Салгыы
ВЭФ-2023: Алексей Чекунков Саха сирин былаһааккатын үрдүктүк сыаналаата

ВЭФ-2023: Алексей Чекунков Саха сирин былаһааккатын үрдүктүк сыаналаата

Ааптар:
13.09.2023, 10:05
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков «Уһук Илин уулуссата» быыстапкаҕа Саха сирин былаһааккатыгар сырытта. Киниэхэ Саха сирин урбаанньыттара оҥорон таһаарбыт байыаннай бородууксуйаларын көрдөрдүлэр, өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Итиэннэ миниистир мас тардыһыыга  «Колмар» хампаанньа Куубагын арыйда.

Ол курдук, бастатан туран Алексей Чекунков Саха сирин урбаанньыттара оҥорон таһаарбыт байыаннай таҥастарын, тиэхиньикэлэрин быыстапкаларын көрдө. Манна «Сокол» квадроцикл, «Томтор» харыстыыр бүрүөһүн, хонууга туттуллар оһох, хаххалыыр сиэккэ уо.д.а тэриллэр бааллар. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков кэпсээбитинэн, Саха сирин хампаанньалара оҥорбут бородууксуйалара номнуо байыаннай эпэрээссийэҕэ туһаныллаллар.

Салҕыы миниистир өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарын сырдатар былаһааккатыгар сырытта. Алексей Чекунковка 2024 сылга Дьокуускайга ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы ахсыс оонньуулар тустарынан билиһиннэрдилэр.

Ону тэҥэ, миниистир Саха сирин балаһааккатыгар мас тардыһыыга «Колмар» хампаанньа Куубагын арыйда. Кини мас тардыһыы Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга барытыгар киэҥник биллэн эрэрин бэлиэтээтэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков эппитинэн, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа турбут бырайыактарга Алексей Чекунков үрдүк сыанабылы биэрбит.

«Алексей Олегович Саха сиригэр оҥоһуллар бырайыактары үчүгэйдик билэр, сэргиир. Итиэннэ бүгүн Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сирэ Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр айар үлэ индустриятын сайыннарыытыгар холобур буоларын эттэ. Миниистир биһиэхэ үрдүк сыанабылы биэрдэ», — диэн Бычков эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: