Василиса Володина: «Күн «өлөр» кэмигэр үс бэлиэҕэ ыараханнык дьайыаҕа»
Алтынньы 2 күнүгэр киэһэ 8-9 чааска (Москва бириэмэтинэн) «уот биһилэхтээх» Күн «Өлүүтэ» буолуоҕа. Биллэр астролог Василиса Володина дьоҥҥо туох дьайыылаах буолуоҕун туһунан кэпсээтэ.
Хой (Овен)
Чугас дьону кытта тус сыһыаҥҥа күчүмэҕэйдэр үөскүөхтэрин сөп. Бу күн туохтан эрэ кыыһыран, күүскэ ньиэрбинэйдиир буоллахха, туох эрэ улахан суолталаах сибээс быстыан сөп, ону кэлин кэмсиниэххит. Онон түргэн быһаарыныыны ылынымаҥ, бэйэҕитин туттунуҥ.
Ыйааһын (Весы)
Ыйааһын олоҕор улахан суолталаах түгэннэр буолаллар. Бу кэмҥэ «мин кимминий?», «туох аналлаахпыный?» диэн ыйытыктар сытыытык туруохтара. Тулалыыр дьоҥҥо бэрт буола сатааһын бэйэ иннин көмүскэммэт буолууга тиэрдэр. Онон аан бастаан бэйэҕит тугу баҕараргытыгар суолта биэриҥ.
Чубуку (Козерог)
Чубуку үлэтигэр ыарахаттары көрсүөн сөп. Чубуку өһөстөҕүнэ, букатын уларыйыан баҕарбат буоллаҕына, кыһалҕа үөскүөн сөп. Онон дьону өйдүү сатааҥ уонна аһаҕас буолуҥ. Салалтаны кытта биир тылы була сатааҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: