Салгыы
ВДНХ түһүлгэтигэр — Хомус күнэ

ВДНХ түһүлгэтигэр — Хомус күнэ

Ааптар:
11.12.2023, 10:30
Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин тэрийиитинэн, «Конгресс-центр Якутии», «Институт геокультурного развития» тэрилтэлэр өйөбүллэринэн, Москваҕа ВДНХ-ҕа Арассыыйа 89 регионуттан «Россия» быыстапка-пуорумҥа «Якутия — вселенная Олонхо» диэн Саха сирин сайдыытын көрдөрөр түһүлгэҕэ сэтинньи 28-30 күннэригэр Хомус түмэлин «Россия норуоттарын хомустара» быыстапката үлэлээтэ.

Уһук Илин  павильонугар Саха сирин түһүлгэтэ киирээти кытта уҥа диэки бастакы турар. Үс күн тухары үтүмэннээх киһи хотоҕостуу субулунна.
Түмэл научнай пуондатыттан алтай (комуз, комыс), хакас (темир комуз), тува (чарты хомус, кулузун хомус), бүрээт (хур), монгуол, башкир (кубыз), татаар (комуз, комыс), нуучча, саха хомустара көрдөрүүгэ турдулар. Ааптардарынан араартаатахха: Дубровскай А.М. (Хабаровскай к.), Галухин Л. (Красноярск к.), Глазырин Д.А. (Челябинскай уоб.), Семкин Г.П. (Дудинка к.), Селезнев П. (Москва), Фоменков С., Малов Н. (Санкт-Петербург), Вахитов Т., Поткин П. (Татарстан), Казанцев А.Л., Минаков А.В. (Алтай), Загредтинов Р. А. (Башкортостан), Хоматов (Хакасия), Гоголев С.И. (Мэҥэ Хаҥалас), Чахов А.И. (Таатта), Захаров И.Ф., Чемчоев Р.Г., Мальцев М.Н. (Бүлүү), Неустроев Н.И. (Амма) хомустара сэҥээрини ылла. Көрөөччүлэр болҕомтолорун ордук Чемчоев Р.Г.-Чөмчөө уус охсубут «Таба» хомуһа тарта. Бу хомуһу Россия космонаба Олег Кононенко 2011 с. Куосумас куйаарыгар «Союз» космическай станцияҕа дьүрүһүппүтэ. Хараабыл сири тула 192 күн устата 2988 эргийбитэ (126,6 мөл. км.). Чөмчөө уус хомуһа саха норуотун үйэлэргэ киэн туттуута буолан, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы суолтата өссө үрдээн иһэр.
Амматтан төрүттээх Неустроев Н.И. охсубут быыкаа хомустарын кэллиэксийэтин көрөөччүлэр быһа ааспатылар. Сөҕөллөрүн-махтайалларын быыһыгар «тыас тахсар дуо?» диэн интэриэһиргээн ыйыталаһаллар. «Хомус буолан баран, хайаан тыаһыа суоҕай?!» — диэн эппиэттэн өссө соһуйаллар. Саха сирин түһүлгэтигэр ХИФУ Математика уонна информатика институтун 2 кууруһун магистрана, эдэр уус Спиридон Иванов хомус охсуутун үгэһин көрдөрдө. Бу уол 7-с кылаастан саҕалаан хомус охсуутунан дьарыктанар. Готовцев Р.И. оскуолатын ааспыта. Билигин бэйэтэ туспа буочардаах хомус ууһа буолан сылдьар. Бэйэтэ таптайбыт хомуһугар сахалыы матыыптары тэтимнээхтик охсуолаан көрөөччүлэри сөхтөрдө.
Быыстапка иккис күнүгэр Уһук Илин  уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Чекунков А.О. уонна Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Карелова Г.Н. биһиги түһүлгэтигэр ыалдьыттаан аастылар, быыстапканы көрдүлэр, сэҥээрдилэр. Карелова Г.Н.: «Норуот үтүө үгэстэрэ бу курдук үйэтитиллиэхтээхтэр. Онуоха күүскэ үлэлиэххэ наада», — диэн этэн аһарда.
Саха сирин стендэтин туһунан эттэххэ, биһиги дойдубут уратытын арыйарга анаан, дизайна дириҥник хорутуллан толкуйдаммыт. Аал луук мас, Дьурулуйар Ньургун Боотур ыалдьыттары уруйдуу-айхаллыы көрсөллөр. Ыалдьыттар «алгыс баһа сыаланнын» диэн дьэрэкээн таҥас кырадаһыннарынан Аал луук маһы симээн ааһаллар. Түгэх, хомо курдук холлорооҥҥо киирдэххэ, интерактивнай экраннарга Дьыл оҕуһа, Хаарчаана, сахалыы таҥастаах далбар хотун уонна эр хоһуун (виртуальнай музейнай экскурсоводтар) дойдубут уратытын сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тохтообокко кэпсииллэр. Атахха турар сенсорнай терминаллартан Саха сирин кэрэ-бэлиэ сирдэрин, туризм туһунан араас чахчылары сэҥээрээччи бэйэтэ булан ааҕыан сөп.
Дьон-сэргэ күүс-уох ыллын диэн түһүлгэ ортотугар алтан сэргэни дьороччу анньан кэбиспиттэр. Микрофоннаах экскурсоводтар бөлөҕүнэн дьону аҕалан, сэргэттэн ис сэниэ (энергия), күүс-уох ыларга сүбэлииллэр. Ол аайы сэргэ төрдүгэр дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустар.
Дьэрэкээн уотунан умайыктанар долбуурдарга дэйбиир, чарапчы (хаар ачыкыта), мамонт муоһуттан оҥоһук, хаппар, алгыстаах Аал луук мас, маллаах иһит ууруллубуттар. Уус киһи илиитин сылааһынан угуттанан оҥоһуллубут оҥоһуктар киһиэхэ күүстээх дьайыылаахтар (энергетика). Маллар харыстыыр суолталара олус күүстээҕин (сакральное значение) көрөөччүлэр тутан-хабан көрөн итэҕэйэллэр.
Көрөөччүлэр саха олоҥхотун, үгэстэрин, итэҕэлин, сэргэни, таҥас-сап, симэх, хомус муусукатын олус интэриэһиргээн ыйыталаһаллар. Турист быһыытынан Саха сиригэр кэлиэхтэрин баҕаралларын ис дууһаларыттан этэллэр. Ол эрээри томороон тымныыбытыттан олус саллаллар.
Үлэ күнүгэр быһа холоон 12000-13000, өрөбүллэргэ 14000-15000 киһи сылдьар диэн ВДНХ-лар отчуоттаатылар. Түһүлгэбитигэр көмөлөһөөччүлэринэн Москва куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт Артюхова Н.В., Мишуков В.А., Пермякова А.И., Корнев А.О., Васильев Д.А. анаммыттар. Куратордарынан Конгресс-киин үлэһиттэрэ Сесина Е.В., Лазарев С.Н. үлэни сүрүннээтилэр. Бииргэ үлэлээбит доҕотторбутугар махталбытын биллэрэбит.
Аан дойду виртуоз-хомусчуттара Варвара Степанова-Арчыына, Нарыйаана Ренанто Уһук Илиҥҥэ  уонна Арктикаҕа туризм сайдыытын министиэристибэтин  түһүлгэтигэр хомус кэнсиэрин уонна көрөөччүлэргэ анаан хомус тардыыга маастар-кылаас ыыттылар. Кэнсиэр саҕаланыытыгар хомус уонна чуораан лыҥкынас тыастарынан доҕуһуолланан «Алгыс ырыата» дьиэрэйдэ. Эркин светодиоднай экраныгар Хомус түмэлин уонна Аан дойдутааҕы виртуоз-хомусчуттар куонкурустарын туһунан видеопрезентация тохтоло суох көһүннэ. Кэнсиэри Хомус түмэлин үлэһитэ Алена Сергеева иилээн-саҕалаан ыытта. Эдэр киһи бастакы холонуута диэтэххэ ситиһиилээх буолла.

Алгыс диэн бу көннөрү сиэр-туом эрэ буолбакка, дириҥ суолталаах Үөһэ Айыыларга сүгүрүйүү буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтибит. «Орто дойду», «Дьиэрэй-дьиэрэй, хомуһум!», «Хоту дойду тэтимэ», «Оһуор», «Ыллаа, хомуһум!», «Кыталык», «Ат Бөртө», «Үрүҥ түүн», «Хотугу Муустаах байҕал», «Дьөһөгөй тэтиминэн», «Дьыл кэмэ», «Түүл», «Биһик ырыата», «Күһүн көтөрү атаарыы» о. да а. хомус айымньыларыгар саха норуотун үгэстэрэ, сиэрэ-туома кэпсэнэрэ олохтоохтор сүрэхтэрин-быардарын ортотунан киирдэ. Москва куорат дьоно-сэргэтэ, ыалдьыттара, өтөрүнэн хомус муусукатын истэ илик буолан, олус долгуйан, иһийэн туран иһиллээтилэр, сөҕөн-махтайан, махтал-баһыыба тыллары кэрэйбэккэ эттилэр.
Алгыстаах кэнсиэр хомус оһуохайынан түмүктэннэ. Хомусчуттар түһүлгэҕэ тахсан, күргүөмүнэн хомус тартыбыт. Көрөөччүлэр хомус дьурулас тыаһынан арчыланнылар. Кэнсиэр кэннэ тута Арчыына хомуска сыыйа тардыыга, Нарыйаана Ренанто хабарҕа ырыалаах хомус тардыыга маастар-кылаас ыыттылар.
Дьэ ити курдук, Хомус түмэлин устуоруйатыгар аан бастакытын улуу Москуба куоракка ВДНХ килбэйэр киинигэр хомус сайдыытын билиһиннэрэр быыстапката ситиһиилээхтик үлэтин түмүктээтэ.

Слепцова Е.П., Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин
билимҥэ итиэннэ сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: