ВЭФ-2024: пуорумҥа түһэрсиллибит сөбүлэҥ түмүгэ – үгүс суолталаах бырайыак олоххо киирдэ

Share

Бу күннэргэ Владивостокка IX Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буола турар.

Саха сирэ бу суолталаах тэрээһин биисинэс-бырагырааматыгар сыл аайы кыттар. 2015 сылтан ыла Саха сирэ 900 млрд солкуобай суумалаах 200-тэн тахса дуогабары олохтосто. Сыл бүтэһигэр бу суумма триллиону куоһарыаҕа.

Үгэс быһыытынан бу пуорумҥа Саха сирин олохтоохторун уйгулаах олохторун тупсуутугар туһуламмыт бырайыактарга сөбүлэҥнэри түһэрсэбит”, — диэн бэлиэттээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ыытыллар үлэ түмүктээх — социальнай, инфраструктурнай уонна бырамыысаланнас эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Өссө да тутулла тураллар, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы үлэтэ ыытыллар.  Ол курдук, маннык сөбүлэҥнэр түмүктэринэн, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум суолталаах бырайыактартан “Верхне-Мунскай руда” алмааһы хостуур тэрилтэ; «Дражное» сир баайын хостуур-переработкалыыр «Тарын» көмүс хостуур комбинат; Тиксиигэ тыал күүһүнэн үлэлиир дизельнэй  комплекс; «Саюри» сылы эргиччи үлэлиир оҕуруот аһын үүннэрэр комплекс; Аччыгый Академия үөрэнэр-лабораторнай куорпуһа; Дьокуускай куоракка: 2 №-дээх балыыһа поликликатын тутуу; «Звездный» олорор дьиэ түөлбэтин тутуу; Сайсары күөл территориятын тупсаран оҥоруу; Ленин болуоссатын, Р.М. Дмитриев аатынан искибиэри, “Спортивнай” түөлбэҕэ  оҕо саадын уонна элбэх функциялаах спортивнай сааланы тутуу, Нерюнгритааҕы Киин оройуоннааҕы балыыһа “А” блогун хапытаалынай өрөмүөнэ, Арктика зонатыгар “Удачнай-Харыйалаах-Өлөөн” ВОЛС тардыы, Усуйаанаҕа аччыгый кыамталаах атомнай электро-ыстаансыйаны тутуу уо.д.а. курдук үгүс бырайыактар олоххо киирбиттэрин холобурдуохха сөп.

Быйылгы пуорумҥа Саха сирэ 25 дуогабары түһэрсэр былааннаах, уопсай инвестиция кээмэйэ 160 млрд. солк. кэриҥэ буолуоҕа. Докумуоннар бырамыысаланнас эбийиэктэрин тутууга, инфраструктура бырайыактарын олоххо киллэриигэ, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһини сайыннарыыга сыһыаннаахтар. Саамай бөдөҥ бырайыактар — Найба муора пуордун тутуу, Өймөкөөн оройуонугар сылааһынан хааччыйыы систиэмэтин саҥардыы, Тиихэй акыйааҥҥа тимир суолу тутуу,  «Арктика Синергията» бырайыагы кэҥэтии, Дьокуускай генеральнай былаанын олоххо киллэрии буолаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

7 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

10 часов ago