ВЭФ-2023: Кирилл Бычков пуорум түмүктэрин, бырайыактар тустарынан санаатын үллэһиннэ

Share

Саха сирэ Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр 100 миллиард суумалаах 30-ча бырайыакка сөбүлэһии түһэристэ. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков пуорумҥа  түһэрсиллибит  сүрүн сөбүлэһиилэр тустарынан кэпсээтэ.

«Быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирин  делегациятыгар олус тэтимнээх күннэр аастылар. Тэрээһин кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэҕэ улахан интэриэстэрин көрдөрдүлэр, онон бу күннэргэ ылыллыбыт бырайыактар кэлэр сылларга олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбит. Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ биир бастыҥ эрэгийиэн буолар. Пуорум кэмигэр  түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр  чэрчилэринэн үөрэх, тутуу, логистика, бырамыысыланнас уо.д.а эйгэлэргэ инвестициялар киирэннэр биһиги экэниэмикэбит өссө күүскэ сайдыаҕа«, — диэн Кирилл Бычков кэпсээтэ.

Вице-премьер хас даҕаны бырайыагы бэлиэтээн эттэ. Ол курдук, «Дьэлиҥдэ — Мохэ» диэн логистическэй бырайыак чэрчитинэн Кытайга таһаҕаһы таһыы  саҕаланыаҕа. Таһаҕас эргиирэ 10 мөлүйүөн туоннаҕа тэҥнэһиэҕэ. Итиэннэ Саха сирин бөдөҥ бырамыысыланнас хампаанньаларын араас тэриллэринэн хааччыйыахтара, үлэһиттэр олорор дьиэлэрин тутуохтара.

«Дьокуускайга саҥа кыбартааллары  тутуу  туһунан олус дьоһуннаах бырайыактары кэпсэттибит. «Спортивнай», «Звезднай» түөлбэлэр бырайыактарын үбүлээһинигэр уонна Өрүс пуордун оройуонугар саҥа микро-оройуон тутуутугар сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр», — диэн Бычков эттэ.

Улахан болҕомто үөрэх эйгэтигэр уурулунна. Каадырдары бэлэмнээһин туһунан хас даҕаны сөбүлэһиигэ илии баттанна.

Саха сирин бырамыысыланнай куораттарын Нерюнгри уонна Мииринэй туһунан туспа кэпсэтии буолла. Бу куораттар сыл ахсын тэтимнээхтик сайданнар, олохтоох дьон ахсаана элбээн иһэр.

Кирилл Бычков кэпсээбитинэн, пуорум кыттааччылара бары Саха сирин экэниэмикэтэ уонна бырамыысыланнаһын эйгэтэ бүтэһик сылларга күүскэ сайдыбытын бэлиэтээн эпиттэр.

«Бэҕэһээ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сирэ креативнай индустрия сайдыытыгар биир бастыҥ буоларын эппитэ. Биллэн турар, бу эйгэҕэ биһиги эмиэ хас даҕаны сөбүлэһии түһэристибит», — диэтэ кини.

Вице-премьер урукку сылларга пуорумҥа ылыллыбыт докумуоннар олоххо киирэн иһэллэрин эттэ, онон быйылгы 30-ча бырайыак Саха сирэ сайдыытыгар улахан оруолу оонньуохтара диэн эрэлин биллэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

12 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago