ВЭФ-2024: Пуорум түмүктэрин таһаардылар

ВЭФ-2024: Пуорум түмүктэрин таһаардылар

Ааптар:
07.09.2024, 15:24
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Владивосток куоракка 9-с  Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум Уһук Илиҥҥи федеральнай университет куорпуһун былаһааккатыгар ыытылынна. Быйылгы пуорум сүрүн тиэмэтэ – «Уһук Илин-2030. Күүспүтүн түмүөххэ, саҥа кыахтары арыйыахха».

-Пуорум кэмигэр элбэх сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүктэнээтин кытта Москваҕа, РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин салайыытынан  Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тиэмэтинэн  стратегическай сиэссийэ ыытыллыаҕа. Онно пуорум кэмигэр РФ Бэрэсидьиэнин өйөбүлүн ылбыт этиилэр үөрэтиллиэхтэрэ, — диэн Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев эттэ.

Тохсус илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа  75 дойдуттан 7 тыһ. тахса киһи, ол иһигэр 16 тас дойдуттан кытынна.

120-чэ сиэссийэ, төгүрүк остуол ыытыллан,  700-тэн тахса спикер кытынна. Уопсайа 5,5 трлн солк. суумалаах 300 сөбүлэһии түһэрсилиннэ.

Пуорум бырагыраамата 7 блоктан турбута:  «Новые контуры международного сотрудничества», «Технологии независимости», «Финансовая система ценностей», «Россия дальневосточная», «Люди, образование и патриотизм», «Транспорт и логистика: новые маршруты», «Мастер-планы: от архитектуры к экономике».

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүгүнэн, Саха сирэ 25 саҥа сөбүлэһиини түһэристэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: