«Российский экологический оператор» кытаанах хомунаалынай тобоҕу хомуйуу комплекснай систиэмэтин оҥорор хампаанньа Дьокуускай куоракка бөҕү араарар ыстаансыйаны тутууга көмөлөһүөҕэ. Бу туһунан үбүлээһин сөбүлэҥэ балаҕан ыйын 12 күнүгэр Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр түһэрилиннэ.
Бу ыстаансыйаны «Айылга» хампаанньа тутуоҕа. «РЭО» бу хампаанньаҕа бырайыак уопсай сыанатын 95%-гар диэри сууматын 7% ыстаапкалаах 10 сылга иэс биэрэргэ бэлэм.
«Билиҥҥитэ бырайыак судаарыстыбыннай эспэртиисэни ааһа сылдьар. Тиэхиньиичэскэй өттүнэн үчүгэй түмүк кэллэ, симиэтэ ааһарын күүтэбит. «РЭО» кытары үлэ түмүгүнэн Дьокуускайга ыстаансыйа тутуллан үлэҕэ киириэҕэ диэн эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.
Ыстаансыйа сылга 150 туонна кытаанах хомунаалынай тобоҕу араарар буолуоҕа. Саҥа эбийиэк Вилюйскай тракт 8 км тутуллуоҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна ыстаансыйа тутуллуохтаах сирин бэлэмнии сылдьаллар.
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…