ВЭФ-2024: Путин Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотекатыгар 2% бырыһыаны оннунан хаалларарга сорудахтаата
05.09.2024, 17:52
Бөлөххө киир:
Судаарыстыба баһылыга пуорум пленарнай мунньаҕар Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотекатыгар сылга 2% уларыппакка оннунан хаалларар туһунан этии киллэрдэ.
“Бырабыыталыстыбаҕа маннык ипотека усулуобуйатын туһунан кэпсэтиилэр буолбуттарын билэбин. Бүтэһиктээх быһаарыы: Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотекаларын ыстаапкатын уларыппакка, сылга 2% хаалларарга,”– диэн бэлиэтээтэ Владимир Путин. Ону тэҥэ, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ кэлиҥҥи чыыһылынан, ол эбэтэр от ыйын 1 күнүттэн Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын төлөөһүн төлөбүрүн биир мөлүйүөн солкуобайга диэри үрдэтэргэ сорудахтаата.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: