Василина Бурнашева: «Сарсын быыбардыы бараары сылдьабын…»
Сарсын, кулун тутар 15 күнүттэн, Арассыыйа Бэрэсидьиэгнин быыбарыгар үгүс киһи көхтөөх кыттыыны ылаары бэлэмнэнэр.
Икки оҕолоох эдэр ийэ, аһы-үөлү чинчийэр-хонтуруоллуур лаборатория исписэлииһэ Василина Бурнашева 18 сааһын туолуоҕуттан биир да быыбары көтүппэт.
— Оччолорго быыбардаабыт күммүн наһаа өйдүүбүн — сып-сырдык күннээх халлаан этэ. Ийэбин кытта барсыбытым. Хаһан да «буоллун-хааллын…», «быыбардыахха эрэ…» диэн санаанан салайтарбаппын. Куоластыахтаах хандьыдааппын кимин-тугун эрдэттэн сиһилии үөрэтэбин. Ол кэннэ толору бэлэмнээх тиийэн куоластыыбын. Быыбардаабытым устата иккитэ эрэ мин талбыт хандьыдааттарым кыайбыттара. Уоннааҕыта — сөп түбэспэтэҕэ. Онно хомойбоппун — кыахтаах киһи кыайар буоллаҕа. Хас биирдии киһи бэйэтин тус санаатын, баҕатын туоһута — кини куолаһа. Онон буолаары турар быыбарга санааҕын тиэрдэриҥ — тус бэйэҕэр да ордук. Сарсын быыбардыы бараары сылдьабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: