ВЭФ-2024: дьыалабыай бырагыраама спикердэрэ билиннэ
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивостокка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет куорпуһун былаһааккатыгар буолуоҕа. Быйылгы пуорум сүрүн тиэмэтэ – «Дальний Восток – 2030. Объединим усилия, создавая возможности» диэн.
Пуоруму тэрийээччилэр дьыалабыай бырагыраамалар эспиэртэрэ, спикердэрэ кимнээх буолалларын эттилэр.
«Новые контуры международного сотрудничества» хайысха спикердэрэ: туһанааччы быраабын көмүскээһин эйгэтигэр надзор федеральной сулууспатын салайааччыта Анна Попова, бырамыысыланньыктар уонна урбаанньыттар Арассыыйатааҕы сойуустарын бэрэсидьиэнэ Александр Шохин, Индия Өрөспүүбүлүкэтин Арассыыйаҕа посола Винай Кумар, РФ тас дойдуларга дьыалаларын министиэристибэтин бэчээккэ уонна информацияҕа департаменын дириэктэрэ Мария Захарова, «Эн+» генеральнай дириэктэрэ Владимир Колмогоров, China Logistics Group генеральнай дириэктэрэ Ляо Цзяшэн, цифровой экономика (IDEA) норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация генеральный сэкирэтээрэ Амор Макланг.
«Технологии независимости» блок кыттааччыларынан Wildberries хампаанньаны төрүттээччи Татьяна Бакальчук, тас дойдуга предприятиелары сайыннарыы Кытай ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Хэ Чжэньвэй, «Газпромбанк Лизинг» генеральнай дириэктэрэ Вячеслав Спиров, «Сибур» генеральнай дириэктэрэ Михаил Карисалов, тырааныспар судаарыстыбаннай лизинговой хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Евгений Дитрих.
Хайысхалар спикердэрин, кыттааччылар туһунан иһитиннэриини сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://sakha.gov.ru/news/front/view/id/3412494
РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин федеральнай уокуругар РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум — макроэрэгийиэни сайыннарыы биир сүрүн көдьүүстээх инструменынан буоларын этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: