Василина Бурнашева: «Сарсын быыбардыы бараары сылдьабын…»

Share

Сарсын, кулун тутар 15 күнүттэн, Арассыыйа Бэрэсидьиэгнин быыбарыгар үгүс киһи көхтөөх кыттыыны ылаары бэлэмнэнэр.

Икки оҕолоох эдэр ийэ, аһы-үөлү чинчийэр-хонтуруоллуур лаборатория исписэлииһэ Василина Бурнашева 18 сааһын туолуоҕуттан биир да быыбары көтүппэт.

Оччолорго быыбардаабыт күммүн наһаа өйдүүбүн — сып-сырдык күннээх халлаан этэ. Ийэбин кытта барсыбытым. Хаһан да «буоллун-хааллын…», «быыбардыахха эрэ…» диэн санаанан салайтарбаппын. Куоластыахтаах хандьыдааппын кимин-тугун эрдэттэн сиһилии үөрэтэбин. Ол кэннэ толору бэлэмнээх тиийэн куоластыыбын. Быыбардаабытым устата иккитэ эрэ мин талбыт хандьыдааттарым кыайбыттара. Уоннааҕыта — сөп түбэспэтэҕэ. Онно хомойбоппун — кыахтаах киһи кыайар буоллаҕа. Хас биирдии киһи бэйэтин тус санаатын, баҕатын  туоһута — кини куолаһа. Онон буолаары турар быыбарга санааҕын тиэрдэриҥ — тус бэйэҕэр да ордук. Сарсын быыбардыы бараары сылдьабын. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

300-тэн тахса эдэр ыал 50 тыһыынча солкуобайы ыллылар

Саха сиригэр 2024 сылтан саҥа ыал буолар, 25 саастарын туола илик эдэр дьоҥҥо саахсаламмыттарын кэнниттэн…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар «сухой душ» оҥоруохтара

СӨ Судаарыстыбаннай тутуу уонна олорор дьиэ хонтуруолун управлениета уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа «Эдэр гвардия»…

30 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кинилэр үрдүк үөрэх кыһатыгар туспа квотанан киириэхтэрин сөп

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова ыам ыйын 15 күнүгэр брифинг…

37 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Оһуохай күнүгэр болуоссакка Добун оһуохай тэриллиэҕэ

2023 сыл балаҕан ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев Оһуохай күнүн тэрийэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта.…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан СӨ Бочуоттаах гражданинын Егор Ларионовы кытары көрүстэ

ИлДархан Айсен Николаев СӨ Бочуоттаах олохтооҕун Егор Ларионовы кытары өрөспүүбүлүкэ, чуолаан Нам улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урутаан сайдыы сиригэр-уотугар уонча тыһыынча үлэ миэстэтин тэрийдилэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Саха сирэ” уонна “Соҕуруу Саха сирэ”  урутаан сайдыы сирдэригэр-уоттарыгар (ТОР) 72 резидент үлэни…

2 часа ago