ВЭФ-2024: Пуорум түмүктэрин таһаардылар
Бу күннэргэ Владивосток куоракка 9-с Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум Уһук Илиҥҥи федеральнай университет куорпуһун былаһааккатыгар ыытылынна. Быйылгы пуорум сүрүн тиэмэтэ – «Уһук Илин-2030. Күүспүтүн түмүөххэ, саҥа кыахтары арыйыахха».
-Пуорум кэмигэр элбэх сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүктэнээтин кытта Москваҕа, РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин салайыытынан Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тиэмэтинэн стратегическай сиэссийэ ыытыллыаҕа. Онно пуорум кэмигэр РФ Бэрэсидьиэнин өйөбүлүн ылбыт этиилэр үөрэтиллиэхтэрэ, — диэн Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев эттэ.
Тохсус илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 75 дойдуттан 7 тыһ. тахса киһи, ол иһигэр 16 тас дойдуттан кытынна.
120-чэ сиэссийэ, төгүрүк остуол ыытыллан, 700-тэн тахса спикер кытынна. Уопсайа 5,5 трлн солк. суумалаах 300 сөбүлэһии түһэрсилиннэ.
Пуорум бырагыраамата 7 блоктан турбута: «Новые контуры международного сотрудничества», «Технологии независимости», «Финансовая система ценностей», «Россия дальневосточная», «Люди, образование и патриотизм», «Транспорт и логистика: новые маршруты», «Мастер-планы: от архитектуры к экономике».
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүгүнэн, Саха сирэ 25 саҥа сөбүлэһиини түһэристэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: