ВЭФ-2024: Креативнай индустрия – аныгы кэм ирдэбилэ

Share

Тохсус уочараттаах Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет куорпуһун былаһааккатыгар ыытылынна. Быйылгы пуорум сүрүн тиэмэтэ – «Уһук Илин-2030. Күүспүтүн түмүөххэ, саҥа кыахтары арыйыахха».

Урут Саха сирэ сиртэн хостонор баайдаах эрэги­йиэн быһыытынан биллэр буоллаҕына, билигин креативнай экэниэмикэни сайыннарар бастыҥ субъектар ахсаа­ныгар киирэр. Саха сирин креа­тивнай индустрията 2030 сылга 113 млрд солкуобайга тиийэ үрдүөхтээх. Онон бу хайысха Илиҥҥи экэнэмиичэс­кэй пуорумҥа болҕомтоҕо ылылынна. Креативнай индустрия кэнсиэп­сийэтэ ылыллан, «Үлэ кыбартаала» клас­тер, IT-паарка, Технопаарка, профильнай үөрэх систиэмэтэ тэриллибиттэрэ, киинэ павильона тутуллар.

Кини этэринэн, 2030 сылга бу эйгэҕэ дьарыктанар дьон ахсаана 48 тыһыынчаттан 70 тыһыынчаҕа диэри элбиэхтээх. Билигин Саха сиригэр ИТ-хайысха, кинематограф, геймдев (оонньуулары айыы), дизайн хайысхалара тэтимнээхтик сайдаллар.

Бүгүн пуорум түмүктэнэр күнэ, матырыйаал суруллар күнүгэр элбэх кэскиллээх былаан­нар торумнаннылар, инники кэскиллээх соруктар ылылыннылар. Аны аҕы­йах сылынан өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар аналлаах докумуон­нар олоххо киирбит бырайыактарын үтүө түмүктэрин эрэнэ күүтэбит.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана:

– Биһиги ситиһиибит кистэлэҥэ — Саха сиригэр үйэлээх үгэс­тэр уонна аныгы инновациялар дьүөрэлэһиилэрэ. Түҥ былыргы култуурабытын аныгы технологиялары кытта ситимниибит. Түмүгэр, кэтэспиппитинээҕэр ордук буолан тахсар. Киһи хапытаалын сайыннарыыга уруккуттан үлэлэһэбит. Үчүгэй оскуолалар бааллар. Билигин сүрүн соруктар — инфраструктураны сайыннарыы уонна каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ кыаҕы кэҥэтии.

Хаартыска: СИА

Олоххо киирбит бырайыактар

Хас сыл ахсын Саха сирэ пуорумҥа дьон олоҕун тупсарыыга туһуламмыт элбэх сөбүлэһиилэри түһэрсэр. 2015 сылга бастакы пуорумҥа Саха сирэ 168 млрд солк. тахса суумаҕа сөбүлэһиигэ аналлаах докумуоҥҥа илии баттаспыта. Ааспыт сыллааҕы пуорумҥа 130 млрд солк. 30 сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Быйыл 25 сөбүлэһии түһэрсиллэрэ былааннанар, суумата 160 млрд солк. куоһарара күүтүллэр. Пуорум барыта уопсайа 900-тэн тахса млрд солк. социальнай эйгэҕэ, инфраструктураҕа, оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга киллэрбитэ.

Ити курдук 2015-2023 сс. саамай бөдөҥ олоххо киир­бит, ситиһиилээх бырайыактары ылан көрдөххө манныктар: IT-паарка, Тиксиигэ тыал күүһүнэн үлэлиир комплекс, төгүрүк сыл үлэлиир «Саюри» тэпилииссэ, Арктика оройуоннарыгар оптоволокно (ВОЛС, түргэн интэриниэт) холбонуута, Саха сирин тыйыс килиимэтигэр үлэлиир 100 оптуобус, Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннара.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ бэйэ дьыалатын арыйбыт

2023 сыл сэтинньитигэр Сергей Мандаров Российскай Федерация Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсибит. Сулууспатын штурмовик дуоһунаһыгар…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Араас омук оҕолоро — биир сомоҕо дьиэ кэргэҥҥэ

Ыам ыйын 21 күнүгэр Дьокуускай куорат 13-с №-дээх оскуолатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80…

3 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр Орто Азия олохтооҕо ФСБ үлэһитигэр бэрик биэрэ сатаабыт

Саха сиригэр Орто Азия олохтооҕо ФСБ үлэһитигэр бэрик биэрэ сатаабытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. ФСБ управлениетын…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ньукуолуну көрсө – кус кэһиилээх

Күммүт сырылаччы тыган, самаан сайыммыт тигинэтэн тиийэн кэллэ. Саха киһитэ сайыҥҥы күөххэ үктэнэн, кэрэ кэми…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халымаҕа тахсыбыт харыыны туоратарга 3,7 туонна дэлби тэптэрэр эбии баартыйаны ыыттылар

Дьокуускайтан Орто Халыма улууһугар муус харыытын туоратар инниттэн дэлби тэптэрэр эбии баартыйаны ыыттылар. Бу туһунан…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Саха сиригэр төһө сайылык баарый?

Саха сиригэр барыта 309 сайылык тэриллибит, диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. 255 сайылык механизацияламмыт, онтон…

1 час ago