ВЭФ-2024: Ил Дархан креативнай экэниэмикэ ситиһиитин төрүөтүн быһаарда
Саха сирэ Арассыыйа креативнай экэниэмикэтин лиидэрдэрин ахсааныгар сылдьар. Айсен Николаев Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум «Креативная прокачка регионов: от индустрий к творческой экономике» сессиятыгар тоҕо оннук буоларын быһаарда.
— Соторутааҕыта Саха сирэ сиртэн хостонор баайдаах эрэгийиэн эрэ курдук биллэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ креативнай экэниэмикэни сайыннарар кэнсиэпсийэни ылыммыппыт. Эрэгийиэн сайдыытыгар киһи хапытаала улахан оруоллаах. Онон бырамыысыланнастан эрэ тутулуктаах буолуо суохтаахпыт. Онон 6 сыл устата креативнай экэниэмикэ тиһигин тэрийдибит. Сүрүн тирэхпит — Саха сирин сайыннарыы корпорацията, — диэн кини кэпсээтэ. Бу кэнсиэпсийэ чэрчитинэн, «Үлэ кыбаартала» кластер, IT-паарка, Технопаарка, профильнай үөрэх систиэмэтэ тэриллибиттэрэ. Киинэ павильона уонна үөрэх кыһаларын кампустара тутулла тураллар.
— Биһиги ситиһиибит кистэлэҥэ — Саха сиригэр үйэлээх үгэстэр уонна аныгы инновациялар дьүөрэлэһиилэрэ. Түҥ былыргы култуурабытын аныгы технологиялары кытта ситимниибит. Түмүгэр, кэтэспиппитинээҕэр ордук буолан тахсар. Киһи хапытаалын сайыннарыыга уруккуттан үлэлэһэбит. Үчүгэй оскуолалар бааллар. Билигин сүрүн соруктар — инфраструктураны сайыннарыы уонна каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ кыаҕы кэҥэтии, — диэтэ Айсен Николаев.
Кини этэринэн, 2030 сылга бу эйгэҕэ дьарыктанар дьон ахсаана 48 тыһыынчаттан 70 тыһыынчаҕа диэри элбиэхтээх. Билигин Саха сиригэр ИТ-хайысха, кинематограф, геймдев (оонньуулары айыы), дизайн хайысхалара тэтимнээхтик сайдаллар.
Ол түмүгэр Саха сирэ 2022 сыллаахха Арассыыйатааҕы национальнай бириэмийэҕэ (Russian Creative Awards) дойду саамай креативнай эрэгийиэнин быһыытынан билиниллибитэ.
Онон Саха сирин уопута АСИ Креативнай экэниэмикэни сайыннарар киин хамаандата оҥорбут эрэгийиэннээҕи сайдыы ыстандаартыгар киирбитэ. Маны тэҥэ, өрөспүүбүлүкэ уопута «О развитии креативных (творческих) индустрий в Российской Федерации» федеральнай сокуонун ылыныыга туһаныллыбыта.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: