Салгыы
ВЭФ-2024: Айсен Николаев уонна Виталий Мутко Саха сирин эбийиэктэрин үбүлээһинин ырыттылар

ВЭФ-2024: Айсен Николаев уонна Виталий Мутко Саха сирин эбийиэктэрин үбүлээһинин ырыттылар

05.09.2024, 12:30
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Илиҥҥи экономическай пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев Виталий Мутконы кытта көрүстэ.

Ил Дархан уонна ДОМ.РФ АУо генеральнай дириэктэрэ территориялары комплекснай сайыннарыы, куортамҥа бэриллибит дьиэ, генеральнай былааннар уонна эрэгийиэн сайдыытын боппуруостарын ырыттылар.

Айсен Николаев Виталий Муткоҕа ДОМ.РФ баан өрөспүүбүлүкэ бырайыактарыгар өйөбүлүн иһин махтанна.

«Эһиги көмөҕүтүнэн бүгүн улахан бырайыактар ​​олоххо киирэллэр, чуолаан олор Дьокуускай территорияларын, «Звёзднай» уонна «Спортивнай» микрооройуоннары комплекснай сайыннарыыга сыһыаннаахтар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Виталий Мутко өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ ДОМ.РФ биир саамай эрэллээх партнера буоларын тоһоҕолоото.

“Биһиги бааммыт өрөспүүбүлүкэҕэ улахан кээмэйдээх дьиэ тутуутун үбүлүүр. Бүгүҥҥү күҥҥэ эрэгийиэн  хас да нэһилиэнньэлээх пууннарын генеральнай былааннарын оҥорууну бэйэбитигэр ылбыппыт», — диэн эттэ Виталий Мутко.

Мунньахха дьиэ тутуутугар кыттыгас үлэ түмүктэрэ, Дьокуускайга уонна Нерюнгрига генеральнай былааннары олоххо киллэрии, Тиксии-Найба агломерациятыгар генеральнай былааны оҥоруу боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Ону тэҥэ Дьокуускай куорат өрүс пуордун сирин-уотун саҥардыы бырайыагын – «Ленские высоты» дьиэ комплексын, Дьокуускай куоракка «КОСМОС» гостиничнай комплекс тутуутун туһунан кэпсэттилэр.

Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка табыгастаах арендалаах дьиэ” бырагыраама туһунан тиэмэ эмиэ таарылынна.

2024 сылга Илиҥҥи экономическай пуорум тохсус төгүлүн ыытыллар. Тэрээһин Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһугар буола турар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: