыстыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларацията баар буолбутугар 160 дьокутаат бэйэ бэйэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэнньэҕэ, норуок­ка бу  бэли­тиичэскэй правовой докумуону ылыныыны устуоруйа хаамыыта ирдиирин, хас биирдии этиитэ чопчуламмытын, Саха сирэ автономнай статуһуттан аккаастанан, РСФСР састаабыгар нацио­нальнай судаарыстыбаннай тэриллии быһыытынан саҥа судаа­рыстыбаннай статустанарыгар  тосхойбут историческай түгэн тирээн кэлбитин  быһаарар наада этэ. Дьон-сэргэ өйүүрүн, өйдүүрүн туһугар куоратынан, тыанан үлэ кэлэктииптэригэр, сонуннары тарҕатар ситимнэргэ дьону кытта атах тэпсэн олорон аһаҕас кэпсэтиилэри ыытарбыт.

Ити уһулуччулаах түгэннэр ааспыттара отут сыл буолбутун кэннэ күн бүгүн даҕаны Михаил Ефимович Николаев баһылык­таах хамаанда норуот туһугар оҥорбут дьыалата сүдүтүн сөҕө-махтайа саныыбын. Өрөспүүбүлүкэ саҥа статуһун тула уоттаах-күөстээх мөккүөрдэр, сүүһүнэн ыйытыылар бааллара эрээри, дьон хараҕар эрэл кыыма умайбыта. Ол быыһыгар өйдөөбөт, утарар эмиэ баара. Бу докумуон историчес­кай суол­тата өйдөөбөттөн, бэл, сорох улуус дьокутааттарын куораттааҕы сэбиэттэриттэн, холобура, Мииринэй куораттан, САССР састаабыттан тахсарга тиийэ этиилэр киирэ сылдьыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ саҥа статуһун уонна судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэт ис хоһоонун, Саха сирэ РФ састаабыттан ханна да тахсан барбатын, нуучча тыллаах нэһилиэнньэ бырааба хайдах да кэһиллибэтин быһаарыы түмүгэр оччолорго хас да чаастаах мунньах биһиги этиибитин өйүүрүн, САССР састаабыттан тахсарга этии­ни тохтоторун туһунан быһаа­рыы ылыммыта.

Аны салгыы өрөспүүбүлүкэ саҥа судаарыстыбаннаһын ааптарын М.Е. Николаев санныгар өссө биир судургута суох сорук тирээбитэ: Сойуус уонна Арассыыйа салалтатын кытта САССР Үрдүкү Сэбиэтэ үлэлиир позициятын быһаарыы. Горбачеву, Лукьяновы, Ельцины, Хасбулатовы кытта араас мунньахтар быыстарыгар уонна биирдиилээн элбэхтэ көрсүтэлээбитэ. Ити көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр Михаил Ефимович төһөлөөх күүрээннээх үлэтин эрэйбиттэрин, сыратын ылбыттарын киһи сэрэ­йэр эрэ. Михаил Ефимович Сойуус, Арассыыйа уонна Саха сирин оччотооҕу быһыытын-майгытын ырытыытыгар олоҕуран, төрөөбүт Сахатын сирин экэнэмиичэскэй, духуобунай сайдыытын  хайысхаларын 20-40-60 сыл, баҕар, онтон да ырааҕы эрдэлээн көрүүлэрин бас­­таан өйүгэр, онтон кумааҕыга барыл, бырайыак быһыытынан оҥороругар төһөлөөх өй-санаа мөккүөрүн ааспытын билэр кыаҕым суох.

Биһиги былаахпыт – Сахабыт сирин инники сирдиир, сайдыыга угуйар былаах этэ

– Василий Михайлович, улахан дойду ханнык баҕарар эрэгийиэнэ киини кытта сыһыанын бөҕөргөтүүгэ улахан болмҕототун уурар. Ити кэмнэргэ бу өттүгэр хайдах этэй? Туох да диэбит иһин,  олус уустук кэмнэр этэ буол­лаҕа. 

– Өрөспүүбүлүкэ Судаарыс­тыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларациябытын Б.Н. Ель­цин биир тыла суох өйөөбүтэ. Кини өрөспүүбүлүкэлэргэ туһаайан: «Сүбэрэнитиэти төһө кыа­йаргытынан ылыҥ», – диэн этиитин суруналыыстар элбэхтэ хатылаабыттара. 1990 сыл ахсынньытыгар Саха сиригэр сылдьыбыта уонна Үрдүкү Сэбиэт пленарнай мунньаҕын кэмигэр Декларацияҕа киирэ сылдьар сүрүн идеялары өйөөбүтэ. РСФСР састаабыгар сүбэрэнитиэти ылыы туһунан этии­битин өйөөһүнэ биирин үксүн кини М.С. Гор-бачевы киирсиитин кытта сибээстээҕэ.

М.Е. Николаев Сэбиэскэй Сойууһу оннунан хаалларар Сойуус дуогабарын быра­йыагын оҥорууга кытта сылдьар Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин лиидэрэ этэ. Сойуус дуогабарыгар илии баттаһар бырааптаахтарын  туһунан 1991 сыллаахха ыам ыйын 12 күнгэр бэчээккэ тахсыбыт 16 өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэттэрин Бэрэссэдээтэллэрин сайабылыанньатын көҕүлээччи Михаил Ефимович этэ. 1991 сыл атырдьах ыйын эргин дуогабар тиэкиһэ бэлэм буолан,  но­­луок туһунан ыстатыйаттан уратыга, Ново-Огарево резиденциятыгар илии баттаммыта.  Ити түгэҥҥэ Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэригэр саҥа Сойуус субъектарынан буолар кыах баара.

Ол эрээри устуоруйаҕа биллэр атырдьах ыйынааҕы түгэннэр буолбуттара.  Беловежскай Пущаҕа 1922 сыллааҕы Сойуус дуогабара дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыбыта. Ельцин онтон олорон Горбачевка «Эн бэрэсидьиэн буолан бүттүҥ» диэн тэлэгирээмэ ыыппыта итиэннэ АХШ бэрэсидьиэнигэр Бушка «Сэбиэскэй Сойуус суох буолла» дии охсубута.

Горбачев үлэтин бастаан саҕалыырыгар балачча өйөбүллээх эрээри, норуот хараҕар бу диэн көстүбэт, абааһы көрүллэр, оттон арҕааларга сөбүлэтэр үлэтин түмүктээбитэ.  «Киһи аймах сыаннастарын» туһунан ыһа-тоҕо кэпсии-кэпсии, кини бэйэтин судаарыстыбатын сатаан бөҕөргөппөтөҕө,  экэниэмикэтин сайыннарбатаҕа, Сойуус өрөспүүбүлүкэлэригэр буолар омуктар сыһыаннаһыыларыгар тахсыталыыр айдааннары сатаан быһаарбат мөлтөх салайааччы быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Сэбиэскэй Сойууһу оннунан хаалларар туһунан Бүтүн Арассыыйатааҕы референдум түмүктэрин илиитигэр тутан олорон, кини  Беловежскай Пущаҕа үс таҥнарыахсыт улуу дойдуну суох гыныыларын туох да сыһыана суох курдук көрө эрэ олорбута… Былаас саамай чыпчаалыгар тахсыбыт киһи олоҕун сүрүн сыала, омук сиригэр лиэкси­йэтин кэмигэр бэйэтэ эппитин курдук – «ликвидация коммунизма» этэ. Бэйэтин дойдутун суулларбыт сала­йааччылаах өссө ханнык эмэ дойду баара дуу?.. «Өҥнөөх» өрөбөлүүссү­йэни ыытан, Сэбиэскэй Сойууһу ыһан бараннар, ити дьоннор сууттан куотар суолларын оҥостубуттара. Бу ааспыт күннэр-дьыллар хас биирдии­битигэр ынырык ыарахан, олус уустук этилэр.

Ол ааспыт кэмнэри эргиллэн көрдөхпүнэ, сырыы аайы М.Е. Ни­колаев муударай уонна хорсун санаатын улаханнык сыаналыы саныыбын: кини баар буолан, биһиги өрөспүүбүлүкэбит уҥа-хаҥас охсуллубакка, норуот өйөөбүт өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларациятын сүрүн хайысхаларын утумнаахтык тутуһан, этэҥҥэ олорон кэлбитэ.

М.Е. Николаевка да, миэхэ да, барыбытыгар биир былаах­таах этибит. Ол – Сахабыт сирин инники сирдиир, сайдыыга угу­йар былаах. Ол туһугар биһиги Б.Н. Ель­цини уонна кини хамаан­датын кыаҕын уонна өйөбүлүн күүскэ туһаммыппыт. Онуоха биһиги ЫБСК (ГКЧП)-ны, аҕы­йах кэмнээх буолалларын итиэн­нэ балары өйөөһүн өрөспүүбүлүкэҕэ мөкү өттүнэн дьа­йыаҕын өйдүүр буолан, өйөөбөтөхпүт.

Ыһыллыыттан – саҥалыы сайдыыга

– Василий Михайлович, ССРС ыһыллан, олохпут укулаа­та төрдүттэн уларыйбыта. Ити уустук быыһык кэмнэргэ киини кытта экэниэмикэ боппуруостарыгар сокуоннай сыһыаннаһыылары сүрүннэспит, ону саҥалыы ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн олохтоспут киһи буоллаҕыҥ дии. Ол туһунан санаан кэллэххинэ, тугу ордук бэлиэ­тиэҥ этэй?

– Бу боппуруоска хоруйдуурбар үс сүрүн түгэни бэлиэтиэхпин сөп. Бастатан туран, Сойуус сокуон­нара үлэлээбэт буолбут, Арассыыйа сокуоннара суох кэмигэр, маннык балаһыанньаҕа М.Е.Николаев иннигэр   «Якуталмаз» уонна «Якутзолото» холбоһуктар хостуур алмаас­тарын уонна көмүстэрин ким хааһынатыгар туттарабыт диэн кытаанах кыһалҕа тирээбит икки күнүн санаан кэлэбин. Михаил Ефимович саамай сөптөөх соҕотох быһаарыыны ылыммыта: хостонор алмааһы, көмүһү Сойуус хааһынатыгар илдьэри тохтоторго уонна Арассыыйа ону тутарга бэлэмэ суоҕунан, өрөспүүбүлүкэ хааһынатыгар туттарарга диэн. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сирин аннынааҕы баайын дьаһайыы уонна бас билии боппуруостарыгар бу тосту өҕүллүүлээх бы­­һаарыыныытын дойду салалтата өйөөбүтэ.

Иккиһинэн, Үрдүкү Сэбиэт Президиума Саха Өрөспүү­бүлүкэтин сиригэр-уотугар баар бары судаарыстыбаннай тэрилтэлэри өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолаллар диэн 1991 сыл атыр­дьах ыйын 13 күнүгэр биллэрбитэ. Үрдүкү Сэбиэт сиэссийэтэ маны бигэргэтиитэ – биир улахан суолталаах экэнэмиичэскэй быһаа­рыы этэ.

Экэниэмикэтин боппуруостарын өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ хайдах дьаһанар суолга киирбитин туһунан кэпсииргэ өссө биири бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбаларын икки ардыларыгар экэниэмикэ боппуруостарыгар Сөбүлэһиигэ 1992 сыл кулун тутарыгар уонна Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбаларын икки ардыларыгар судаарыстыбаннай бас билиини тыырсыы туһунан Дуогабарга 1992 сыл сэтинньитигэр Б.Н. Ельцин уонна М.Е. Николаев илии баттаабыттара. Бу икки докумуон Саха сирэ экэниэ­микэтин бэйэтэ дьаһанар, сала­йынар суолун арыйан биэрбиттэрэ.

Итилэри этэн тураммын, СӨ Бэрэсидьиэнэ М.Е. Нико­лаев, Үрдүкү Сэбиэт уонна Бырабыыталыстыба өрөспүү­бүлүкэ туһатыгар историческай түгэн тосхойууларын сатабыл­лаахтык  таба туһаммыттарын чопчулаан бэлиэтиибин. Экэниэмикэ өттүгэр тирэх уонна харысхал буолбут сүбэрэнитиэппит суоҕа эбитэ буоллар, ааспыт XX үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр мунньуллубут социальнай хаалыыбыт содулугар, атын эрэгийиэннэрдээҕэр үчүгэйдик буолбакка, быдан дьадаҥытык оло­руохтаах этибит.

Арассыыйаны  10-12 сылынан урутаан

– Василий Михайлович, эн М.Е.Николаев хамаандатыгар бииргэ үлэлээбит соратнига, Саха сирэ дойду инники сайдыытыгар көмөлөөх кэккэ хайысхаларга бастакынан суол тэлбит уопутун үчүгэйдик билэр буолуохтааххын, ааҕааччыларбытыгар онтон сэгэтэн кэпсии түһүөҥ дуо?

– Федеральнай киин дойду олохтоохторун социальнай өттүнэн өйөөһүҥҥэ национальнай бырайыактары туһаныыны көҕүлээһинэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит салайааччылара, өссө 90-с сылларга ити боппуруостарга Арассыыйаны 10-12 сылынан урутаан, тутуспут хайысхалара сөптөөҕүн ала-чуо бигэргэтэллэр. Арассыыйаҕа аан бастакынан Саха сиригэр доруобуйа харыс­табылын, үөрэхтээһини уларыта тутан, тупсарыы бырайыактара, олорор дьиэлэри тутууну тосту улаатыннарыы техноло­гията, дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын бүддьүөттэн үбүлээһини 10% тиийэ үрдэтии уо.д.а. М.Е. Николаев дьаһалынан оҥоһуллубуттара. Алмааһы кырыылааһын, ювелирнай салааны сайыннарыы, ньиэп, гаас бырамыысыланнаһа, нэһилиэн­ньэлээх пууннары гаас оттукка холбооһун үлэлэрэ далаа­һыннаахтык саҕаламмыттара. Гаас турбатын уһаайбаҕа тиэрдии ороскуотун өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунар буолбута. Күн бүгүн бу холобуру бүтүн Арассыыйа батыста.

Салгыы кэпсээтэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтата Арассыыйа федеративнай судаарыстыбатын сайдыытыгар улахан сыратын уурбута. Ол курдук, 1990-92 сылларга киин уонна субъектар бы­­лаастарын боломуочуйаларын уонна тугу дьаһайалларын тыырсыы үлэтэ саҕаламмыта. Михаил Ефимович Федеративнай дуогабар тиэкиһин оҥорууга, дьүүллэһиигэ уонна сөбүлэһиннэриигэ Москваҕа буолар сүбэ мунньахтарга, кэпсэ­тиилэргэ өрөспүүбүлүкэбит дэлэгээссийэтин элбэхтэ салайан илдьэ сылдьыбыта. Үрдүкү Сэбиэппит Федеративнай дуогабары ханнык эрэ Сөбүлэһиинэн солбуйарга РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин кэмитиэтин этиитин төрүт утарбыта. Өрөспүүбүлүкэлэри түмэ тардыы түмүгэр Саха сирин туруорсуута өйөбүлү ылбыта. Онон уһун, киэҥ сыралаах үлэ кэнниттэн 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Кириэмилгэ Федеративнай дуогабарга Российскай Федерация уонна дойду 87 субъектарын салайааччылара илии баттаабыттара.

Киин салалтаҕа холоотоххо, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр норуот саамай сүмэлээтэр сүмэтин түмэ туппут Михаил Ефимович салайааччылаах Конституционнай хамыыһыйа итиннээҕэр быдан тэтимнээхтик уонна көдьүүстээхтик үлэлээбитэ. Онон 1992 сыл муус устар  4 күнүгэр ылыллыбыт Төрүт Сокуоммут ити сыл муус устар 27 күнүгэр күүһүгэр киирбитэ.

Манна барытыгар үлэ хаамыыта хайдах баран иһэрин бэ­­рэсидьиэн М.Е. Николаевка куруук дакылааттаан, кини кииҥҥэ көрсүһүүлэрин кэнниттэн чопчу сорудахтары ылан, толорон иһэрбит. Федеральнай киин өттүттэн бу үлэни Ельцин сорудаҕынан Шахрай С.М. сүрүннээбитэ. 1995 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр Б.Н. Ельцини кытта Дуогабарга илии баттааһын сиэригэр-туомугар Саха сирин дэлэгээссийэтин састаабыгар М.Е. Николаев, Өрөспүүбүлүкэ Палаататын бэрэссэдээтэлэ Е.М.Ларионов, Бэрэстэбиитэллэр Палааталарын бэрэссэдээтэлэ А.П.Илларионов, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Ю.В.Кайдышев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы В.М.Власов, РФ Бэрэсидьиэнигэр өрөспүү­бүлүкэ Бастайааннай бэрэс­тэбиитэлэ К.Е.Иванов, Не­рюнгри куоратын дьаһалтатын баһы­лыга Э.Я. Эстерлейн буолан кыттыбыппыт.

Дьэ, ити илии баттааһынынан киин былаас Саха Өрөс­пүүбүлүкэтэ бэйэтин экэниэмикэтин сатаан дьаһанар, салайынар кыахтааҕын уонна дойдуга суолтатын билиммитэ.

Үлэни, Айылҕаны, Ийэни, Билиини өрө тутан

– Саха сирин Үрдүкү Сэбиэ­тигэр, бырабыыталыстыбатыгар үлэлээбит сылларгар Арассыыйа үрдүкү салалтатын кытта элбэхтэ алтыс­таҕыҥ. Кинилэр тугу этэллэрин тута толорторо сатыыр этилэр дуу эбэтэр хайдах этэй?

– Өрөспүүбүлүкэ интэриэс­тэрин көмүскээһин боппуруос­тарынан Ельцини, Хасбулатовы, Гайдары, Яровы, Воронины, Скоковы, Черномырдины, Абдула­типовы, онтон да атыттары кытары көрсүһүүлэр устуоруйаҕа уонна биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр хааллаҕа. Элбэҕи ахтыбакка, тута эттэхпинэ, Егор Гайдар дойдуну кириисистэн таһаарыыга эппит «шоковой терапиятын» биһиги ылымматахпыт, бэйэбитигэр арыый да табыгастаах суолу талбыппыт.

Бастатан туран, Бэрэсидьиэн М.Е. Николаев уонна бырабыыталыстыба биэнсийэни улаатыннарыыга, дьиэҕэ аҕалан биэрии­гэ, бары нолуогу бастаан “биир ханаал систиэмэтинэн” олох­тоох хааһынаҕа киллэриигэ, ол эрэ кэнниттэн, араас биэксэллэринэн эҥин төлөһүүлэри тохтотон, үөһэ ахтан аһарбыт Сөбүлэһиибит быһыытынан, федеральнай но­­луок чааһын кииҥҥэ ыытарга кытаанах бэрээдэги олохтоо­буппут. Бүддьүөппүтүгэр уу харчыланар, хамнаска уо.д.а. иэстэри туоратар туһугар «АЛРОСА» хампаанньа нолуо­гун уонна түүлээһин иһин төлөбүрүн уу харчынан киллэрэрин ситиспиппит. Ону таһынан, хампаанньалар хапытаалларыгар өрөспүүбүлүкэ өлүүтэ баар буолара ситиһиллибитэ.

СӨ бырабыыталыстыбатыгар судаарыстыбаннай актыыптары салайыыга Департамент уонна Экэнэмиичэскэй Сэбиэт тэрийэн, олору тус бэйэм салайар, хонтуруоллуур буолбутум. Тыа хаһаа­йыстыбатыгар, ыал экэниэмикэтигэр, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, чөл олоҕу сайыннарыыга, успуорка уо.д.а. балачча үгүөрү үбү көрөр этибит. Михаил Ефимович бырабыыталыстыбаҕа сыл түмүгүнэн нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттуурга ирдэбил туруорара. Бу үгүс ха­­йысхаларга, чуолаан, доруобуйа харыстабылыгар, чөл олоҕу, успуор­ду сайыннарыыга Саха сирэ Арассыыйаҕа пионер этэ. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуубут күн бүгүн Олимпийскай оонньуулары сэргэ турар буола сайынна.

Михаил Ефимович 22 сыл анараатыгар суруйан турар: «Саҥа кэм киһитин дьайыыларын сыаналыырга уопсастыба бэйэтин идеалларын чопчулуох тустаах… Ол – Үлэни, Айылҕаны, Ийэни, Билиини өрө тутуу. Биһиги норуоп­путугар былыргыттан ыла баар ити ытык өйдөбүллэр сиэр-майгы саамай үрдүк сыаннаһын быһыытынан саҥа үйэҕэ киириэхтэрэ». М.Е. Николаев бу этиитэ – саха норуотун эрэ буол­бакка, нуучча норуотун, Арас­сыыйа онтон да атын норуоттарын идеологията буолар толору кыахтаах.

Маны бэлиэтээн тураммын, Михаил Ефимович үбүлүөйдээх дьоро түгэнинэн эҕэрдэлээн, кытаанах, чэгиэн туругу баҕаран тураммын, судаарыстыбабытын инники сайыннарыыга ыллык­таах, ылыннарыылаах, ыйааһыннаах этиилэргинэн өссө да барыбытын инники сирдии, сөхтөрө, ытыктата сырыт диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!

Елена ИВАНОВА кэпсэттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу күнүн-дьылын билгэтэ

Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ Бэстээх сэлиэнньэтигэр уотунан ититиини холбуохтара

Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайбыта. Билигин онно уотунан ититиини холбууллар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Айылҕа улуу дьоҕурдаахтара: Чачыгыр Таас Ойууну ыҥырыылара

"Улуу ойуун күүһэ биэс үйэ өһүллүбэт" дииллэр эбит. Чачыгыр Таас Ойуун 1500-1600 сс. кэмҥэ, олорон ааспыт…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр — ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр эһигини СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр күүтэллэр. Тохсунньу 3, 4, 5 уонна 6…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга хас оҕо төрөөтө?

Саха сиригэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар 10721 оҕо күн сирин көрбүт: 5443 уол,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥҥы суолунан командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ массыынатынан Хатаһынан түһэн,   Эбэбитин…

4 часа ago