ВЭФ-2024: Пуорум иитинэн көрсүһүүлэр

Share

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум иитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев «Газпром» ПАУо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы   Виталий  Маркеловы кытта көрүстэ. 

Көрсүһүүгэ социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэрии тула кэпсэттилэр.  Туһааннаах бырагырааманан Саха сирэ инники күөҥҥэ сылдьар.

Сүрүн боппуруоһунан Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһын буолла.   «Сибиир күүһэ» гаас ситимин таһынан баар бөһүөлэктэр гаастаныахтаахтар.

Эмиэ бу күн Ил Дархан  «Полюс» ПАУо генеральнай дириэктэрэ  Алексей  Востоковы кытта көрүстэ. Бу туһунан Айсен Сергеевич телеграмҥа:

Хампаанньа былааннарын кэпсэттибит. Ол  иһигэр  Кураанахтааҕы фабриканы кэҥэтии боппуруоһун. Туһааннаах фабрика  2025  сылтан кыамтатын 25% улаатыннарыахтаах.  Салгыы  «Полюс Алдан»  оҥорон таһаарыыны улаатыннаран, кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр былааннаах. Бу көҕүһлээһиннэрин өйүүбүн. Үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарбын, — диэн суруйда.

https://t.me/aisen_nikolaev
https://t.me/aisen_nikolaev
https://t.me/aisen_nikolaev
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана өҥөтө ыҥырыкка төһө буоларый?

Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ 18 тыһ. тахса бытыылка арыгы былдьанна

Саха сиригэр полицейскайдар сокуоннайа суох эргиниигэ анаммыт  18 тыһ. тахса бытыылка маркировката суох арыгыны буллулар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Нам улууһугар саҥа мастарыскыайдар аһылыннылар

Бэҕэһээ үөрүүлээх быһыыга-майгыга Нам тиэхиньикумугар аныгы мастарыскыайдар аһыллыбыттар. Мантан ыла устудьуоннар үс компетенциянан сатабыллары баһылыахтара:…

2 часа ago